Биир дьикти дьылҕалаах бэрт бэлиэ киһинэн Муода Хабырыыллатын кыра уола Сэмэн буолар. Кини убайыттан Кирилл Гаврильевичтан 4 сыл балыс, 1908 сыл сааһыгар эмиэ Сытыы түбэтигэр Илин Сыладьаакка төрөөбүтэ. Киэҥ ыырданыах буолуох киһи диэх курдук кыра эрдэҕиттэн үөрэҕинэн суудайбыта, ыраах Мэйиккэ оскуола аһыллыбытыгар күүһүнэн аҥаардаан баран үөрэммитэ. «Бу Сэмэниҥ дьиҥ-чахчы улахан үөрэхтээх киһи буолар чинчилээх. Үчүгэй чаҕылхай оҕо. Барытыгар туйгуннук үөрэнэр»,-диэн учуутала Егоров аҕатыгар эппитин истибитин туһунан Кирилл кэпсиир буолара. Мэйик 2 группалаах оскуолатын кэнниттэн үргүлдьү Бүлүүгэ киирэн 7 кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр. Онтон дойдутугар тахсан сир үллэһигин ыытыһар, Чөрөктүүрэптиин Далырга «Коммуна ыллыга» колхоһу тэрийсэр.
1930 сыл сайыныгар дьонун тиһэх төгүл көрсөн ааспыта, онно чэйдии олорон: “Дьэ, ийэлээх аҕам уонна убайым, баалаамаҥ мин салгыы үөрэнэ Дьокуускайдыырга быһаарынным, үөрэхтээхтэр үлэлиир дьоллоох үйэлэрэ кэллэ, онно мин бэлэм буолуохтаахпын”- диэбитэ. Онтон ыла Хабырыыллалаах оҕолорун тыыннаах бэйэтин көрбөтөхтөрө, сураҕын эрэ үөрэ-долгуйа, ахта-аймана сылдьыбыттара. Дьокуускайга олорор сирэ, билэр дьоно суоҕунан Алдаҥҥа тиийэн Горнай техникумҥа үөрэнэ киирбитин биллэрбит. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрээтин Алдан оройуонун норуодунай судьуйатынан быыбардыыллар, 1940 сылга диэри эҥкилэ суох үлэлиир. Ити сылларга сатыылаабыт репрессия төлөнө кинини эмиэ салаан ааспыта- олоҕо суоҕунан баайсан хаайан кэбиһэллэр. Сокуону биэс тарбаҕыныы билэр Сэмэн сытан биэрбэтэҕэ. Комсомол Киин Комитетыгар бырачыастыыр улахан суругу суруйан босхолонор уонна ол үрдүгэр хаайылла сыппыт 1 сыллаах хамнаһын уурдаран ылан үлэтигэр төттөрү киирбитэ.
Кириил быраатын кэнники дьылҕатын сиһилии билсиһэ турбута эрээри репрессияламмыт киһини үрү тутар диэн баайса сылдьыахтара диэн кимиэхэ да кэпсээбэтэ. 1988 сыл оройуоннааҕы Сэрии уонна Үлэ Албан Аатын кулуубун председателэ А.Д.Данилов ирдэһэн докумуон хомуйбутун, кэргэнин Анна Никитичнаны кытта сибээһи олохтообутун эрэ кэннэ киэҥ эйгэҕэ иһиллэр кыахтаммыта. Кэргэнэ ол суругар Сэмэн сэриилэспитин, үлэтин-хамнаһын бэрт сиһилии кэпсээбитэ: “…Биһиги эн суруккун тутан баран тылынан сатаан этиллибэттик долгуйдубут уонна үөрдүбүт,- диэн Адам Даниловичка аадырыстаан этэр. – Биһиги С.Г.Прокопьевтыын Москваҕа холбоспуппут, (Анна Никитична Москва төрүт олохтооҕо эбит-автор). Онтон сэрии иннинэ биһиги Нальчик куоракка үлэҕэ ананан барбыппыт. Онно аҕабыт Семен Гаврильевич Кабардино-Балкарскай АССР адвокатуратын коллшегиятын президиумун председателинэн талыллыбыта.
Онтон 1942 сыл немецтэр Хотугу Кавказка ыган кэлбиттэригэр Нальчикка фашистары утары охсуһар аналлаах этэрээт тэриллибитэ. Онно үксэ партийнай-советскай актив хабыллыбыта. Семен Гаврильевич кинилэри кытта уоту ортотунан Грознай куоракка барбыта уонна сэриилэһэр армиялыын холбоспуттара. Биһиги аҕабытын юстиция старшай лейтенанын быһыытынан Ленинаканскай трибуналга үлэҕэ ыыппыттара, оттон мин кырачаан кыыспынаан Ниналыын Киргизияҕа Пржевальскай куорат аттыгар эвакуацияҕа барбыппыт.
Фашистар биһиги барааппытын кытта куораты ылан, партийнай-советскай актив испииһэгин барытын түмэ тардан дьон бөҕөнү хаайталаан уонна өлөртөөн барбыттар үһү. Онно биһиги хаалбыппыт буоллар, Нальчиктан 90 км Пятигорскайга өлөрүллүбүт 10 тыһ. дьону кытта эмиэ ытыллыбыт буолуохтаах этибит. Юрист Прокопьев итинтэн салгыы Москваҕа Байыаннай Трибуналга командировкаламмыта. Кинини манна өр туппатахтара. Москва куорат аттынааҕы Коломнатааҕы 99-с стрелковай полка Байыаннай трибуналын чилиэнинэн сулууспалаабыта. Ол сылдьан Калининскай уобалас Брусилово госпиталыгар эмтэммитин туһунан ыспыраапка баар(соҕотох экземпляр буолан ыыппатым).
Мин бу сурукпун кытта Эһиэхэ үс ыспараапканы уонна кини сэрии сылларыгар түспүт хаартыскатын ыытабын. Ол үһүс ыспараапкаҕа этиллэр: «Старший лейтенант т. Прокопьев С.Г. и Мусин действительно прикомандированы к военному Трибуналу Московско-Окского бассейна в качестве членов трибунала»-дэнэр. Бу ыспыраапка 1943 с. балаҕан ыйын 9 күнүгэр илии баттамммыт»,-Анна Никитична суруга итинник чуолкай сибидиэнньэлэри биэрэллэр”.
Семен Гаврильевич тиһэх суруга дойдутугар Маҥааска 1944 сыл кэлбитэ. Кини онно: «Биһиги сэриилэһэр армия кэнниттэн 5-10 км тилэх баттаһан иһэбит. Сэрии бүттэҕинэ, кыайдахпытына, олох сири буллахха, төрөөбүт дойдум ытык астарын сылгы этин, хайаҕы кыһын сакааастаан сиирим чугаһаан эрэриттэн олус үөрэбин»,- диэн өрө көтөҕүллэн суруйбута. Онтон 1945 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр Семен Гаврильевич ыалдьан өлбүтүн туһунан биллэриини дьоно тутан улаханнык аймаһыйбыттара. Кэргэнин суругар уонна докумуоннарга олоҕуран биллиилээх журналист Е.А. Афанасьев «Байыаннай трибунал этэ» диэн уочаркатын хаһыаттарга таһаартаабыта. Ону маннык тылларынан түмүктээбитэ: «Дьэ. Итинник кырыы-быстах сиргэ түрүүн баран үөрэх уонна сүрэҕин төлөнүн күүһүнэн Семен Гаврильевич Прокопьев кылгас үйэтин чаҕылхайдык олорон аһарбытынан Маҥаас олохтоохторо, аймах-билэ дьоно сокуоннайдык киэн тутталлар». Кырдьык, Семен Гаврильевич Маҥаастартан бастакы үөрэхтээх да, сахалартан сэдэх идэлээх юрист да, киэҥ эйгэҕэ далааһыннаахтык үлэлээбит чаҕылхай личность да быһыытынан умнуллуох туһа суох, историяҕа бэйэтин бэлиэ суолун ииһин хаалларбыт киһи быһыытынан аата ааттана туруоҕа.