Петров Петр Васильевич Мукучай Баhылайдааҕар 1916 сыл бэhис о5онон күн сирин көрбүтэ, Бүөтүрүөп таӊара күн төрөөбүтүн иhин Бүөтүр диэн сүрэхтээбиттэрэ. Сытыы-хотуу, турбут-олорбут, үтүө-мааны, сырдык-ыраас сэбэрэлээх киhи буола улааппыта. Кэлин оскуола арыллыбытыгар улаатан баран үс кылааhы бүтэрбитэ.
Хоhуун, үөрэхтээх ыччаты колхозка биригэдьииринэн үлэлэтэллэр, онно дьону кытта табан быhаарсар, тэрийэр-түмэр дьоҕура арыллан тахсар. Үлэни-хамнаhы үмүрү-хамыры тутан кыайыылаахтык салайар, көлөhүн күнүн кими да баттаабакка-үктээбэккэ тута таhааран иhэр аламаҕай уолу дьоно-сэргэтэ олус сөбүлээбитэ, ытыктаабыта.
Бэбиэскэни от үлэтэ үгэннээн эрдэҕинэ туттараллар, барааччылар сэбиэт таhыгар мустубуттарын атаара бөhүөлэк дьоно бүтүннүү сууллан кэлбитэ. Бу 1941 сыллааҕы аан бастакы ыӊырык этэ, суолу солооччулар оччотооҕу быhымах санааларыгар тиийээт өстөөҕү хампы сынньан, кыайыы-хотуу көтөллөнөн сотору эргиллиэхпит диэн этэ. Ыӊырыллыбыттар ортолоругар бары Бүөтүр атастара-доҕотторо, үөлээннээх уолаттара: Чоӊороттон Бяллигирянов Лазарь Никифорович, Илларионов Спиридон Петрович, Илларионов Василий Николаевич, Харбаалаттан Прокопьев Сергей Васильевич, Яковлев Петр Яковлевич, Семенов Степан Спиридонович, «Саӊа олохтон» Федотов Данил Петрович, Тимофеев Данил Игнатьевич, Яковлев Николай Игнатьевич, Афанасьев Афанасий Николаевич бааллара. Кинилэр кылгас миитин кэнниттэн аллаах аттарын үрдүгэр түhээт, Булҕаhа булуӊунан тус соҕуруу түhэн бур5аӊната турбуттара, кэннилэригэр аймах-билэ дьоно ытаhа хаалбыттара. Бүөтүр Маарыйата ыарахан этэ, онон иккис кыыс Лиза сэриилэhэ сырытта5ына төрөөбүтэ, атыттар сорохторо эмиэ саӊардыы кэргэннэнэн оҕоломмут-урууламмыт кэмнэрэ этэ.
Үөhээ бүлүүттэн 700-кэ ыччат түмсэн, борокуотунан суостаах суолу тутан айаӊӊа туруммуттара, төрөөбүт ийэ буордарыттан уйадыйа арахсыбыттара. Мальтаҕа тохтоон байыаннай дьыала5а үөрэммиттэрэ, ыкса күhүн Москва анныгар илдьэн түмпүттэрэ. Бөтүр Өктөөп 14 сылын туолар бырааhынньыгар Кыhыл болуоссакка буолбут историческай парадка кыттан улуу Сталины астына көрбүтэ, тыл этэрин долгуйа истибитэ уонна сааскы халаан уутунуу халыйар хаан тохтуулаах хабыр хапсыhыыга, кырыктаах кыргыhыыга биирдэ баар буола түспүтэ. Ол тухары ыкса атаhынаан, Тыаhыт уола Сэргэйдиин, сэргэстэhэ сылдьыбыттара, атаака5а кэккэлэhэ киирбиттэрэ. «Ураа!» хаhыынан өстөөххө уун-утары астаран иhэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, Сэргэйэ хаhыыра түhээт, охтон эрэр эбит. Бөтүр доҕорун сүгэн кэннилэриттэн батыhан иhэр санчааска туттараат, төттөрү ыстанан ыраата охсубут ротатын ситэн ылбыта.
Биирдэ харабылга турда5ына биэс ньиэмэс саллаата «тыл» ыла сыыллан иhэллэрин сэргэх муӊутаан көрө охсор, үс киhитин сонно утуу-субуу охтортуур, ордубут иккитэ тыаҕа түhэн буут биэрэллэр. Онно «Бойобуой үтүөлэрин иhин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Улуу булчут удьуора буолан булугас өйдөөх, ураты мындыр хаачыстыбатын сыаналаан үксүн разведкаҕа сырытыннараллара, биирдэ сержант Петров икки саллааты ылан «тыл» ыла барбыттар. Өстөөх тыылыгар тахсан үрдүк сололоох фриhи тутан аҕалбыттарыгар командира сөхпүтэ-махтайбыта, тута наҕараадаҕа түhэрбитэ. Үөhээ бүлүү үрдүнэн барыта 24 буойун Албан Аат 3-с степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыт буоллаҕына, олортон биирдэстэрэ Петр Васильевич этэ.
Бүөтүр дойдутугар 1945 сыл бүтүүтэ кэлбитэ. 1960 сыллаахха баара-суоҕа 44 сааhыгар, үлэтин-хамнаhын ортотугар олохтон туораабыта.