Саввинов Алексей Петрович. Кинини төрөппүттэрэ Бэчиэт диэн таптаан ааттаабыттара иӊэн, Өлөксөйүнээҕэр ордук Бэчиэтинэн биллэрэ. Ытык киhи ыччата, төрүт киhи төрүөҕэ дииллэрэ. Эhэтэ Сааба нэhилиэккэ биллэр-көстөр, тыла ыйааhыннаах, балачча баай киhи эбитэ үhү.
Бэчиэт сэриигэ барарыгар 44-тээх а5амсыйа баран эрэр киhи этэ, 1942 сыл былдьаhыктаах кэмэ буолан, саастаахтары да хомуйтаабыттара. Бэс ыйын ортотугар борокуокка олорон Бүлүүнү усталаан, Өлүөнэни өксөйөн. Киэҥ Сибиири тилийэ сыыйан күһүөрү тиийиитигэр немецтэр Волгаҕа кэлэн Сталинграды урусхаллаан эрэллэр эбит этэ. Үөһээ Бүлүүттэн аргыстаһан кэлбит дьонуттан үһүө буолан биир чааска түбэспиттэрэ. Ол иһигэр бииргэ үөскээбит киһитэ Маҥаас Чоҥоротуттан Григорьев Василий Петрович эмиэ баара. Сэрии уот холоруга үлтү сөрөөн бэйэтин иһигэр ыйыстан ылбыта. Сталинград легендарнай обороната саҕаламмыта. Ити курдук төһө өр эттэспитин Бэчиэт бэйэтэ да билбэт- биир атаакаҕа иннин диэки түһүнэн истэҕинэ иҥсэлээх буулдьа илиитин быһа көтөн автомата ыраах эһиллэн. Илиитэ былаат курдук намылыс гына түһэр. Хаана фонтан курдук өрө ыһыллан тахсар. Санитарка кыл түгэнэ бэрэбээскилии охсоот тыылга атараар. Санчааска аҕалбыттара араанньы буолбуттар сылбах курдук тэлгэнэ сыталлара.
Кинилэри сонно тута Саратов госпиталыгар аҕалаллар. Аны немецтэр Саратовы буомбалаан лүҥсүйэн бараллар. Ол иһин госпиталы илин көһөрө охсоллор. Онно 4 ый кэриҥэ эмтэнэн аматыйбытын кэннэ комиссиялаан баран демоблизациялаабыттара. 1944 сыл дойдутугар эргиллэн колхоз араас үлэтигэр кыайыылаахтык үлэлээбитэ. 1988 сыл 90 сааһын көрсө олохтон туораабыта.