Бастыҥ  көрдөрүүлээх  стахановец.  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитин  кэмигэр  «Килбиэннээх  үлэтин  иһин»  мэтээлинэн  наҕараадаламмыта.  1952 с. былаанын  180%  толорон, «САССР  чулуу  булчута»  диэн  сибидиэтэлистибэ  туттарыллыбыта  уонна  республика  «Бочуотун дуоскатыгар»  аата  кыһыл  көмүс  буукубанан  суруллубута. Киис, кырынаас,  саһыл  бөҕөнү  бултуу  сылдьан,  Түҥ  элгээттэригэр  муҥхалыыр  үөрүйэҕи  дьонугар-сэргэтигэр  үөрэтэн,  баҕатын  толорон  баран,  эмискэ  ыалдьан  олохтон  барбыта.

      «От Арыылаах» эмис балыктаах, толору уулаах эбэ соҕуруу өттүгэр үрдүк өтөххө Мукучай Баһылайа Уһумаан иккис кыыһа Маарыйалыын элбэх ынах сүөһүлээх , сылгылаах сэниэ ыал олорбуттар.

     Кинилэр улахан оҕолоро Сааба үлэҕэ- хамнаска, булка эрдэттэн эриллэн улааппыт. Бу ыал оҕолоро бары кэпсэлгэ киирбит улэһиттэр, булчуттар:

— Сэргэй сатаан уһуннук олорон чэйдээбэт, тиэтэл улэһит.

— Тэрэпиин улахан уус, оһохчут. Нэһилиэк улахан дьиэлэрин барытын тутуспут. Бэл диэтэр стеклорез суох эрдэҕинэ тимири кытардан өстүөкүлэ тааһы быһан түннүгү оҥорор мындыр уус киһи этэ.

— Тайыла эмиэ булчут улэһит киһи. Сэрии кэмигэр ыалдьан олохтон туораабыт.

— Саамай кыраларын Бүөтүрү оҕото суох аймахтарыгар Кыраһа Бүөтүрүгэр ииттэрбиттэр. Аҕа дойду сэриитигэр аптаматчык буолан хорсун сэрииһит Бүөтүр түөрт мэтээл, икки уордьан кэтэн Маҥааһыгар тыыннаах кэлэр. Сэрииттэн ыараханнык бааһыран кэлээт Харбаала колхуоска бэрэсэдээтэллээбитэ, биригэдьиирдээбитэ. Кэнники кадровай булчут буолан хоту күөллэргэ андаатары кыайа хото бултуу сылдьан эмискэ охтон олохтон туораабыта.

— Улахан кыыс Киристиинэ Тылгыныга олохсуйбута.

— Кыра кыыс Настаа Васильев Алексей Петрович ( Та5аайап)  кэргэнэ этэ.

     Аҕа дойду сэриитигэр дьон чулуута бары сэриигэ бараннар колхозка оҕонньоттор, эмээхситтэр, дьахталлар уонна оҕолор хаалбыттара. Үлэһит илии тиийбэтэ. Онон Сааба кадровай булчут, сылгыһыт, муҥхаһыт этэ.

     Сайыҥҥы от былдьаһыктаах кэмигэр куҥҥэ дэһээтинэттэн ордугу охсор эбит. Эдэр кыргыттары, о5олору батыһыннара сылдьан улэҕэ — хамнаска үөрэтэрэ. «Хаһан да мөхпөт эппэт үтүө санаалаах сымнаҕас майгылаах этэ. Биһигини батыһыннара сылдьан улэҕэ — хамнаска үөрэппитэ , аҕам курдук саныыр киһим этэ» диэн тыыл ветерана Васильев Василий Васильевич, уонна да атын оччотооҕу ыччаттар махтанан «Муҥхаьыт Сааба»  кинигэҕэ ахтыыларын биэрбиттэрэ. Сэрии саамай ыарахан кэмигэр  сааскы  тоҥокко Иванов  Тит  Ивановиһы (Сонтороох Тиитэбэ) кытта тоҕус тайаҕы бултаан холкуоска  туттаран дьону аччыктааһынтан быыһаабыттара. Онно охторбут тайахтарын этин уҥуоҕуттан сулуйан ылан үллэстэн сүгэн сыарҕалаах ат сылдьар сиригэр хайыһарынан илдьэллэр эбит. Тоҥуу хаарга хайыһарбыт тостуо диэн сэрэнэр этибит диэн ахтара эбитэ үһү. Сэрии саамай ыарахан кэмигэр  сааскы  тоҥокко Иванов  Тит  Ивановиһы (Сонтороох Тиитэбэ) кытта тоҕус тайаҕы бултаан холкуоска  туттаран дьону аччыктааһынтан быыһаабыттара. Онно охторбут тайахтарын этин уҥуоҕуттан сулуйан ылан үллэстэн сүгэн сыарҕалаах ат сылдьар сиригэр хайыһарынан илдьэллэр эбит. Тоҥуу хаарга хайыһарбыт тостуо диэн сэрэнэр этибит диэн ахтара эбитэ үһү.

     Кыһын тэптиргэлээн, туһахтаан, сохсонон бултаан куобаҕы сыарҕанан таһаарара. Сэрии саамай ыарахан кэмигэр  сааскы  тоҥокко Иванов  Тит  Ивановиһы (Сонтороох Тиитэбэ) кытта тоҕус тайаҕы бултаан холкуоска  туттаран дьону аччыктааһынтан быыһаабыттара. Онно охторбут тайахтарын этин уҥуоҕуттан сулуйан ылан үллэстэн сүгэн сыарҕалаах ат сылдьар сиригэр хайыһарынан илдьэллэр эбит. Тоҥуу хаарга хайыһарбыт тостуо диэн сэрэнэр этибит диэн ахтара эбитэ үһү.

     Дьону хоргуйан өлүүттэн быыһаары салалта Сааба оҕонньору кытта сүбэлэһэннэр, муҥха биригээдэтэ тэриллибит. Хоргуйан өлөн эрэр дьону сыарҕаҕа тиэйэн, суорҕанынан суулаан, муҥхаһыттарга аҕалаллара. Очоҕосторо бааллыа диэн бастаан балык миинин ньуосканан иһэрдэллэрэ. Кэлин иһэ иччилэммитин, сэниэ киирбитин кэннэ балыгы бэйэтин сиэтэллэрэ. Аҕыйах хоноот бу дьонуҥ туран муҥхаласпытынан бараллар. Бу кэмҥэ ыаллыы Чинэкилэргэ хоргуйан ыал ыалынан түөрт уонтан тахса киһи өлбүтэ.

     Өлбүттээх, төрөөбүт дьахтардаах дьиэ кэргэнин муҥхаҕа сылдьалларын олох боппот этэ. «Туохтаах буолуой, ити барыта киһи санаатыгар эрэ баар»-диирэ. Кини муҥхата хаһан да көннөрү буолбат хата, күн аайы сэттэ, аҕыс хоппо (тонна) балыгы ылаллара.

     Күөс аһылыгыттан ордугун барытын, кууллаан баран, дэриэбинэҕэ ыыталлара. Ону оборона фондатыгар диэн ааттаан оройуон киинигэр киллэрэллэрэ.

     «Харбаала» колхозка биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕөр Муҥхаһыт Сааба хаһан да умнуллубат үтүөлээх. Кыайыы буолан кураан ааһан олох көнөр суолун тутуспута. Аны муҥхалаан ылбыт балыктарын аҥарын үллэстэр, аҥарын атыылаан дохуот киллэринэр буолбуттара.

     Саабаҕа чугас көмөлөһөөччүнэн сылдьыспыт, муҥхаҕа үөрэппит дьоно Алексей Егорович Григорьев, Петр Михайлович Тимофеев ааттаах муҥхаһыттар буола үүнэн тахсыбыттара. Маҥааска муҥха үгэһэ салҕана турара хайҕаллаах.

      Муҥхаһыт  Сааба  түөрт  оҕолоох:

— Улахан  кыыс  Ирина  сэрии  саҕаламмытын  кэннэ 1941 сыл  алтынньытыгар төрөөбүтэ,  сэрии  кэмин  оҕото.  Ыал  улахан  оҕото  буолан  ийэлээх  аҕатын мөлтүүр-кырдьар  кэмнэригэр  көрбүтэ, тулаайах  хаалбыт  быраатын , балтыларын атахтарыгар  туруорбута, идэни ылалларыгар  көмөлөспүтэ.  Кини 5 кыыстаах, бары идэлээх үлэһит  ыал дьон. Элбэх сиэн эбээтэ, билигин Дьокуускай куоракка олорор.

— Соҕотох  уола Спиридон үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлиэҕиттэн дойдутугар совхозка зоотехник, управляющай. Улэлиир кэмигэр нэһилиэк сүөһүтүн  ахсаана муҥутуурдук элбээбитэ. Совхозтан улахан туруорсуунан сылгы базатын Бэттиэмэҕэ тэрийбитэ. Совхоз бастыҥ сылгытын Бэттиэмэҕэ сылгы биригээдэтэ көрбүтэ. Онон Маҥаас сылгытын боруодата тупсубута. Уһун кэмҥэ аныгы кэм ирдэбилинэн дьиэ кэргэнин өйөбүлүнэн  бааһынай хаһаайыстыбаны ситиһиилээхтик тутан олорбута. Аҕатын туйаҕын хатаран сахалыы мындыр өйүнэн үлэни-хамнаһы,  булду тэҥҥэ дьүөрэлээн тыа мааны ыалын аҕа баһылыга этэ. Ол да курдук оҕолорун үлэҕэ- хамнаска такайан олохторун оҥостоллоругар күүс -көмө буолбута. Кини тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо этэ. Үс оҕолоох, бары идэлээх ыал дьон.

— Үһүс оҕо Мария Маҥаас оскуолатыгар пенсияҕа тахсыар дылы учууталлаабыта. Билигин бочуоттаах сынньалаҥа олорор. Маҥаас уонна Тылгыны бочуоттааҕа.

—  Кыра кыыс Александра Кэнтиккэ библиотекарынан үлэлээбитэ. 5 оҕолоох. Культура туйгуна, Кэнтик нэһилиэгин бочуоттааҕа.

     Аҕабыт айылҕаттан күүстээх — уохтаах, үчүгэй доруобуйалаах, тоһуттар тымныыны тулуйан, үлэ бөҕөну үлэлээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи эрэ баҕарар үтүө санаалаах буолан, муҥханы тэрийэн хара өлүөр дылы дьонугар сэргэтигэр көмөлөһөн аата ааттана турдаҕа» — диэн улахан кыыһа Ирина Саввична этэр.

1966 сыл. Балаҕат. 10 хоппо балык(10 тонна)

от admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *