Хаһыҥ-ардах аргыстанан,
Халыҥ көмнөх үллүктэнэнэ
Көмүс дуйун бүрүнэн
Күлүмнээтэ кэрэ күһүн!
Биһиги нэһилиэкпитигэр балаҕан ыйын 17 күнүгэр «Көмүс күһүн» тэрээһин буолан ааста. «Күһүҥҥү киьи күлбүтүнэн» — мээнэҕэ эппэттэр. Сайыны быһа үлэлээбит, буспут-хаппыт көлөһүммүт түмүгэ көстөн ааста. Биһиги бу күһүҥҥү күлүмнэс күҥҥэ, 4 хамаандалаах күрэх буолла. Биһиги айылҕабыт бэлэҕинэн «Королева осень» авангард күрэҕэ, оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут минньигэс бүлүүдэ курэҕэ, көмус-күһүн темалаах «стенгазета» оҥоһуута, ону таһынан 30,50,70,90 сыллардаах ретро мода көрдөрдубут. Күһүҥҥү темалаах фотозонаҕа хаартыскаҕа түстүбүт, арааһынай көрдеех оонньуулары оонньоотубут ол кэннэ бары көхтөөхтук биир остуол тула мустан үөрэ-көтө чэйдээн сэһэргэһэн тарҕастыбыт.