Уоттаах сэриини этинэн – хаанынан билбит, уу хараҕынан көрбүт, сэрии инбэлиитэ буолбут Кирилл Гаврильевич Прокопьев 1904 сыллаахха Маҥаас Сыладьаак күөлүн кытыытыгар төрөөбүтэ. Кирилл уолу. Биир да сыл оскуола паартатыгар олорботох киһини 1936 сыллаахха 1 Боотулуу эргиэн үлэтигэр аныыллар.1938 сылга Маҥааска “Харбаала” колхоз бастакы председателинэн быыбардыыллар. 1942 с. бэс ыйыгар фроҥҥа барар. Салгыы Кирилл Гаврильевич бэйэтин ахтыытыттан киллэриэм.
«Сахалар аара онно – манна суйданан Сургуулук киһитэ Иванов Ефрем Ивановичтыын тохсунньуга Сталинград фронугар тиийбиппит. Чааспыт 62 стрелковай пехотнай биригээдэ диэн этэ. Ити киинэҕэ көрдөрөллөрүн курдук граната, пулемет, автомат эҥин диэн суоҕа. Саллаат баһыгар биирдии бинтиэпкэ, онтукпутугар ботуччу ботуруон – онон бүтэбит.
Арай биһиги 3 грузовой массыынаннан биир дэриэбинэҕэ барыы буолла. Тиийбиппит – дэриэбинэ кураанах. Салгыы барабыт диэн кэбиһиилээх оттордоох киэҥ сиргэ таҕыстыбыт. Отторго чугаһаан истэхпитинэ биир немец танката ньирилээбитинэн от иһиттэн тахсан кэлбэт дуо?! Бастакы снаряда бастакы массыынабыт иннигэр саайда. Өлбүт, араанньы буолбут кузовка хаалла быһыылаах. Ордубут саллааттара умайа охсубут от буруотун диэки сырыстылар. Биһиги эмиэ кузовтан ойон түһэн буруо диэки сүүрүү, мин үгэспинэн бастакы массыынаҕа олорубут Лэппириэммин харахпынан көрдүүбүн, киһим дьонун кытта сүүрэн эрэрэ. Тулабытыгар буулдьа куһуйан олорор. Биһиги кураанах массыынабыт дьонун тиэммитинэн ыраатан эрдэҕинэ, дьэ таптылар ээ, доҕор. Массыыналыын, дьоннуун бары дэлби бардылар.
Тыас – уус, маат – куут саҥа ыһыы – хаһыы, сирдиин – халлаанныын этиҥнии ньиргийэн олороро. Арай көрбүтүм Лэппириэним сытар. Мин ол диэки сүүрдүм. Саамай буулдьа мустан ааһар сиригэр сытаахтыыр эбит. Бэйэбин да буулдьалар сиритэ көтөн аастылар. Киһибэр 5 – 6 хаамыы кыайан тиийбэтим. Салгыы бардахпына
буулдьа курдары ааһыах курдук. Ытыы – ытыы, Лэппириэн бырастыы – диэн ботугураахтаатым. Ити киирисииттэн аҥартан аҥарбыт, тахсаахтаабыта. Миигин 4 буулдьа сиритэ көппүт этэ. Түүннэри – күннэри үксүн аһаабакка, утуйбакка, тоҥон – хатан сылдьыы диэн онно этэ. Кыһыҥҥы түүн хараҥаҕа хааман иһэн, туохтан эрэ атаҕыҥ иҥиннэҕинэ, ээ өлбүт киһи тоҥон сытар диэн эрэ санаан ааһаҕын.
Онтон, улахан дэриэбинэни ылабыт, бэлэмнэниҥ, диэн буолла. Дьэ, атаака буолла. Дэриэбинэни көрбүтүнэн ытыалыы – ытыалыы киирдибит. Бэтэрэннэн үрэх баар эбит. Немецтэрбит онно сыппыттар. Эмискэ уот астылар. Биһиэхэ чугуйуу диэн суох буолуохтаах. Хас да буолан хаал. 3 – 4 – 5 хаамыыны сүүрэ – сүүрэ сытан ыта – ыта киирэ туруохтааххын. Табаарыстарбын кытта ол үрэх тоҕойугар чугаһаан испитим. Арай биирдэ туран сүүрэн иһэн, хаҥас атахпын көтөҕөн эрдэхпинэ, хаҥас буутум ньиргийэ түһээтин кытта, кэннибэр үс миэтэрэ кэриҥэ эһилинним. Буулдьам күүһүн онно билбитим.
Баламат ыарыыттан мэй – тэй барабын. Ол курдук, түүн үөһүгэр диэри сытаахтаатыбыт. Кэмниэ – кэнэҕэс биир грузовой массыына кэллэ, тиэтэллэрэ сүр, эн ыарый да хайаа – кузов үрдүгэр быраҕаттаатылар. Мин, уопсайынан иэдэйэн бардым. Хайа эрэ санчааска кэлэн «һуу» гынан эрдэхпинэ, биһиги 61 – тэрбит, 62 – тэри ылбаппыт бэйэҕит киэҥҥитин көрдөөҥ диэтилэр.
Эмиэ түҥ – таҥ айан саҕаланна. Суоппарбыт хайа эрэ дэриэбинэҕэ аҕалан, ыалларга түҥэтэн абыраата. Оо, онно үчүгэйиэн, билигин да умнубаппын. Сарсыарда санчааска ыллылар. Биир таптарбыты оҥоро тураллара. Хаһыыта – ыһыыта билигин да кулгаахпар иһиллэр. Буулдьа ахтам аннынан, буотарахпын хата таарыйбакка көп эппинэн тахсыбыт. Операциалаабыттара. Дэриэбинэ дьоно биһигини аһынан бөҕөлөр. Сибиинньэ сыата, килиэп, үүт күн аайы аҕала тураллар. Аһыырбытын көрө – көрө ытамньыйаллар. Биһиги да ыарыыбытыттан, доҕотторбут тыыннара быстарыттан ытаһарбыт элбэх. Дьэ, онно этэ омугу иҥин быһаарсыы суох, бары биир өлүүгэ сыттахпыт, бары тэҥҥэ аһыйарбыт.
Госпитальга айаннаан 3 операцияны аастым. Хаамыахха баҕа баһаам да атаҕым олох хаамтарбат. Саратов куоракка сайыны көрүстүм. Таһырдьа от – мас көҕөрөн үчүгэйэ сүр. Табаарыстарым, атахтаан дьон иллэҥ буоллулар да таһырдьаттан киирбэттэр. Биир күн сүбэлэспиттэр быһыылаах, күөх окко көтөҕөн таһааран олордон кэбистилэр. Онно олорон оту сыллыы – сыллыы , дойдубун ахтан тото ытаабытым. Хирурдар бааспын бэрэбиэркэлээн хайа астылар да, сытыйбыт куһаҕан сыт тахса турар. Эмиэ хат киирэн ыраастаан, тигэ сатыыллар. Биир медсестраны биэрэн күн аайы хаамтара сатыыллар этэ. Кыыһым киирэн хаамтарбыт күнүгэр бэргиибин, сыппыт күммэр ама буолабын. Ол иһин эдэркээн оҕоҕо, куттаныма, этиэм суоҕа, хаамтарбытым диэн сүбэлэһэн баран чахчы да сытынан кэбиспитим.
4 бухааҥка килиэп, балык ыһыктаах, бастакы группалаах инбэлиит буолан, биир сыл отсрочка диэн кумаахылаах тахсыбытым. Усть – кутка диэри поеһынан эрэй бөҕөнү көрөн айаннаан кэлээхтээбитим. Үтүө дьоннор көмөлөрүнэн ичигэс таҥас иҥин булунан кулун тутар 24 күнүгэр дойдубун булбутум. Хас да сыл эрэй бөҕөнү көрөн баран кэм дьон сиэринэн арыый хаамар буолбутум». Ханна ыыппыт сирдэригэр, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Эмиэ да эргиэнигэр, эмиэ да сельсовет председателинэн. 1960 сыллаахха Маҥаастан оройуон киинигэр көһөн киирбитэ.