Бэс ыйын 20 күнүгэр 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар, Маҥаас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха «Кубалыҥда» учаастагар хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1943 сыллаахха бэс ыйын 14 күнүгэр Советскай Армия ыҥырыллыбыта. Японияны кытта сэриилэһиигэ сылдьыбыта. Монгольскай народнай республикаҕа 17 – с действующай армияҕа, 284 стрелковай дивизияҕа, 1047 – с стрелковай полкаҕа, 3 батальоҥҥа, 8 ротаҕа, 1 взводка, 1 отделенияҕа автоматчик саллаатынан службалаабыта. Советскай Армияҕа службалыы сылдьан боевой уонна политическай бэлэмнэнии туйгуна этэ. Ол туоһутунан 1949 сыллаахха, ахсынньы 5 күнүгэр, конституция күнүгэр “Боевая вахта” диэн красноармейскай хаһыакка уонна политическай бэлэмнэнии туйгуннарын, ахтыыларын бэчээттээбиттэрэ, онно “Справедливая власть” диэн ахтыыта бэчээттэммитэ. Ол хаһыат Бүлүү куоратын «Албан аатын музейыгар” баар.1944 сыллаахха комсомол чилиэнэ буолбута. Дойдутугар 1950 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ. 1965 сылтан ССКП чилиэнэ этэ. 1951 сылтан 1983 сылга диэри Бүлүү оройуонун Ис дьыалаҕа отделыгар сотруднигынан үлэлээбитэ.
Пенсияҕа да тахсан баран үлэтэ суох олорботоҕо Бүлүү оройуонун КГБ отделыгар вахтерунан үлэлээбитэ.