Биир эмиэ дьикти дьылҕалаах киһинэн Н.И.Яковлев буолбута. Кини 1941 с. сэриигэ аттанарыгар 22 саастааҕа, «Саҥа олох» колхозка тимир ууһунан үлэлии сылдьан бэбиэскэ туппута. Онон да буоллаҕа буолуо, бойобуой танка экипаһыгар киирсэн, стрелогунан сулууспалаабыта. Кини экипаһа элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыыларга кыттан, үксүгэр кыайыылааҕынан тахсара. Тиһэх хапсыһыыта историяҕа киирбит Курскай тоҕойунааҕы уот биһилэҕэ буолбута. Оо, ол ынырык хартыына этэ! Ньукулай танковай полката охсуһуу оройугар түбэспитэ, кинилэри утары туох да хомурбат халыҥ куйахтаах аар-саарга аатырбыт «пантералар», «тигрдэр» тоҕу анньан киирбиттэрэ. Ньукулай ыттаҕын аайы «эккэ» түһэрэн куйахтан тэйитэрэ, ол быыһыгар тыын сирдэрин булларан, кинилэр бэйэлээхтэр да буоллар, кулуһун курдук күүдэпчилэнэ умайаллара.
Ити курдук төһө өр кыдыйсыбыттарын, ким кыайан-кыайтаран эрэрин Ньукулай бэйэтэ да билбэт. Биирдэ дөйүтэр күүстээх охсууттан ханна барбытын билбэккэ хаалбыта, кылам гынан өйдөнөн ыларыгар умайан кутааланар танкаттан оруу сатыы тураллар эбит. Онно кини икки атаҕын, сиһин кумалаппытын таһыгар улахан контузияны ылбыта. «Кыһыл Сулус» уордьанынан, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыттара.
Итини барытын биһиги букатын хойут билбиппит, дьоно-сэргэтэ кинини өлбүтүнэн ааҕан харахтарын уутун бараабыт, аһыылара мүлүрүйэ, сүрэхтэрин бааһа чэрдийэ быһыытыйбыт кэмэ этэ. Арай 1983 с. ыраах Саратовтан сурук тигинээн кэлэр, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолар – сураҕа суох сүппүт киһилэрэ тыыннаах эбит! Ол сурукка олоҕун остуоруйатын олоччу суруйбут – госпитальтан госпитальга көһөрүллэ сылдьан өр эмтэммит, икки атаҕын быстаран, сиһэ хамсаппат гына хам ылан дойдутугар тиийэн кэлэр кыаҕа суох буолбут, онон Саратовскай уобалас Балахово куоратыгар 1-кы группалаах сэрии инбэлиитин инбэлииттэр дьиэлэригэр сытыарбыттар. Дойдутугар биирдэ суруйа сылдьыбыт үһү да эппиэт кэлбэтэх, ол иһин аймахтарым бары эстибиттэр быһыылаах диэн кэлин Маҥааска талаһара уҕараабыт. 1951 с. украинканы кэргэн ылан, 1953 с. кыыс оҕоломмут уонна ийэтин Маарыйа аатын биэрбит.
Хорсун буойун Николай Игнатьевич 1989 с. лоп курдук 70 сааґыгар олохтон туораабыта. Ити курдук сэрии төһөлөөх киһи дьылҕатын түөрэ ытыйбытын, олоҕун алдьаппытын ким ааҕан ситиэ баарай?!