1941 сыллаахха, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, төрөөбүт Маҥааһын нэһилиэгиттэн, фашисткай Германия уодаһыннаах сэриитин утары охсуһууга Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта.
Бурятияҕа 4 ый байыаннай курска үөрэнэн баран, ыраах Ленинградскай фроҥҥа быраҕыллар,,сэрии ынырык хартыынатын көрбүтэ уонна сэрии уотун ортотугар бастакы сүрэхтэниитин ылбыта. Кулун тутар 1 күнүгэр 1942 сыллаахха Ленинград тулатын өстөөхтөн көмүскэспитэ. Ол онно түөрт төгүл ынырык түгэннэри көрсүбүтэ. Ол түгэннэр, хапсыһыылар, хойукка
диэри өйүттэн сүтэн биэрбэтэхтэрэ. Ленинград соҕуруу, хоту, илин өттүлэригэр немец штабтарын урусхаллааһын, үүрүү этэ. Немец сүрүн күүһүн үлтүрүтүүгэ кыттыһан иһэн, төбөтүгэр, илиитигэр ыараханнык бааһыран, урукку Молоторскай уобаласка Кунгур куоракка ыам ыйыттан, балаҕан ыйыгар дылы госпитальга эмтэнэн баран 1942 сыл кыһыныгар дойдутугар төннөн кэлбитэ. Бу ынырык сэриигэ бэрт элбэх бырааттыы – убайдыы нациялары кытта бииргэ өстөөҕү Советскай сиртэн үлтү сынньан үүрэргэ биир санааннан охсуспута. Онно Николай Федорович табаарыстара, украинец Ковонко, нуучча Синицын,татарин Горохов, бурят Сырандан Ибеев сэрии толоонугар охсуһа сылдьан геройдуу охтубуттара. Онтон Николай Федорович, төһө да инвалид дойдутугар кэлэн, араас өрүттээх үлэҕэ кыттыспыта. Оччотооҕуга сэрии иннигэр, 1935 сыллаахха Маҥаас нэһилиэгэр Харбаала холкуос тэриллэн үлэлээһинигэр активнай кыттыылааҕа этэ. Ветеринар идэтин толору баһылаан, үгүс сылларга сүөһүнү эмтээһиҥҥэ Маҥаас, Дүллүкү нэһилиэктэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа да тахсан баран, совхоз араас үлэтигэр, үлэлээн ааспыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбытын иһин, араас сылларга медалларынан, уонна Слава орден lll степенин кавалера диэн знактарынан наҕараадаламмыта.