1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун, Маҥаас нэһилиэгин, Чоҥоро таһыгар Көлөт алааска дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ.

1932 сылтан – 1940 сылга диэри Сталин аатынан колхозтааҕа, бу иһигэр биригэдьиир инэн үлэлиир. Онтон Маҥаас нэһилиэгин Советын исполкомун председателин солбуйааччытынан үлэлиир.

1941 –1944 сылларга Чоҥоро лааппытын сэбиэлиссэйинэн, атыыһытынан үлэлиир. 1941 сыл Үөһээ Бүлүү сельпотугар председателинэн үлэлии олорон Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан балаҕан ыйыгар бастакы этабынан барар. 1941 – 1942 сылларга сэриигэ бастакы сүрэхтэниитин Москва куорат таһыгар немецскай фашизмы үлтүрүтүүгэ кыырыктаах кыргыһыыларга киирэн бойобуой суолу тэлэр. 1942 сыл иккис аҥаарыгар бааһыран сэрииттэн төннөн кэлэр.

1942 сыл балаҕан ыйыттан 1944 сыл саҥатыгар диэри Үөһээ Бүлүү уонна Далыр сельполарын председателинэн үлэлиир. Онтон салайар үлэҕэ дьоҕурдаах үлэһит быһыытынан көрөн оройуон салайааччылара тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга быһаччы этии оҥорбуттарыгар биир санаанан колхозтары бөҕөргөтүүгэ турунар.

 

от admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *