Дойдутун дьоно кинини Тыаһыт Сэргэйэ диэн судургутук ааттыыллара. Аҕата Муода уола Тыаһыт Баһылай, ийэтэ Далыртан төрүттээх Хадаҕайа кыыһа Аана диэннэр этэ. Сэргэй сэриигэ аан бастакынан 1941 сыл барбыта. Москва аннынааҕы кыргыһыыга атаакаҕа туран муҥ кыраайынан иннин диэки ойон иһэн холун тосту ыттаран охтон түспүтүгэр доҕоро Петр Васильевич чугас буолан, сүгэн таһааран санчааска туттарбыта. Салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох диэн демобилизациялаабыттара.
Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн кэлбитигэр 1943 сыл ыҥырыллыбыттар бараары борокуокка киирэн эрэллэр эбит этэ. Кинилэр ортолоругар убайа Мэхээлэ эмиэ баара. Бу кинилэр тиһэх көрсүһүүлэрэ этэ, Мэхээлэ Сэргэйтэн биир сыл урут 1911 сыл төрөөбүт киһи 1943 сыл кулун тутар 1 күнүгэр Московскай уобалас Кунцевскай оройуонугар геройдуу охтубутун туһунан биллэрии кэлбитэ. Райком үлэһитэ Сэргэйи булан миитиҥҥэ тыл этиппитэ, призывниктарга сэрии балаһыанньатын сиһилии билиһиннэрбитэ.
Дойдутугар кэлээтин субу сэриигэ ыҥырыллыбыт Николай Игнатьевич Герасимовы солбуйан, “Харбаала” колхоз председателинэн талыллыбыта. Кини сут-кураан сатыылаан, ырыы-быстыы, ыарыы-сүтүү үгэннээн турар саамай кыһалҕалаах кэмҥэ колхоһу салайбыта. Сэбиэт Байбал сүбэтинэн уонна быһаччы көмөтүнэн дьону хоргуппат туһугар кыаллары барытын оҥорбуттара.
Сааскыннан быстаран эрэр ыаллары көрө сылдьан бурдук атаҕа, арыт сиэмэ бурдуктан да биэрэн салгыыллара. Ити олус кутталлааҕа, былаастар биллэхтэринэ баһа суох бараҕын. Ону, хата, ким да тыллаабатах. Онон Харбаалаттан биир да киһи сутаан-хоргуйан өлбөтөҕөр Байбал, Сэргэй умнуллубат өҥөлөөхтөр.
1944 сыл Сергей Васильевиһы партия райкома Сис Мэйигэр Ворошилов аатынан колхозка председателинэн ыыппыта, хаалыылаах колхоһу аҕыйах сыл иһигэр өрө тардан таһаарбыта. Дьон улахан ытыктабылын ылбыта. “Сэрии саҕана Сэргэй кэлэн элбэх киһини өлүүттэн быыһаабыта, мин баҕас кини үтүөтүнэн баччааҥҥа диэри чыып-чаап дии сылдьаахтыыбын”,-диэн Алексеев Матвей диэн кырдьаҕас Маҥаастан 1962 сыл Мэйик оскуолатыгар учууталлыы тиийбит Мария Кирилловна Прокопьеваҕа олус махтанан-уйадыйан кэпсээбитэ.
40 сааһыгар саҥардыы үктэнэн иһэн олохтон туораабыта, киниттэн хаалбыт 7 оҕото тэнийэн сүүһүнэн сиэннэр, хос сиэннэр үөскүү-үөдүйэ тураллар.