Семенов Николай Иннокентьевич. Балдьааҥҥа олохтоох Сибиэмсик Лөгүөнтэйдээҕэр 1922 сыл уол оҕо күн сирин көрбүтэ, Ньукулай диэн сүрэхтээбиттэрэ.
Кини эһэтэ Сибиэмсик Өлөксөйү батан сэргэх сэбэрэлээх чаҕылыҥнас этэ. Сибиэмсик-Семенов Алексей Семенович тура-олоро сылдьан киэҥ Киренскэйинэн, Бодойбонон, көмүстээх Тайҕанан тэлэһийтэлээбит киириилээх-тахсыылаах киһи бэрдэ, уол оҕо өргөстөөҕө эбитэ үһү. Онно сылдьан икки уол оҕоломмут-ойоҕор хаалларбыт уола Иван Федотович Бойлохов диэн буолбут, дойдутугар кэлэн аатырбыт кыһыл партизан, Арбаҥда колхоз тэрийээччитэ уонна салайаачыта, оһуокайдьыт чулуута, улуус бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Ньукулай улаатан баран Мотуруоска олорон эһэтин көрбүтэ-истибитэ. Сибиэмсик сиэнэ сэрииттэн эргиллэригэр тиийбэккэ Сонтороохторго олорон 104 сааһыгар өлбүтэ, уҥуоҕа Быталаахха баар.
Сэрии иннигэр «Саҥа олох» колхозка киирэн үлэ үөһүгэр эриллибитэ. Сайын окко үлэлии сырыттаҕына бэбиэскэ кэлбитигэр 1942 сыл Афанасий Семеновтыын, Андрей Львовтуун сэриигэ аттаммыттара. Мальтаҕа 3 ый үөрэнэн, Байкал илин эҥэригэр 1 ый авиапорт тутуһан баран, кыһын Харьковка поеһынан куугунатан тиийэр. Куорат киин болуоссатыгар буолбутпарады сөхпүтүн кэпсиир буолара, онно ыраахтан маршал К.Е. Ворошиловы көрбүтүн, тыл этэрин истибитин киэн тутта, саныы сылдьара. I Украинскай фронт састаабыгар киирэр туспа пулеметнай полк рядовой стрелогунан кыайыы күнэ күөрэйиэр диэри Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитэ, үгүс өлүүнү, хаан тохтуутун, харах уутун көрсүбүтүн киһи ааҕан сиппэт.
Бастакы улаханнык бааһырыытын туһунан маннык кэпсээбитэ: “ Атаакаҕа турдубут. Өстөөх пулемет, миномет кутаалыыр уотунан көрүстэ, артиллерийскай снарядтар ити-бу тоҕута бараллар. Ону ол диэбэккэ, иннибит диэки муҥ кыраайынан түһэн истибит. Арай , эмискэ үрдүбүтүгэр өстөөх бомбардировщиктара, мессершмидтэрэ баар буола түстүлэр, кутаа уотунан куппутунан бардылар. Биһиги кэккэбит сылбах курдук охтор, ол үрдүнэн кимэн киириибитин кубулуппаппыт. Биирдэ окуопа үрдүнэн ойон эрэрим баара да ханна барбыппын билбэккэ хааллым. Украинаҕа госпитальга өйдөммүтүм бааһырыы дириҥэ, контузия кытаанаҕа буолбут“.
Үтүөрээт, чааһыгар төттөрү утаарыллыбыта, ол ыккардыгар Сэбиэскэй сэриилэр өстөөҕү Ийэ сиртэн сиппийэн таһаара охсубуттар этэ. Онон чааһын Краков анныгар тиийэн сиппитэ, эмиэ хабыр хапсыһыыга киирсибитэ. Өстөөх үүрүллэн да истэр, оттон-мастан тутуһан улахан утарсыыны оҥороро, өлөр мөхсүүтүнэн тиргиллэн өссө күүһүрбүккэ дылы буолара. Пехотинец Семенов быарынан сынан бүтүн Европа илин эҥэрин туораан Берлиҥҥэ тиийэн иһэн эмиэ араанньы буолбута. Ити сырыыга атаҕын тосту ыттарбыта. Немецтэр таҥараларын дьиэтигэр арыллыбыт госпитальга үс ый эмтэммитэ. Атаҕын, хата, быспатахтара, үтүө быраастар абыраабыттара диэн өлүөр диэри махтанара.
Дойдутугар 1945 сыл атырдьах ыйыгар кэлэн, туох да буолбатаҕын курдук, урукку үлэтин салҕаабытынан барбыта. Совхоз ыһыллыар диэри производство араас салаатыгар дэгиттэр үлэлээбитэ.