1943 сыллаахха, Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта. 1945 сылга диэри Монголияҕа 223 сапернай инженернай батальоҥҥа рядовой саллаатынан сулууспалаабыта. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр сарсыарда кыраныыссаҕа тиийбиттэрэ.
Онно бастакылары түүн 12 чаас саҕана көҥү көтөн ааспыттар. Гинган хайатын түөрт суукка устата 17 буолан туораабыттара. Атырдьах ыйын 15 күннгэр 1945 сылга Толонур куораты суукка аҥаарыттан ордуксэриилээн ылбыттара. Бу куораты ыларга танкалары туһаммыттара. Куорат улаханнык алдьанан, киһи — сүөһү биллэрдик аҕыйаабыт этэ. Бу кэмҥэ ардах күүскэ түһэн, техника кыайан сылдьыбата. Туох баар сэриилэрин сэбин сүкпүтүнэн биир нэдиэлэ сатыы Гинган хайатынан Япония диэки хайысханы тутуһан барбыттара.
Аара суолга Японнар оргуйан, элбэх киһи араанньа буолбута, өлбүттэрэ. Ити бириэмэҕэ ким окуопатын түргэнник хаспыт, түргэнник саспыт тыыннаах хаалара. 03 lIX. 1945 сыл сэрии бүппүтэ, Кыайыы кинилэргэ буолбута. Сэрии кэнниттэн Китайга баар Жике диэн куоракка, памятник туруорбуттара. Онтон 1946 сылга Армияттан босхолонон кэлбитэ.
Дойдутугар кэлэн 1946 — 1950 сс «Саҥа олох» холкуоска атыыһытынан үлэлээбитэ. 1950 — 1951 сс холкуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ. 1951 — 1959 сс Маҥаас үс холкуоһа холбоһон «Микоян» холкуос буолбута. Онно биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1960 сылтан Маҥаас смешаннай маҕаһыыныгар, онтон продуктовай маҕаһыыныгар атыыһытынан үлэлээбитэ.