Сэриигэ 1942 сыл от ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Иркутскай куорат таһыгар Мальта диэн тимир суол станциятын байыаннай чааһыгар, 112 с стрелковай полкатыгар, атырдьах ыйын 17 күнүгэр тиийэн сулууспатын саҕалаабыта. 1943 сыл муус устартан 59 с кавалерийскай дивизия 252-с полкатыгар кавалерист пулеметчигынан сылдьыбыта. 1945 с дивизиянан Японияны утары сэриигэ барар буолбута.
Забайкальскай фронт сэриилэрин састаабыгар
киирэн Монголия народнай республикатын ис монголияҕа Китай границатыгар атырдьах ыйын 8 күнүгэр, сарсыарда. 5 чааска тиийбиттэрэ. Границаны туораан Китай сиригэр киирэн Долонор диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа Кэхэ куоракка киириигэ Япония сэриилэрин утарсыыга киирсибиттэрэ. Сэрии ити бириэмэтигэр Афанасий танковай десанынан сылдьыбыта. Кэхэ куоракка тиийиилэригэр Японияҕа кытта сэриини түмүктээбиттэрэ. Бу сылдьыбыт чааһыттан 1946 с ахсынньы ыйга Читаҕа 144 отдельнай ротаҕа ыыппыттара. Бу чааска 1947 с кулун тутарга дылы охранаҕа сылдьыбыта. 1947 с кулун тутар ыйга указка сөп түбэһэн дойдутугар демобилизацияланан кэлбитэ. «Японияны кыайыы» медалынан, И.В.Сталинтан хайҕал грамоталардаах, юбилейнай медаллардаах.