Арассыыйа күүһэ – биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик олорор норуоттарыгар, кинилэр сомоҕолоһууларыгар буолар. Биһиги бииргэбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кыайыыга сүҥкэн кылаатын киллэрэр: Анал байыаннай дьайыыга уолаттарбыт Ийэ дойдуну көмүскүүллэр, кинилэри биһиги бары өттүнэн өйүүбүт. Ити биһиги сомоҕолоһуубут күүһэ буолар. Маҥааска сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах #Своихнебросаем# акцияҕа кыттыһан, тэрилтэ барыта кыттыылаах киэҥ ис хоһонноох кэнсиэрт буолла. «ЧУОРААНЧЫК » уһуйаан иитээччилэрин МЫ -матрешки нуучча норуотун таҥаһын таҥнан туран ырыалара, талба талааннаах Лена Григорьева оҥорор сахалыы симэхтэрин,80-90 сыллар таҥастарын дефиле номердара көрөөччүнү сэргэхситтэ, Маҥаас орто оскуолатын үлэһиттэрин сахалыы, японскай, аныгы флешмоб үҥкүүлэрэ сөхтөрдө. Олохтоох дьаһалта ырыаһыттарын дьон хайҕаата, модельнай библиотека, олохтоох ФАП, сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ узбекскай үҥкүүнү бэлэхтээн ытыс тыаһа хабылла түстэ, Өрөгөйдөөх Өктөөпкө аналлаах да ырыалар ылланнылар, көрдөөх сыанкалар да көһүннүллэр. Бүгүн киэһэ чахчы түмүстэхпитинэ, сомоҕолостохпуна тугу баҕарар кыайарбытын көрдөрдүбүт. Бүгүҥҥү кэнсиэр харчыта СВОҕа сылдьар уолаттарбытыгар көмөҕө барда.
Акцияҕа уопсайа 15 тыһ солк киирдэ. Күндү биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Өрүү маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
Концертка кэлбэппит да буоллар акцияҕа кыттыһыбатыт диэн саастаахтарбыт бастакынан кыттыспыттара.Махтал барыгытыгар.