Маҥаас нэһилиэгиттэн уон тоҕус саастааҕар, 1943 сыл армияҕа ыҥырыллыбыта.
Маҥнай Мальтаҕа, Усть Кехтигэ тиийэн үлэлээбитэ, онтон Горькай куоракка 4 ый артиллеристар курстарыгар үөрэммитэ. Онон онно автоматнай ротаҕа сыһыарыллыбыта. Итинтэн салгыы Советскай Союз Маршала Конев командующайдаах 1 Украинскай фронт 4 — с дивизиятыгар сулууспалаабыта. Киев, Орел туһаайыыларынан кимэн киириигэ сылдьыспыта. Харьковтан өстөөҕү үлтү сынньан таһаарыыга, урут хаһан да түбэспэтэх кыргыһыытыгар сылдьыбытын ахтыбытыттан: — Күһүөрү этэ. Сарсыарда 5 чаастан саҕалаан «Катюшалар» ытыалаан кууһурҕаппыттара. Үрдүбүтүнэн түүтэх саҕа уоттар субурус — субурус гыммыттара. Саҕах соҕотохто сандаарыйа күлүбүрээбитэ. Сир — дойду айаас сылгы курдук өрө турбукка дылыта. Тыас — уус ньирилии — ньиргийэ, битийэ — тибийэ олорбута. «Сэрии таҥарата» артиллерия барахсан үлэлээн тиҥийбитэ. Чаас аҥара бириэмэҕэ соҕотох орудия сүүһүнэн снаряды атаарбыта. «Ураа!» хаһыыннан салгыны сатарытан, фрицтэри кутталга киллэрэн, пехота инники кирбии диэки ыстаммыта. Күөнүгэр түбэспити илдьи солоон, түҥнэри көтөн башняларыгар сулустаах ыарахан танкалар мөлбөрүспүттэрэ. Уонунан бомбардировщиктар, истребителлар лыыгынаспыттара. Харьков дьэ, ити курдук босхоломмута. 1944 с алтынньытыгар, буойун Польша Арҕааҥҥы Сандомирын онтон сотору Краковы фашистартан ыраастааһыҥҥа кыттыбыта. Хас да гитлеровецтар бөҕөргөтүүлээх обороналарын тоҕу көтүспүтэ. Германия, Бреслау….
Манна атын дойду буоругар, Ороһу Тамалакааныттан сэриилэһэ тиийбит Спиридон Чалбановы окуопаҕа таптаран охтубутун өйдөөн хаалбыт.
Одер өрүһү буулдьа тобураҕын аннынан, үгүс сиэртибэннэн туорааннар 1 Украинскай, 1 Белорусскай фроннар холбоспуттара. Соҕуруу Берлин…
Бу Аан дойду иккис сэриитин төлө тардыбыт, хаанымсах сиэхситтэр арҕахтара улаханнык алдьанан — кээһэнэн көрсүбүт. Немецтэр хас дьиэ, хас квартал урусхалын ахсыттан кытаахтаспыттар, төбөтүн быстарбыт сиэмэх көтөрдүү мөхсүбүттэр. Ол эрээри кырдьыктаах дьыала өрөгөй долгунунан саба хабыр санаа модун буурҕатыгар кубулуйбуттар.
Ыам ыйын 2 күнүгэр 1945 с службалыыр чааһа Берлинтан уһуллан Чехословакияҕа ыыппыттар.