1942 сыл бэс ыйыгар Бүлүү педучилищетын бүтэрэн диплом ылаатын, сэриигэ ыҥырык туппута. Бүлүү оройуонуттан, хас да буолан бииргэ Мальта призывной пуунугар тиийэн карантины ааһаллар, байыаннай бэлэмнэниини ааһаллар Күһүнүгэр үгүстэрин арҕаа фроҥҥа ыыталыыллар. Петры илин Монголияҕа Чойбоксан куоракка младшай командирдары үөрэтэр полковай оскуолаҕа 6 ый үөрэтэллэр. Младшай сержант званиятын ылар. Маҥнай отделения командирын көмөлөһөөччүтүнэн,онтон 1944 с сержант званиятын ылан отделения командирынан ананар. 1942 с 127-дээх Краснознаменнай мотострелковай полкаҕа младшай командирдары үөрэтэр, оскуолаҕа курсант — Забайкальский фронт 1942 с 293 дээх Краснознаменнай мотострелковай полка , Забайкальскай фронт 17 армиятыгар отделения командирынан. 26/VII — 45.с 17 армия, Забайкальскай фронт 15 отдельнай разведовательнай батальонугар писарынан батальон штабыгар. Ити сулууспалааһын барыта Монгольскай народнай республика территориятыгар, Халкин — Гол өрүс кытыытыгар, Тамсаг — Булаг диэн китайы кытта граница 20 км куоракка сулууспалаабыта. 1945 с атырдьах ыйын 9 күн Японияны утары сэрии саҕаламмыта, Китай территориятын босхолооһун саҕаламмыта. Онно улахан охсуһуу буолбута, үөһэннэн авиация кыайбыта. Сэриини Петрдаах чаастара Китай территориятыгар Мусден куоракка түмүктээбиттэрэ.
Кинилэр бүтүн чаастарыгар И.В.Сталин мэтириэттээх благодарность суругу туттартаабыттара. Японияны Кыайыы иһин медаллары биэртэлээбиттэрэ. Китай территориятыгар балтараа ый буолбуттара, онтон салгыы Монголияҕа Тимвак — Булахха кэлэллэр. 1946 с ыам ыйыгар учууталларыбосхолуур указка сөп түбэһиннэрэн, демобилизацияланан кэлбитэ. Петр Акимович Акимов өр сыл нэһилиэк салайар үлэтигэр үлэлээбитэ. 2018 сыллаахха ахсынньы ыйга олохтон туораабыта.