Иванов Иван Елисеевич – ССРС культуратын туйгуна, улуус культуратын бочуоттаах үлэьитэ, РФ журналистарын союьун чилиэнэ, ССРС Географическай обществотын чилиэнэ, кыраайы үѳрэтээччи, спорт ветерана, «Үѳһээ Бүлүү» хаһыат общественнай корреспондена, «Тылгыны – Маӊаас табаарыстыы кѳрсүһүү тэрийээччитэ, «Сырдыкка — кэрэҕэ уһуйааччылар» кинигэ автора.

Ытыктыыр до5орбут.

Иванов Иван Елисеевич оҕо сааһа наһаа үчүгэйэ суохтук ааспыта. Ол курдук 1940 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр Дүллүкү нэһилиэгэр күн сирин кѳрбүтэ. Ийэтэ 3 саастааҕар ѳлбүтэ, аҕата Аҕа дойдуну кѳмүскүүр сэриигэ баран сураҕа суох сүппүтэ. Кыра Уйбаан Нам нэһилиэгэр тулаайах оҕолор дьиэлэригэр иитиллэр, олох араас кыһалҕаларын кѳрсѳн улаатар, үѳрэҕин бүтэрэр. Уон түѳртээҕэр Маленков аатынан колхоз хоһуун улэһитэ, отчута буолан, тыа сирин олоҕун этигэр-хааныгар иӊэриммитэ. Уон тоҕустааҕыттан промкомбинакка столярдаан, мас ууһа буолбута. 1961 с. Комсомол путевкатынан Мирнэйгэ, 1962 с. – Айхалга алмаас предприятиеларын ведомственнай охранатыгар, онтон 1965-66 сс. Үѳһээ Бүлүү улууһугар милиция отделыгар үлэлээн, сууту-сокуону ыкса билсиһэр. Милицияҕа үлэлиир кэмигэр комсомольскай бюро чилиэнинэн, взвод рупкомсорунан, Мирнэйгэ горотдел оҕо хоһун штаты таһынан инспекторынан утаппыттыы үлэлээбитэ. 1967 сылга аан бастаан культура улэтин Тамалакаан нэһилиэгин кулуубугар сэбиэдиссэйинэн ананан үлэтин саҕалыыр. Чугастааҕы Ороһу кулуубугар сэбиэдиссэйинэн ол кэмнэ Саха сиригэр биллэр мелодист Георгий Никифоров үлэлиирэ. Ороһу, Тамалакаан икки арда чугас буолан кэлэ-бара киниттэн үѳрэнэн, инники культура эйгэтигэр салгыы үлэлииригэр Тамалакааннар күүс-кѳмѳ, ѳйѳбүл буолбуттара саарбаҕа суох. Ол курдук үлэлии сырыттаҕына улуустааҕы культура отдела ыраах баар кытыы Маӊаас нэһилиэгин кулуубугар сэбиэдиссэйнинэн анаан үлэлэтэ ыыппыта. Дьэ, бу нэһилиэккэ тохтоло суох 1968 сылтан үлэтин саҕалаабыта.

Маӊааска кэлэн табаарыстыы суут председателэ, агитпункт начальнига, корпост салайааччыта, спортсовет председателэ, народнай депутат, соҕотох киһи моонньугар элбэх таьаҕас этэ. Кини ити кэмнэ Якутскайдааҕы культпросвет режиссерскай салаатыгар үѳрэммитэ. Иван Елисеевиһы ол быыһыгар 1-дии сыл Ботулуу, Далыр, Кѳтѳрдѳѳх, Күүлэт кулууптарыгар сэбиэдиссэйинэн анаталыыллар. Үлэлии сылдьыбыт нэһилиэгин дьоно, олохтоохторо кинини самодеятельноһы сатабыллаах тэрийээччи, бэртээхэй оформитель, агит-маассабай үлэни иилиир-са5алыыр үтүѳкэн улэһит, сонунтан сонуну тобулар, инициативалаах общественник быһыытынан киэӊник билэллэр, сыаналыыллар. Кини СДК директорынан, худругунан, культура отделын методиһынан, кииннэммит культура систематын директорынан, сельскай библиотека сэбиэдиссэйинэн, үлэлэтэлээбитэ. Этэргэ дылы биһиги Уйбааммыт улууска, республика5а киэнник биллэр талааннаах дьону кытта алтыһан бииргэ үлэлээбитэ. Ол курдук самодеятельнай композитордар Георгий Никифоров, Мария Константинова, Николай Бойлохов, сахаҕа киэӊник биллэр талааннаах дьоннор: Анисим Прокопьев, Иван Семенов, Илья Давыдов, Алексей Попов, Кирилл Петров уонна Ольга Федорова.

Биһиги үйэбит-сааспыт тухары таптаан олорор кыракый Маӊааспыт кулууба дьыл хайа да кэмигэр сырдык уоттаах, чахчы даҕаны дьон-сэргэ тоҕуоруһар, культура эргийэр киинигэр кубулуйбута түбэспиччэ буолбатах.

Иван Елисеевич хайа күн Маӊааска үлэлии кэлиэҕиттэн олохтоохтор сынньаланнарын туһалаахтык атааралларыгар, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сындалыйбат сылааларын таһааралларыгар, сүрэхтэрин-дууһаларын баай, сырдык умуллубат уоттуурга бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ. Ол курдук бэйэтэ кэпсииринэн үс сүрүн хайысханнан үлэлээбитэ туоһулуур.

Бастакыннан, олохтоох нэһилиэнньэҕэ культурнай-маасаабай үлэлэри ыытыы, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын таһаарыы, ону пропагандалааһын.

Иккиһинэн, нэһилиэнньэҕэ спортивнай-маассабай үлэлэри тохтоло суох тэрийии, эдэр ыччат эт-хаан өттүнэн кыахтаах буоларыгар инники хайысханы биэрии. Бастын спортсменнары чиэстээһин, дьонно- сэргэҕэ таһаарыы. 1968 с. Маӊаас – Тылгыны ыччаттарын доҕордоһуу көрсүһүүлэрин төрүттэспитэ, онно тэриллэр спортивнай күрэхтэһиилэр, концертар ыччат сайдыытыгар уһулуччу оруолламмыттара. Икки нэһилиэк доҕордоһуу көрсүһүүтэ быйыл 35 сылын салҕыы барар.

Υсүһүнэн, культура кыра да, улахан да үлэлэрин прессаны еытары ыкса сибээстээһин, репортажтары, интервьюлары, зарисовкалары, очеркалары суруйуу, ону радиоҕа, бэчээккэ, телевидениеҕэ таһаарыы, бу кини сүрүн дьарыга этэ.

Иван Иванов аатын улууска билбэт киһи бука аҕыйаҕа буолуо. Кини Маӊаас нэһилиэгин үлэтин-хамнаһын, хас биирдиибит олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕатын кыраҕа хараҕынан кыӊаан көрөн, журналист, корреспондент сытыы бөрүөтүнэн сырылаччы суруйан «Υөһээ Бүлүү», «Саха сирэ», «Сахаада» хаһыаттар страницаларыгар тиһигин быспакка бэчээттэтэрэ, ааҕааччылар сэӊээрилэрин ылара.

Кини биографиятын САССР культуратын Министерствовтын, профсоюһун обкомун 2 Бочуотунай грамоталара, ССКП райкомун, райсовет исполкомун, ЫБСЛКС райкомун, «Коммунизм сардаӊата» хаһыат редакциятын, оройуоннааҕы, республикатааҕы спортсоветтар 10-нунан ааҕыллар Бочуотунай грамоталара киэргэтэллэр, редакция кыһыл дуоскатыгар хаста тахсыбытын, хаста конкурска кыайбытын бэйэтэ да билбэтэ. 19990 с., бэс ыйыгар «ССРС культуратын туйгуна» бочуоттаах знак туппута.  1990 с. Бэс ыйын 24 күнүгэр ССРС Географическай обществотын президенэ, ССРС НА академига А.Ф.Трегининов дьаһалынан «Член Географического общества СССР» знагынан наҕараадаламмыта.

1989 с.  «Ветеран спорта РСФСР» знагы физкультура уонна спорт Бүтүн Россиятааҕы совета анаабыта. 1999 с. Россия Журналистарын союһугар чилиэнинэн ылыллан, докумуона Москваттан кэлэн санаабыт санаатын, баҕарбыт баҕатын толорбута. Кырдьык да селькорртан журналистка тиийии чахчы да үөрүүлээх түгэнэ этэ.

Тас көрүҥэ сүрдээх нарын, номоҕон киһи Иван Елисеевич олох, үлэ проблемаларын эт мэйиитинэн эргитэн, сүрэҕинэн ылынан бар дьону кытта биир сүбэнэн, санааларын үллэстэн уонна тускуллаах толкуйу тобулан элбэхтик уонна диринник суруйар идэтэ – бу кини айылҕаттан айдарыллыбыт талаана, дьоло-соргута буолар.

Сэрии ыар сылларыгар эрдэ тулаайах хаалан, эрэй муҥ бөҕөнү эҥээринэн тэлбит, ыалдьар-сүтэр диэни ыы-муннунан көрсүбүт Иван Елисеевич Иванов эрдэ суорума суолламммыт ийэлээх аҕатын, эһэтин Тыырыма Уйбаан ааттарын ааттатар киһи-хара буолбута – бу кини бэйэтин тус бэйэтин үрдүк үтүөтэ, уҕараабат дьулуура, үчүгэйгэ-кэрэҕэ эрэ тардыһар сырдык баҕата буолбута. Олох төһө даҕаны аһыыны-абаны санныгар сүктэрдэр, онтон сүөм түһэн намтаабакка, сүтэн-иҥэн хаалбакка дьулууурдаахтык үлэлээн, төбөтүн үөһээ көтөҕөн, мэлдьи тугу эмэ туһалааҕы оҥордорбун, тугунан эмэ дьону-сэргэни үөрдэн, кыһалҕатыгар көмөлөстөрбүн диэн олорон, үлэлээн кэлбитэ Иван Елисеевич Иванов!

Кулун тутар ый 2003 сыл.

Үтүө үгэс хайдах саҕаламмытай?

Түҥ өрүс уҥуоргу-маҥааргы өттүгэр Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрэ туругуран олорбуттара арааһа быданнаатаҕа. Ол курдук оччотооҕу кэмнэргэ XX үйэ саҕаланыыта Иннокентий Ханды баай бу икки нэһилиэктэринэн ынаҕы, сылгыны, табаны иитэн кыра кыаммат дьону үлэлэтэн, байан-тайан олорбута. Кыраны-кыамматы мөҕөн-этэн, кырбаан-таһыйан бардамнаабатах үтүө оҕонньор туһунан норуот номоҕор олохсуйан хаалбытын билэбит. Кини төрөппүт уола Никита Ханды Тылгыны – Маҥаас нэһилиэктэригэр үөрэх-билии кыһатын – оскуолалары тэрийбит үгүс үтүөлэрдээҕэ. 1935 сыллаахха Бүлүү оруйуона икки оройуоҥҥа арахсыбытын кэннэ Түҥ өрүс бэтэрээ эҥээригэр олорор Маҥаас нэһилиэгэ Үөһээ Бүлүү оройуонун кыраныыссатыгар хаалбыта.

 Икки нэһилиэк хас эмэ уонунан сыллар устата арахсан олорбуттарын да иһин, эт-хаан өттүнэн ыкса сибээстээхтэрэ. Ол курдук Маҥаас-Тылгыны аҕа уустарынан олус чугастар. Онон да буолуо икки уруулу нэһилиэктэр ыччаттара 1968 сыллаахха саас Тылгыны нэһилиэгэр уопсай сүбэнэн, кэлэр күһүҥҥүттэн ыла ыччаттар доҕордуу көрсүһүүлэрин тэрийэн культураҕа уонна спортка күрэхтэһиилэри утумнаахтык ыытарга илии бэрсибиттэрэ. Бу маннык үтүө суолу, санааны киллэрбит дьонунан Конон Потапов, Василий Борисов (Тылгыны), Проня, Николай Максимовтар (Маҥаас) буолаллар. Бу дьоһуннаах үтүө үгэс олохтоммута хайа-сах 35 сыл буолла.

Тылгыны нэһилиэгин ыччаттара 1968 сыл ахсынньы аан-даам тымныытын аахсыбакка уон икки чаас устата айаннаан түүн 2 чааска Харбааланы булан үөрүү-көтүү өрөгөйө үрдээбитэ. Уһун сылалаах айантан эстибит-быстыбыт ыччат суоҕа. Бары да көрсүһүү үөрүүтүттэн сылайбыттара ааһа охсубута. Тылгыны ыччаттара кэлэн иһэр сурахтарын истэн нэһилиэк ыччаттарын түмэн кулууп дьиэҕэ мустан олорбуппут. Ол кэмҥэ кулууп сэбиэдиссэйинэн Мария Саввична Васильева, Варвара Тимофеевна Федотова (Чоҥоро кулуубун сэбиэдиссэйэ), ыччаттар Илья Прокопьев, Костя Александров, Гоша Григорьев, Клара Дмитриева, Проня Максимов о.д.а. бааллара. Кэлбит Тылгыны ыччаттарын үөрэ-көтө көрсөн, ыал ахсын тарҕаппыппыт, сарсыараттан күрэхтэһиилэри тэрийэргэ үлэ былаанын оҥорсубуппут.

Сарсыныгар Тылгыны ыччаттарын кытта көрсүһүү үөрүүлээх чааһа аһыллыбыта. Манна сельсовет председателэ Егор Николаевич Семенов кэлбит ыччаттары үөрэ-көтө эҕэрдэлээбитэ. Тылгыны ыччаттарын аатыттан оскуола директора Николай Иванович Гаврильев махтал-баһыыба тылларын эппитэ уонна маннык үтүө, кэрэ тылларынан түмүктээбитэ: «Биһиги икки хаан-уруу нэһилиэктэрбит ыччаттара инникитин до5ордуу көрсүһүүлэрэ үйэлээх буоларыгар баҕа санаабын тиэрдэбин».

Остуол оонньуулара дуобат, саахымат – кулуупка, остуол тенниһэ, национальнай атах оонньуулара, хапсаҕай тустуу – оскуола дьиэҕэ тэриллибиттэрэ. Киэһэтин ыалдьыттарбыт киэҥ программалаах концертарын дуоһуйа көрдөрбүттэрэ. Түүн үөһүгэр диэри көр-нар, үҥкүү-битии салҕанан барбыта.

Оччотооҕу кэмнэргэ доҕордуу көрсүһүүнү тэрийсибиттэр номнуо сааһырдыбыт, сорох сорохторбут пенсияҕа таҕыстылар. Эһээ, эбээ аатын ыллылар. Билигин төрөппүт оҕолорбут, сиэннэрбит биһиги олохтообут доҕордоһуубут эстафетатын салҕыыллар. Онтон биһиги бастакы тэрийсибиттэр ыччаттарбыт көрдөрүн-нардарын көҕүлүүргэ көх-нэм буоларбыт бу барыта биһиги дьолбут эбит диэн саныыбыт.

Бу маннык үтүө үгэһи тэрийсибит, көҕүлээбит, билигин атын сирдэргэ үлэлии сылдьар аҕа дьоннорбутугар, табаарыстарбытыгар, доҕотторбутугар истиҥ иһирэх тыллары «Нөрүөн-нөргүй!» диэн махтал тылы тиэрдэбит.

Иван Иванов.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат. 26.02.1994 с.

Ким доҕордоох – ол дьоллоох

Соторутааҕыта Маҥаас нэһилиэгин комсомолецтара уонна ыччаттара ыаллыы Бүлүү оройуонун «Мастаах» совхоз Тылгыны отделениетыгар ыалдьыттыы сырыттылар. Ыччаттар доҕордоһуулара үөрүлээх миитинтэн саҕаланна. Миитини Тылгыны нэһилиэгин Советын секретара Г.Е.Васильев арыйда. Кини кэнниттэн ыалдьыттары эҕэрдэлээн олохтоох комсомольскай тэрилтэ секретара А.В.Герасимов тыл эттэ. Харда тылы Маҥаас комсомольскай тэрилтэтин секретара Л.Н.Саввинова ылла. Ити кэнниттэн хардарыта өйдөбүнньүк вымпеллары уонна бэлэхтэри туттарыы буолла.

Биэчэр үөрүүлээх чааһын кэнниттэн киэҥ программалаах спортивнай күрэхтэһии саҕаланна. Онно ыччаттар хапсаҕайдаһан тустууга, саахымакка, остуол тенниһигэр, атах оонньууларыгар күрэхтэстилэр. Хапсаҕайдаһан тустууга, остуол тенниһигэр Маҥаастар бастаатылар. Икки күннээх эрийсии кэнниттэн уопсай түмүккэ 8,5 очкону ылан Маҥаас хамаандата бастаан таҕыста.

Киэһэтигэр Маҥаас ыччатара олохтоохторго улахан концерт көрдөрдүлэр. Концерт кэнниттэн доҕордоһуу киэһэтэ, оонньуу-көр, ырыа-тойук аргыстанан хойукка диэри салҕанан барда. Икки отделение ыччаттара кэлэр өттүгэр доҕордоһууларын салҕыырга, хардарыта ыалдьыттаһарга ыҥырсан араҕыстылар.

Иван Иванов.

1969 с. ахсынньы 20 күнэ. «КС»

Кубок биһиэхэ хаалла

Маҥаас нэһилиэгэр Бүлүү оройуонун Тылгыны нэһилиэгин ыччаттара үгэс буолбут табаарыстыы көрсүһүүлэрэ ыытылынна. Ыалдьыттар нэһилиэк олохтоохторуттан улахан махталы ыллылар. Маны таһынан спортивнай күрэхтэһиилэргэ олохтоох нэһилиэнньэ ыччаттарын кытта күөн көрсүһүү ыытылынна. Манна Маҥаас ыччаттара ыалдьыттарын 3,5 очконон хотон кыайыылаах таҕыстылар.

Табаарыстыы көрсүһүү түмүгэр кыайыылаахтарга грамоталары, дипломнары туттарылынна. Маҥаас партийнай тэрилтэтин секретара Егоров Н.Л. Тылгыны ыччаттарыгар үгэс буолбут табаарыстыы көрсүүһүүлэрэ бэрт үтүө тэрээһиннээхтик ыытыллалларыттан махталы биллэрэр. Тылгыны хамаандатын салайан кэлбит Тылгыны аҕыс кылаастаах оскуолатын директора Гаврильев П.И. Маҥаас ыччата спортивнай күрэхтэһиилэргэ өрүүтүн кыайыылаах тахсарыттан үөрүүтүн биллэрэн туран, Тылгыны-Маҥаас икки ардыларыгар спортивнай күрэхтэһиилэргэ үһүс төгүлүн кыайбытын иһин көһө сылдьар кубогу туттарда.

Маҥаас нэһилиэгин комсомольскай тэрилтэтин аатыттан бюро чилиэнэ Дмитриев Михаил Львович В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар оноһуллубут, Ленин үлэлээбит, олорбут, сылдьыбыт сирдэтин картатын наборун, өйдөбүнньүк бэлэх быһыытынан үөрүү-көтүү ортотугар туттарда.

 И.Иванов.

1970 сыл.

Кубок эмиэ биһиэхэ хаалла

Соторутааҕыта Маҥаас-Тылгыны ыччаттарын үгэскэ кубулуйбут XI спортивнай күрэхтэрэ буолла. Күрэхтэһии бастакы күнүгэр Тылгыны ыччаттарын көрсүһүү биэчэрэ тэриллиннэ.

Ыалдьыттары улахан астыныынан көрүстүлэр. Онтон киэһэтигэр дуобакка, саахымакка уонна теннискэ күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Тылгыны хамаандатын дуобаччыттара бары олохтоохтору харахтарын өрө көрдөрбөккө, дуоскаҕа киһилээбэттэр. Саахымакка олохтоохтор бэркэ киирсэн улахан сындалҕаннаах оонньооһун кэнниттэн кыайыыны суруннулар. Манна кырдьаҕас саахымаччыт Пётр Акимов уонна эдэр саахымаччыт Евдокия Григорьева бэрт тахсыылаахтык оонньоотулар.

Көрсүһүү иккис күнүгэр улахан эрийсиилээх күрэхтэһиилэр саҕаланнылар. Атах национальнай оонньуутугар Тылгыныттан Д.Сидоров кылыыга, куобахха, онтон А.Васильев ыстанаҕа бастаатылар. Чэпчэки атлетикаҕа дьиэлээхтэр кыайыылаах таҕыстылар.

Манна спорт ветерана В.Е.Трофимов урдугу, устаны ойууга син биир иннин биэрбэтэ. Иккис миэстэҕэ Алексей Васильев таҕыста. Кыргыттарга чэпчэки атлетикаҕа Аня Яковлева, Т. Федотова, Е. Саввинова ыалдьыттарын ырааҕынан хотон эбии очкону биэрдилэр.

Көҥүл тустууга уһун эрийсии кэнниттэн олохтоохтор кыайыыны ситистилэр. Олохтоохтор спорт тоҕус көрүҥэр хотууну суруннулар. Дьэ ити курдук икки күннээх спортивнай күрэхтэһиилэргэ Маҥаас 15, Тылгыны 13 очкону ыллылар. Дьиэлээхтэр быйылгы сылга бастакы кыайыыны суруннулар. Онон көһө сылдьар кубок онус төгүлүн Маҥааска хаалла.

И.Иванов.

1979 сыл.

Маҥаас-Тылгыны нэһилиэктэрин үгэс буолбут табаарыстыы спортивнай күрэхтэһиилэрэ

Маҥаас-Тылгыны ыччаттарын үгэс буолбут табаарыстыы спортивнай күрэхтэһиилэрэ 1968 сылтан саҕаламмыта номнуо уон түөрт сыла томтойо туолан ааста. Кубулҕаттаах кулун тутар бүтэһик күннэригэр тибииттэн, тыалтан иҥнибэт Тылгыны ыччаттара болдьоммут күнҥэ ыалдьыттыы кэллилэр.

Киэһэ 8 чаастан Тылгыны ыччаттарын көрсүһэн үгэс буолбут спортивнай биэчэр үөрүүлээх чааһа аһыллар.

Үөрүүлээх миитин президиумугар тэрийэр комиссия чилиэттэрэ сельсовет исполкомун чилиэнэ, отделение управляющайа Егоров Егор Егорович, Күүлэт совхоз комкомун секретара Мискяев Иосиф Степанович, Тылгыны отделениетын сыахтааҕы комсомольскай тэрилтэтин секретара Петров Гаврил Гаврильевич, Маҥаастааҕы комсомольскай тэрилтэ секретара Лазарева Надежда Васильевна, «Боотулуу» совхоз спортка инструктора Васильев Павел Павлович, тэрийэр комиссия председателэ Маҥаастаа5ы УСО «Урожай» комитетын председателэ Иванов Иван Елисеевич олороллор.

Үөрүүлээх миитини киирии тылынан отделение управляющайа таб. Егоров.Е.Е. аһар. Ити кэнниттэн Маҥаас-Тылгыны комсомольскай тэрилтэлэрин секретардарыгар тыл бэриллэр. Салгыы «Күүлэт» совхоз комкомун секретара таб. Мискяев Иосиф Степанович комсомолецтар ситиһиилэрин уонна инники соруктар туһунан кэпсиир.

Үөрүүлээх миитин бүтүүтэ Тылгыны ыччаттара Маҥаастаа5ы комсомольскай тэрилтэ «Има-38» радиоланы бэлэхтииллэр.

Маҥаас-Тылгыны нэһилиэктэрин табаарыстыы спортивнай курэхтэһиилэрин балаһыанньатын тэрийэр комиссия председателэ таб. Иванов Иван Елисеевич билиһиннэрэр.

Үөрүүлээх чаас бүтэр. Тылгыны нэһилиэгин ыччаттарын күүһүнэн киэҥ программалаах концерт саҕаланар. Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы курэхтэһии остуол оонньууларыгар саҕаланар.

Остуол тенниһигэр олохтоох ыччаттар бастакы-иккис ракеткаларга очколары суруналлар. Онтон үһүс ракеткаҕа Тылгыны спортсменката Евдокия Иннокентьевна утарылаһааччытын биһиги оройуон күүстээх теннисчиппитин Матрена Поскачинаны ырааҕыттан баһыйа тутар.

Дуобакка уонна саахымакка олохтоохтор ыалдьыттарын барыларын кыайа туталлар. Кыайыы өрөгөйө бастакы күҥҥэ олохтоохторго тиксэр.

Иккис күн сарсыарда эрдэттэн национальнай атах оонньууларыгар Тылгыны спортсменнара Алексей Васильев, Гаврил Петров тэҥнээхтэрин барыларын ырааҕынан кыайа туталлар. Чэпчэки атлетикаҕа да син биир иннилэрин биэрбэттэр. Онтон кыргыттарга чэпчэки атлетикаҕа Раиса Герасимова устаны ыстаныыга, Надежда Лазарева үрдүгү ойууга олохтоохторго кыайыы очкотун эбэллэр.

Күрэхтэһии биир интириэһинэй көрүҥүнэн, биллэн турар хапсаҕайдаһан уонна көҥүл тустууга сэттэ ыйааһыҥҥа хабыр хапсыһыылар саҕаланаллар.

Саамай чэпчэки 48 кг ыйааһынна Константин Васильев (Тылгыны), 52 кг — Владимир Федотов, 57 кг- Данил Петров, 62 кг — Егор Львов, 74 кг — Эльдар Гимадиев (Маҥаастар), 68 кг — Алексей Васильев (Тылгыны) бастаатылар. 74 кг Егор Васильев уонна Степан Кириллов эрбии бииһин курдук тэҥнэьиини суруналлар. Онон хапсаҕайдаһан тустууга олохтоох тустууктар кыайан тахсаллар.

Көҥүл тустууга эмиэ сэттэ ыйааһыҥҥа сытыы киирсиилэр саҕаланаллар. Бу тустууга Тылгынылар биир ыйааһынынан ордук чөрбөйөн кыайаллар. Күрэхтэһиилэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллаллар. Хапсаҕайдаһан тустууга абсолютнай чемпионакка спортивнай хамсааһын активнай кыттыылааҕа Михаил Поскачин уутарылаһааччыларын барыларын кыайан абсолютнай чемпион үрдүк аатын ылар.

Киэһээ тоҕус чааска нэһилиэк олохтоохторо спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэрин истээри толору мустубуттар. Табаарыстыы спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэммиттэрин туһунан исполком чилиэнэ Егор Егоров тыл этэр. Салгыы икки күннээх спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэрин туһунан Маҥаастаа5ы ДСО «Урожай» комитетын председателигэр, тэрийэр комиссия председателигэр таб. Иван Ивановка бэриллэр. Кыайбыт спортсменнарга грамоталары, дипломнары уонна чемпионскай ленталары туттартыыр. Хапсаҕайдаһан тустууга абсолютнай чемпионна Михаил Поскачинна чемпионскай лентаны дохсун ытыс тыаһыгар туттарар. Кыайбыт олохтоох хамаандаҕа көһө сылдьар кубогы уонна дипломы хамаанда капитаныгар таб. Михаил Поскачинна туттарылар.

Икки күннээх спортивнай күрэхтэһиилэр үөрүүлээх чаастара бүтэр. Үөрүү-көтүү өрөгөйө, ыччаттар доҕордоһуулара түүн хойукка диэри барда.

Тылгыны нэһилиэгин ыччаттарын атаарар чаас чугаһаан кэлэр. Икки күҥҥэ төһө үөрүү-көтүү үксээбитин ситэн кэпсээбэккин.

Атаарыы долгутуулаах кэмэ. Маҥаас нэһилиэгин ыччаттара культура дьиэтиттэн бары тахсан уруй-айхал тылынан атаараллар. Эһиил көрсүөххэ диэри, дьоллоохтук айаннаан диэн үтүө баҕарыылар этиллэллэр.

Ити курдук дьоллоох үтүө түгэннэр эдэр сааска чахчы да хатанан хааллылар. Ким да умнуо суоҕа бу үтүө кэмнэри.

Иван Иванов, СДК директора. 1982

                                                        Доҕордоһуу өссө бөҕөргүүр

Түҥ өрүс түбэтин уҥуор-маҥаар сытар Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин эдэр ыччаттарын үгэс буолбут табаарыстыы көрсүьүүлэрэ 16-с төгүлүн ыытылынна. «Күүлэт» совхоз киин уһаайбатын Тылгыны нэһилиэгин ыччаттара Маҥааска кэлэн икки күн устата ыалдьыттаан бардылар. Күрэхтэһиилэр бастакы күн остуол оонньууларыгар – дуобакка, саахымакка, теннискэ, сахалыы атах оонньууларыгар ыытылыннылар. Остуол тенниһигэр бастакы ракеткаҕа Егор Васильев (Маҥаас), иккис ракеткаҕа Алексей Петров (Тылгыны), үһүс ракеткаҕа Матрена Поскачина (Маҥаас) кыайыыны суруннулар. Атах оонньуутугар троеборье сууматынан Алексей Васильев (Маҥаас) бастаата.

Дуобакка I-II дуоскаларга олохтоохтор Семен Герасимов, Давид Михайлов бастаатылар. Үһүс дуоскаҕа Тылгыны дуобаччыта Агафья Максимова кыайда. Саахымакка ыалдьыттарбыт Афанасий, Петр Ивановтар, Мария Мосова олохтоохтору өрө көрдөрбөтүлэр.

Көрсүһүү иккис күнүгэр хапсаҕайга, көҥүл тустууга, чэпчэки атлетикаҕа уонна мас тардаһыытыгар күрэхтэһиилэр саҕаланан бардылар.

Хапсаҕайдаһан тустууга барыта 25 киһи туһунна. 53 кг ыйааһыннаахтарга Тимофей Федотов бастаата. Иккис, үһүс миэстэлэргэ Владимир Федотов уонна Аркадий Егоров тигистилэр. 60 кг ыйааһыннаахтарга Боотулууттан личник Руслан Ксенофонтов кыайда. 70 кг ыйааһыннаахтарга Федор Дяриков (Маҥаас) эрэллээхтик бастата. 80 кг ыйааһыҥҥа Алексей Васильев кими да тулуппата. Итинтэн аллараа 4 ыйааһыҥҥа олохтоохтор хоттулар. 80 кг үөһээ ыйааһыҥҥа Егор Васильев (Тылгыны) бастаата. Хапсаҕайдаһан тустууга абсолютнай чемпион аатын Алексей Васильев ылыан ылла. Көҥүл тустууга аҕыс ыйааһытан алтатыгар олохтоохтор киһилээбэтилэр.

Мас тардаһытыгар икки ыйааһыҥҥа күрэхтэһиигэ 70 кг диэри Петр Васильев, 70 кг үөһээ ыйааһыннаахтарга Андрей Герасимов утарсааччыларын барыларын кыайталаатылар.

Чэпчэки атлетикаҕа, устаны ыстаныыга, үрдүгү көтүүгэ күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык барда. Эр дьоннорго устаны ыстаныыга олохтоох спортсмен Алексей Васильев 4 м 92 см көрдөрөн бастаата. Онтон үрдүгү ойууга Гаврил Петро 1,50 м ойон бастыан бастаата.

Дьэ ити курдук икки күннээх күрэхтэһии түмүгэр 54 очкону ылбыт Маҥаас спортивнай командата эрэллээхтик 15-с сылын бастаата. Тылгыны командата 42 очколанна. Спортивнай табаарыстыы көрсүһүү хас сыл ахсын кэхтэри билбэккэ өссө киэҥ далааһыннаахтык ыытылыыта үтүө үгэскэ кубулуйда.

Киэһээ ыалдьыттар киэҥ программалаах концерт көрдөрдүлэр. Икки отделение комсомольскай тэрилтэлэрин үлэннэн рапордара истилиннэ. Ыччаттар коллективтарын үлэҕэ опыттарын атастаһа хардарыта сылдьыһыыны олохтуурга дуогабар түһэрсилиннэ, социалистическай куоталаһыыны өссө кэҥэтэргэ кэпсэтиһии ыытылынна.

Дьэ ити курдук икки нэһилиэк ыччаттарын доҕордоһуута өссө бөҕөргүүр суолга киирдэ.

И.Иванов, селькор.

1983 сыл.

Кыайдыбыт.

(Маҥаас уонна Тылгыны нэһилиэктэрин ыччаттарын 17-с көрсүһүүлэрэ)

Быйылгы табаарыстыы көрсүһүү Бүлүү оройуонун «Күүлэт» совхоз киинигэр Тылгыныга тэриллэн ааста. Тылгыны нэhилиэгин ыалдьытымсах ыччаттара кэлбит ыччаттары үөрэ-көтө көрсөн, ыал ахсын түhэрэн баран киэhэ биэс чаастан спортивнай күрэхтэhии саҕаланна. Урукку сылларга матч сахалыы атах онньууларыгар, чэпчэки атлетикаҕа, дуобакка, саахымакка, остуол тенниhигэр, хапсаҕайга, көҥүл тустууга, мас тардыhыытыгар ыытыллар буоллаҕына быйыл эбии гиирэ көтөҕүүтэ киирдэ.

       Бастакы күн сахалыы ыстаныыларга биhиги спортсменнарбыт Алексей Васильев, Михаил Поскачин, Василий Соловьев кыайыыны ситистилэр. Онтон кыргыттар чэпчэки атлетикаҕа үрдүгү, устаны ыстаныыларыгар тэҥнэhии буолар. Бу көрүҥнэргэ Алексей Васильев (Маҥаас) утарылаhааччыларын ырааҕынан быраҕан бастаата.

       Остуол тенниhигэр бастакы ракеткаҕа Тылгыны спортсмена Александр Петров биhиги киhибитин Владимир Федотовы хотто. Онтон иккис ракеткаҕа оонньообут Егор Васильев, үhүс ракеткаҕа оонньообут Мария Габышева (иккиэн Маҥаастар) утарылаhааччыларын бэрт кэбэҕэстик кыайан эбии очко суруналлар.

      Дуобакка быйыл Маҥаастар бэркэ табыллан оонньоотулар. Ол курдук ыальдыттар Владимир Львов, Семен Герасимов, Галина Степанова кыайыы үөрүүтүн биллилэр.

      Онтон саахымакка бастакы, иккис дуоскаларга олохтоохтор кыайа туттулар. Үhүс дуоскаҕа Евдокия Григорьева (Маҥаас) кыайыыны ситистэ.

     Киэhэ 8 чаастан культура дьиэтигэр Тылгыны уонна Маҥаас нэhилиэктэрин ыччаттарын доҕордоhууларын биэчэрэ ыытылынна. Манна олохтоох сельсовет исполкомун председателэ А. В. Петров Маҥаас нэhилиэгин ыччаттарын истиҥ тылынан эҕэрдэлээтэ. «Күүлэт» совхоз комкомун секретара Иосиф Мискяев совхоз ыччаттарын пятилеткатааҕы үлэлэрин түмүгүн билиhиннэрдэ, инники соруктар тустарынан кэпсээтэ. Маҥаас нэhилиэгин ыччаттарын ааттарыттан Е.Е.Егоров эҕэрдэ тылы эттэ.

    Көрсүhүү кэнниттэн Маҥаас нэhилиэгин ыччаттарын күүhүнэн киэҥ программалаах концерт туруорулунна.

Нөҥүө сарсыардатыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии саҕаланар. Бу күрэхтэһии икки өттүттэн толору састааптаах командалар кытыннылар. Маны таһынан Ботулууттан алта тустуук личник быһыытынан кытта кэлбиттэр. Барыта 32 тустуук көбүөргэ таҕыста. Күрэхтэһии хара маннайгыттан олус тыҥааһыннаахтык барда. Түмүккэ 45 кг – Владимир Иннокентьев, 48 кг – Аркадий Егоров, 52 кг — Александр Васильев, 57 кг — Василий Васильев, 62 кг — Марк Васильев, 68 кг — Алексей Васильев, 74 кг — Василий Иванов, 83 кг үөһээ ыйааһыҥҥа Степан Кириллов чемпион аатын ыллылар. Түөрт ыйааһыҥҥа Маҥаастар, түөрт ыйааһыҥҥа Тылгынылар кыайаннар очко тэҥнэһэр.

Мас тардыһыытыгар олохтоохтор систээх оҥорботулар.

Хапсаҕайдаһан тустууга барыта 37 тустуук кытынна. 53 кг — Аркадий Егоров, 60 кг — Исай Григорьев, 70 кг — Алексей Васильев, 82 кг — Вячеслав Васильев, 82 кг үөһээ ыйааһыҥҥа Николай Попов бастаатылар. Ононн хапсаҕайга Маҥаастар түөрт ыйааһыҥҥа кыайдылар.

Күрэхтэһии тиһэх көрүҥэр — гиирэ көтөҕүүтүгэр түөрт ыйааһынтан үһүгэр олохтоохтор эрэллээхтик кыайдылар.

Икки күннээх эрийсиилээх күрэхтэьии түмүгүнэн Маҥаас командата үс очконан чорбойон кыайыыны ситистэ. Онон 17 көрсүһүүттэн 16-гар Маҥаастар кыайдылар.

И.Иванов, селькор.

1984 сыл.

Кубоктаах кэллилэр

Үгэс буолбут Маҥаас уонна Тылгыны нэһилиэктэрин ыччаттарын уон бэһис көрсүһүүлэрэ «Күүлэт» совхоз киинигэр Тылгыныга буолан ааста. Икки нэһилиэк ыччаттара икки күн устата көҥүл тустууга, хапсаҕайга, сахалыы атах оонньууларыгар, чэпчэки атлетикаҕа, мас тардыһыытыгар, дуобакка, саахымакка уонна остуол тенниһигэр киэҥ далааһыннаахтык күрэхтэстилэр.

Хапсаҕайга, көҥүл тустууга барыта 74 спортсмен кытынна. Бу юбилейнай күрэхтэһиигэ Үгүлээт нэһилиэгиттэн күрэхтэһэ кэлбит спортсменнар ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар. Тустуу икки көрүҥэр Маҥаас нэһилиэгин спортсменнара үгүс  ыйааһыннарга бастаан кыайыы очколарын суруннулар. Мас тардаһыытыгар икки ыйааьыҥҥа олохтоохтор баһыйан тахсаллар. Хапсаҕайдаһан тустуу абсолютнай чемпионунан Маҥаас отделениетын управляющайа Егор Иванов буолла.

Бу сырыыга уон төрдүс төгүлүн кыайан Маҥаас ыччаттара көһө сылдьар кубогу уонна өйдөбүнньүк кубогу илдьэ кэллилэр.

И. иванов, селькор.

1984 с.

БИИР ДА СЫЛЫ КӨТҮППЭККЭ

Бу күннэргэ мин ол сүүрбэ сыллааҕы бастакы көрсүһүүнү өйдөөн-санаан кэлэбин. Тылгыны ыччаттара тымныыны, буурҕаны ортотунан 12 чаас айаннаан түүн кэлбиттэрэ. Бу бастакы көрсүһүүнү тэрийиигэ активнайдык кыттыбыт ыччатарынан Иннокентий Филиппов, бырааттыы Николай, Прокопий Максимовтар, Мария Васильева, Людмила Саввинова, Елизавета Гаврильева буолаллар. Уус-уран самодеятельноска, спортка да талааннаах ыччаттар элбэх этилэр. Кинилэр бары күүс-көмө буолан эдэр ыччаты түмэ тардыбыттарын иһин билиҥҥэ диэни махтанабыт.

Сүүрбэ сыл устата биир да сылы көтүппэккэ, бу икки нэһилиэк ыччаттара доҕордоһуу көрсүһүүлэрэ салҕанан барда. Биһиги нэһилиэктэн ити кэмҥэ элбэх бэртээхэй спортсменнар үүнэн таҕыстылар. Кинилэр ортолоругар Николай Григорьев, Владимир Дмитриев, Иван Николаев, Павел Васильев, Константин Мандаров, Василий Трофимов, Егор Васильев о.д.а. бааллар.

Бу көрсүһүүлэри барытын комсомольскай тэрилтэлэр секретардара уонна культура тэрилэтэлэрин үлэһиттэрэ салайан, тэрийэн ыыталлар. Маныаха улахан көмөнү, өйөбүлү партийнай тэрилтэ секретара Е.Е.Егоров оҥорор. Ити курдук нэһилиэк сельсоветын ис-полкомун председателэ З.Е.Петров спорду сайыннарыыга эмиэ үтүөлээх-өҥөлөөх киһиннэн буолар. Кини оччолорго олохтоох оскуолаҕа физругунан үлэлии сылдьан элбэх үлэни ыыппыта.

Тылгыны нэһилиэгин спортсменнара Бүлүү оройуонугар биир күүстээх састааптаах команда быһыытынан биллэллэр. Ол да иьин куруутун бириистээх миэстэлэри ылаллар.

 Кэлэр өртүгэр спортивнай күрэхтэһиилэрбит көрүҥнэригэр волейболу, баскетболу эбии киллэрбит киһи диэн баҕалаахпыт. Итини сэргэ производственнай үлэ опытын атастаһыыны олохтуурга былааннанабыт.

Бу икки нэһилиэк доҕордоһуулара кинилэр социальнай-экономическай сайдыыларыгар сүрүн төьүүнэн буоларыгар ханнык да саарбахтааһын суох.

И. Иванов,

Культурнай-сырдатар үлэ ветерана.  1987 сыл.

КИМ ДЬИҤНЭЭХ ДОҔОРДООХ — ОЛ ДЬОЛЛООХ

 (Маҥаас — Тылгыны ыччаттарын көрсүһүүлэриттэн репортаж)

  Бүгүн Маҥаас нэһилиэгэр өтөрүнэн буолбатах түбүгүрүү күнэ үүннэ. Ити ыаллыы Бүлүү оройуонун «Күүлэт», совхоз киинин Тылгыны олохтоохторун кытта доҕордуу ыалдьыттаһар буолбуттара сүүрбэ сыллаах юбилейын үөрүүтүн — көтүүтүн атаарыы түбүгэ. Бу икки нэһилиэк саҥа былаас олохтонорун саҕана Үөдүгэй нэһилиэгэр киирэр эбит буоллахтарына, билигин тус — туспа оройуоннарга киирсэн инньэ биэс уонтан тахса сыл арахсан олордулар. Өбүгэлэрин истиҥ сыһыаннарын салҕыыр сыалтан сүүрбэ сыллааҕыта доҕордоһуу былааҕын көтөхпүттэрэ. Дэриэбинэ арҕаа эҥээринэн Тылгыны ыччаттара автобустарга толору олорон барыта аҕыс уонтан тахса киһи кэлэн культура дьиэтин иннигэр уруйдаһа — айхаллаһа көрүстүлэр. Доҕордоһуу дьоро күннэрин кэрэһэлиир »Доҕордоһуубут өрүү үүнэ — сайда турдун» — диэн лозунг кыыма тэтэрин, дьон үтүө дьулуурун кэпсии, эҕэрдэлии турда.

Киэһэ кулууп киэҥ саалатын киэптии мустубут икки нэһилиэк бэрэстэбиитэллэрин доҕордоһуу түһүлгэтигэр аналлаах үөрүүлээх миитиннэрэ саҕаланар. Миитини Маҥаас сельсоветын исполкомун председателэ З.Е.Петров аьар.  Онтон райсовет исполкомун председателин солбуйааччы, КСК председателэ К.Э.Соргоев олохтоох партийнай тэрилтэ секретара Е.Е.Егоров, Тылгыны сельсоветын исполкомун председателэ П.Е. Степанов, икки нэһилиэк доҕордоһуутун 20 сыл устата тэрийсибит бастын активистарга, спорт ветераннарыгар өйдөбүнньүк аадырыстары, грамоталары, сыаналаах бэлэхтэри туттараллар.

Маны таһынан сүүрбэ сыллааҕыта доҕордоһуу акылаатын түһэрсибит Тылгыны нэһилиэгин орто оскуолатын директора Н.И.Гаврильев, Маҥаас культуратын дьиэтин үлэһитэ И.Е.Иванов ахтыылары оҥордулар. 20 сыллаах юбилейнан эҕэрдэлээн, ЫБСЛКС Үөhээ Бүлүүтээҕи райкомун үлэһитэ М.Донской, «Боотулуу» совхоз парткомун секретара В.Ф.Егоров тыл эттилэр.

Тылгыны нэһилиэгин уус-уран самодеятельноьын кыттыылаахтарын киэҥ программалаах концертара көрөөччүлэр дохсун ытыс тыстарынан доҕуһуолланар. Доҕордоһуу дьоро киэһэтэ ырыа-тойук, дьуохар, үҥкүү аргыстаах хойукка диэри салҕанар.

Ити киэһэ остуол оонньууларыгар — дуобакка, саахымакка уонна тенниска күрэхтэһиилэр саҕаланнылар. Быйылты күрэхтэһиилэргэ Маҥаас, Тылыны, СПТУ-10, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын, Далыр, Боотулуу, оройуон киинин спортсменнара күөн көрүстүлэр. Бу юбилейдаах көрсүһүүгэ барыта 200-тэн тахса спортсмен кытынна.

Остуол тенниһигэр барыта 18 спортсмен кытынна. Бастакы ракеткаҕа Игнат Евдокимов (оройуон киинэ) бары утарылаһааччыларын хотон бастаата, иккис ракеткаҕа Егор Васильев (Маҥаас), үһүс ракеткаҕа оройуон биллиилээх теннисчитэ Наталья Дмитриева кими да киһилээбэтилэр.

Дуобакка олохтоохтор Владимир, Василий, Варвара Львовтар кэлбит ыалдьыттарын үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө кыайыы үс очкотун суруналлар. Саахымакка Тылгыны спортсменнара Капитон Иванов, Николай Тонгоесов утарылаһааччыларын Дмитрий Петрову, Виктор Устиновы бэрт кэбэҕэстик кыайа туттулар, үһүс дуоскаҕа Евдокия Григорьева Тамара Васильеваны кыайда. Онон саахымакка ыалдыттарбыт кыайыылаах таҕыстылар.

Хапсаҕайдаһан тустууга барыта 42 спортсмен кытынна. 55 кг ыйааһыннаахтарга Мичил Маисов бастаата. 60 кг — Василий Анисимов (СПТУ), 70 кг — Иван Петров (Тылгыны), 80 кг — Николай Прокопьев (Маҥаас), 80 кг үөhэ — Михаил Поскачин (Маҥаас) утарылаһааччыларын кыайа тутан туһуннулар уонна кыайыы өрөгөйүн өссө төгүл биллилэр.

35 уонна 45 сааыттан үөhээ саастаахтарга икки өттүттэн иккилии ыйааһынна спорт ветераннара туһуннулар. 70 кг – Степан Львов, 70 кг yehэ — Николай Попов (Маҥаастар) кыайыылаах та5ыстылар. 45 сааһыттан үөhэ Гаврил Матвеев, Капитон Иванов (иккиэн Тылгынылар) бастаатылар.

Чэпчэки атлетика5а Тылгынылар Айталина Николаева, Гаврил Петров, Гаврил Гаврильев наар ыллылар. Спорт ветераннарыгар Василий Трофимов, Николай Максимов (иккиэн Маҥаастар) билигин да буораахтаахтарын көрдөрдүлэр. Национальнай атах оонньууларыгар Михаил Васильев эдэрдэргэ үс коруҥҥэ кылыыга, куобахха, буурга бастыан бастаата. Оттон 35 сааһыттан үөhэ спорт ветераннарын икки ардытар күрэхтэһиигэ оройуон биллиилээх атах оонньооччута Василий Трофимов эмиэ үс көрүҥҥэ барытыгар ылла.

 Өссө кинилэр онон дуоһуйбакка бу көрүҥнэргэ абсолютнай чемпион аатын ыллылар. Хапса5айдаһан тустууга абсолютнай чемпион аатын былдаһыыга барыта 14 бөҕөс кытынна. Бу юбилейнай сыл абслютнай чемпионун аатын ылбыт киһи именной спортивнай кубогынан нагараадаланар буолан ордук интэриэһи тарта. Бөҕөстөр юбилейнай кубогы ылар иһин турууланан туран туһуннулар. Түмүгэр абсолютнай чемпион кубогын Николай Прокопьев (Маҥаас) ылла. Кини дьонугар-сэргэтигэр спортсмен быһыытынан толору сиппитин-хоппутун дакаастаата. Кырдьаҕастарга Тылгыны бөҕөһө Гаврил Матвеев кыайан, көрөөччүлэр уруйдарын-айхалларын ылла.

Курэхтэһии үһүс күнүгэр көҥүл тустууга барыта 56 бөҕөс кытынна. 48 кг ыйааһыннаахтарга ССРС спордун көҥүл тустууга, самбога, классикаҕа маастарга кандидат Иван Николаев (Маҥаас) бастаата. 52 кг — Николай Иннокентьев, 57 кг — Виктор Филиппов, 62 кг — Никифор Афанасьев (үһүөн Тылгынылар), 68 кг – Михаил Васильев (Маҥаас), 74 кг — Михаил Поскачин (Маҥаас), 74 кг үөһэ ыйааһыҥҥа Петр Степанов (Тылгыны) бастаатылар.

Мас тардыыһыытыгар барыта 7 спортсмен круговой системанан күрэхтэстилэр. 60 кг — Федор Третьяков (Тылгыны), 75 кг — Петр Васильев (Маҥаас), 75 кг — Василий Прокопьев (оройуон киинэ) бастаатылар.

Гиирэ анньытыгар 60 кг — Семен Иванов (Далыр), 70 кг -Анатолий Богданов (Боотулуу), 80 кг — Николай Прокопьев (Маҥаас), 80 кг yohэ — Степан Кириллов кыайыы үрдүк пьедесталыгар таҕыстылар.

Күрэхтэһиилэр үрдүк таһымнаахтык барыыларыгар СПТУ-10, ДЮСШ үөрэнээччилэрэ төһө кыахтара, дьоҕурдара тиийэринэн активнайдык кыттыбыттарын уонна бу күрэхтэһииттэн үгүскэ үөрэнэн барбыттарын бэлиэтиир наадалаах. Күрэхтэһии түмүгүнэн Маҥаас-Тылгыны нэһилиэктэрин 20-с көрсүһүүлэрэ тэҥнэһииннэн түмүктэннэ. Үчүгэй ситиһиилэрдээх Маҥаас спортивнай командатыгар юбилейнай кубок хаалларылынна, оттон көһөрүллэ сылдьар спортивнай кубок Тылгыны спортивнай командатыгар тигистэ.

Үс күннээх толору көрөөччүлээх спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһыгар бастаабыт спортсменнарга чемпионскай лиэнтэлэри, сувенирдары, дипломнары туттарыы церемонията үрдүк таһымнаахтых барда. Күрэхтэһии иккис күнү киэһэтигэр Маҥаас нэһилиэгин Культуратын дьиэтин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын күүһүнэн киэҥ программалаах концерт туруорулунна. Күрэхтэһии кэмигэр олохтоох агитколлективтар кэлбит ыалдьыттары саха саныыр араас аһынан күндүлээн ыалдыттар махталларын ыллылар. Ол курдук Александра Степанова салайааччылаах 3 N-дээх агитколлектив 320 солкуобайдаах ас атыытын тэрийдэ, 4 №-дэх агитколлектив (Людмила Федотова), 2 N-дээх (Светлана Васильева) биирдии бэйэлэрэ 200 солкуобайдаах үбү киллэрдилэр, атын да агитколлективтар хаалсыбыттар.

Юбилейнай көрсүһүү биир умнуллубат тугэнинэн Н.И.Хандыны кэриэстэһин буолла. Саха сиригэр советскай былаас туругурарын иһин сырдык тыынын толук уурбут бассабыык Никита Иннокентьевич Иванов (Ханды) көмүллэ сытар сиригэр. Бэттиэмэ алааска, Маҥаас, Тылгыны нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ обелиск аһыллыытыгар сылдьан өйдөбүнньүк гирляндаларын уурдулар.

Коммунист Никита Ханды туһунан Е.Е.Егоров уонна И.Е.Иванов сиһилии билиһиннэрдилэр. Тылгыны сельсоветын исполкомун председателэ П.Е.Степанов, «Күүлэт» совхоз профкомун председателэ И.С.Мискяев Никита Ханды уҥуоҕун сөргүтэн, саҥардан оҥорбут Маҥаас комсольскай тэрилтэтигэр махтанан тыл эттилэр. Инникитин Маҥаас — Тылгыны ыччаттара Н.И.Ханды олорбут Бэттиэмэтиэр саас ахсын көрсүһүөх буолан больдьостулар.

Үс күн устата спортивнай күрэхтэһиилэр тиргиччи барбыт буоллахтарына, сүүйүүлээх лотерелары атыылааһын өссө тэтимнээхтик барда. Лотереяны оонньотор анал комиссия председателэ И.И.Иванов оонньууну саҕалаабытыгар уу-чумпу сатыылыыр. Бастакы дьоллоох билиэт Тылгыны бэрэстэбиитэлигэр Елизавета Васильеваҕа «Таурас» телевизор түбэспитин дохсун ытыс тыаһынан көрсөллөр. Долгутуулаах мунуутэлэр субуһаллар. Аны таҥас сууйар массыынаны Степан Львов сүүйэр. Дьэ ити курдук сүүйү үөрүүтүн үгүс киһи билэр.

Инникитин доҕордоһуу өссө кэҥээн-тэнийэн иһиэҕэ. Ол курдук эһиил саас икки нэһилиэк комсомольскай тэрилтэлэрэ бырааттыы Хандылар бириистэрин иһин волейболга, баскетболга күрэхтэһиилэрэ олохтонуо. Онтон дьыл баччатыгар үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһиилэр салҕанан барыахтара уонна 25-с юбилейнай көрсүһүү Тылгыны нэһилиэгэр тэриллиэҕэ.

Сүүрбэ сыллаах доҕордоһуу түһүлгэтэ хаһан да умнуллубаттык дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хатанна уонна кэрэ кэпсээн буолан тэнийдэ.

                          И.Иванов, селькор.

Культурнай-спортивнай комплекстарга — киэҥ суолу! 1987 сыл.

ДОҔОРДОҺУУ САЛҔАНАР

Угэскэ кубулуйбут Маҥаас — Тылгыны нэһилиэктэрин табаарыстыы көрсүһүүлэрэ «Күүлэт» совхоз киинигэр Тылгыныга уон тохсус төгүлүн ыытылынна. Тылгыны олохтоохторо кэлбит ыалдьыттары олус истинник көрүстүлэр. Ыалдьыттар ааттарыттан комсомольскай тэрилтэ секретара М.Г.Бочурова уонна культура дьиэтин директора, партийнай тэрилтэ секретара Е.Е.Егоров Тылгыны нэһилиэгин олохтоохторугар истиҥ` эҕэрдэ тылын этэллэр. Маҥаас нэһилиэгин комсомолецтарын, ыччаттарын ааттарыттан өйдөбүнньүк альбому уонна сувениры туттараллар.

Маҥаас нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын киэҥ` программалаах концертара көрөөччүлэри олус астыннарда.

Концерт кэнниттэн үгэс буолбут спортивнай күрэхтэһиилэр сал5анан бараллар.

Дуобакка үс дуоска5а Маҥаас нэһилиэгин дуобатчыттара Владимир, Василий, Варя Львовтар олохтоох дуобатчыттары харахтарын өрө көрдөрбөккө хоттулар. Остуол тенниһигэр үс ракетка5а Е. Васильев, В.Федотов уонна А.Герасимова утарсааччыларын кыайаллар. Саахымакка бастакы дуоска5а Н.Иванов (Тылгыны) кыайыыны сурунар. Онтон иккис-үһүс дуоскаларга Д.Михайлов, М.Бочурова кыайаллар.

Чэпчэки атлетика5а А.Герасимова (Маҥаас) утарсааччыларын барыларын кыайа тутан хотуталаата. Онтон М.Поскачин, П.Васильев (иккиэн Маҥаастар) бастакы-иккис миэстэни үллэһиннилэр. Үрдүгү ойууга Н.Иванов (Тылгыны) кыайда. Күрэхтэһии иккис күнүгэр хапса5айдаһан тустууга 26 тустуук кытынна. Итиннэ Тылгынылар биир очконан баһыйдылар.

Көҥүл тустууга а5ыс ыйааһыҥҥа эмиэ олохтоохтор сабырыйдылар.

Гиирэни анньыыга Маҥаастар кыайдылар.

Икки куннээх хатыһыылаах курэхтэһиигэ Маҥаас нэһилиэгин спортсменнара 42,5 очкону хомуйан бастаан тахсаллар. Күрэхтэһиилэри түмүктээһин церемониятыгар 19 сылын табаарыстыы көрсүһүүттэн 18 төгүлүн бастаабыт Маҥаас нэһилиэгин спортивнай командатыгар көһөрүллэ сылдьар кубогы үйэ-саас хаалларарга күрэхтэһии кылаабынай судьуйата И.С. Мискяев дохсун ытыс тыаһынан туттарар. Биирдиилээн бастаабыт спортсменнарга грамоталары, сыаналаах сувенирдары туттараллар.

Ити киэһэ I разрядтаах дуобатчыт Владимир Львов олохтоохторго дуобат сеансын биэрэр.

Икки нэһилиэк ыччаттарын көрдөөх-нардаах биэчэрдэрэ түүн хойукка диэри үрдүк тэрээһиннээхтик барда.

И. Иванов, Маҥаастаа5ы корпост салайааччыта, культура ветерана.

1986 сыл.

Маҥаас — Тылгыны: До5ордоһуу түһүлгэтэ

Тэҥнэһиинэн түмүктэннэ

Ыаллыы Маҥаас — Тылгыны нэһилиэктэрин ыччаттарын үгэскэ кубулуйбут культура5а уонна спортка 21-с до5ордуу көрсүһүүлэрэ Тылгыны нэһилиэгэр буолан ааста.

Маҥаас нэһилиэгин ыччаттарын киэҥ` программалаах концертара көрөөччүлэри астыннарда. Онтон сынньалаҥ` киэһэтин устатыгар атах оонньууларыгар, дуобакка, саахымакка, остуол тенниһигэр күрэхтэһиилэр сытыы киирсиилээхтик бардылар. Бастакы күннээ5и түмүккэ Маҥаастар остуол тенниһигэр үс ракетка5а барытыгар ыллылар, дуобакка икки дуоска5а кыайыыны суруннулар. Онтон атах оонньууларыгар биһиги спортсменнарбыт иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр. Ол курдук Николай Иванов троеборье сууматынан абсолютнай чемпион буолла. Иккис, үһүс миэстэлэргэ Семен Петров, Василий Соловьев (Маҥаас) тигистилэр.

Иккис күнүгэр хапса5айга, көҥүл тустууга барыта 53 спортсмен кытынна. Манна Тылгыны тустууктара ыалдьыттарын кыайа тутан аҥардастыы кыайталаатылар. Мас тардыһыытыгар, гиирэ анньыытыгар Маҥаас спортсменнара күрэхтэһии чемпионнарынан буоллулар.

Бу до5ордуу көрсүһүүгэ а5ыс спортивнай көрүҥтэн биэс көрүҥэр Маҥаастар бастаабыт курдуктар да хаачыстыбаннай көрдөрүүнэн икки нэһилиэктэр биирдии бэйэлэрэ 16-лыы чемпионнаах буолан, тэҥнэһиинэн түмүктээһини судейство быһаарда.

Икки нэһилиэк ыччаттарын до5ордоһуулара өссө чиҥиир, ол гынан баран биһиги спортсменнарбыт тустууга мөлтөөһүннэрэ улахан дьиксиниини үөскэтэр.

И.Иванов, Маҥаастаа5ы корпост салайааччыта. 1988 сыл.

КЫАЙЫЫ — ОЛОХТООХТОРГО (Маҥаас — Тылгыны ыччаттарын 22-с көрсүһүүлэрэ)

Маҥаас нэһилиэгин олохтоохторо ыаллыы олорор Тылгыны ыччаттарын кытта сүүрбэ иккис көрсүһүүлэрэ бу сырыыга Маҥааска ыытылынна.

Ыалдьыттарбыт кэлбит күннэрин киэһэтигэр күрэхтэстилэр. Ол курдук сахалыы атах оонньууларыгар Тылгыны спортсменнара Гаврил Кириллин, Гаврил Петров олохтоох спортсменнары үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө кыайан бастакы очкону суруналлар.

Бастакы күн киэһэтигэр дуобакка, саахымакка, остуол тенниһигэр сытыы киирсиилэргэ олохтоох команда чилиэннэрэ үс көрүҥҥэ эрэллээхтик кыайдылар.

Нѳӊүѳ күнүгэр сарсыардаттан хапса5айдаһан тустууга күрэхтэһиилэр са5аланнылар. Манна биэс ыйааһыҥҥа 32 спортсмен кытынна. “Дүллүкү” совхоз Кырыкыйдаа5ы отделениетын бастын` тустууктара кыттан күрэхтэһиини киэргэттилэр. Кырыкый хапса5айдьыттара бу да сырыыга утарылаһааччыларын барыларын көбүөргэ күөлэһитэн бары ыйааһыннарга чемпионнаан Тылгыны уонна Маҥаас тустууктарыгар улахан уруогу биэрэн бардылар.

Абсолютнай тустууга ыалдьыттар да, олохтоохтор да киирэн тустартан салыннылар. Манна Маҥаас биир тустууга Марк Васильев тустан иһэн маҥнайгынан охтон абсолютнай чемпион аатын Алексей Тоноевка туран биэрдэ. Бу икки көрсүһэр нэһилиэктэр түөрт-биэс сыл устата хапса5айдаһан тустууга абсолютнай чемпион аатын атын нэһилиэк тустууктарыгар биэрэр буолбуттара үгэскэ кубулуйда. Онтон хапса5айга Кырыкый тустууктара бастакы, Тылгыны иккис, олохтоох тустууктар үһүс миэстэлэргэ тигистилэр.

Көҥүл тустууга икки до5ордуу нэһилиэктэр а5ыс ыйааһыҥҥа утарыта күөн көрүстүлэр. 48 кг ыйааһыҥҥа Василий Львов (Маҥаас), 52 кг — Владимир Иванов (Тылгыны), 57 кг — Семен Данилов (Тылгыны), 62 кг — Егор Попов, 68 кг — Михаил Лазарев (иккиэн Маҥаас), 74 кг — Аркадий Васильев (Тылгыны), 82 кг — Гаврил Корякин, 82 кг үөһэ — Анатолий Васильев (иккиэн Маҥаас) бастаатылар. Онон Маҥаастар көҥүл тустууга биэс ыйааһыҥҥа кыайан холкутук бастаатылар.

Гиирэ анньыытыгар түөрт ыйааһынтан үһүгэр олохтоох спортсменнар утарылаһааччыларын кыайа тутан бастаатылар. Ол курдук 60 кг — Исай Григорьев, 80 кг — Гаврил Корякин, 80 кг үөһэ — Анатолий Васильев кыайыыны ситистилэр.

Мас тардыһыытыгар 60 кг ыйааһыннаахтарга барыта алта спортсмен кыттыбытыттан Петр Дмитриев (Тылгыны), 75 кг диэри ыйааһыҥҥа сэттэ киһиттэн Василий Саввин (Маҥаас) бары утарылаһааччыларын холкутук тардыталаан кыайыылаа5ынан та5ыстылар.

75 кг үөһэ ыйааьыҥҥа үс спортсмен кыттыбытыттан Александр Шпенев (Маҥаас) бу да сырыыга улахан эрийсии кэнниттэн бастаата. Манна киниэхэ ыар таһа5ас буолбут Константин Михайлов инникитин мас тардыһыытыгар кэскиллээ5ин көрдөрдө.

Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин кыргыттарын икки ардыларыгар баскетболга, волейболга матчевай көрсүһүү буолла. Баскетболга Маҥаас кыргыттара олус холкутук кыайдылар. Оттон волейболга үс төгүл киирсэ сатаан баран икки очконан Маҥаас командата кыһыылаахтык хотторон кэбистэ.

Кырыкый — Тылгыны уолаттара эмиэ бу икки көрүҥҥэ күрэхтэһиилэригэр Кырыкый спортсменнара утарылаһааччыларын кыайа тутан холкутук бастаатылар. Икки күн устата Тылгыны — Маҥаас нэһилиэктэрин икки ардыгар ыытыллыбыт 22-с көрсүһүү түмүктүүр чааһыгар кыайыылаахтары чиэстээһин үөрүүлээх кэмигэр чемпионнарга жетоннары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Бу көрсүһүү кыайыылааҕынан алта көрүҥҥэ бастаабыт Маҥаас нэһилиэгин командата буолла.

И. Иванов,

Селькор, РСФСР спордун ветерана, курэхтэии кылаабынай судьуйата.1989 сыл.

24-С ТӨГҮЛҮН

Бу күннэргэ Маҥааска Бүлүү оройуонун Тылгыны уонна Манҥаас нэьһилиэктэрин үгэс буолбут спортка уонна культурага көрсүһүүлэрэ 24-с төгүлүн ыытылынна. Манна ыаллыы Кырыкый, Далыр, Мэйик, Боотулуу ыччаттара кыттан күрэхтэһии таһымын үрдэтэн биэрдилэр. Дуобакка В.Васильев (Далыр), В.Егоров (Маҥаас), сахалыы ыстаныыларга Н.Иванов (Кырыкый), остуол тенниһигэр М.Петров (ЯПУ-1), И.Федорова (Маҥаас), хапсаҕайга абсолютнай чемпионакка Владимир Степанов (Кырыкый) астыктык бастаатылар. Мас тардыһыытыгар Кырыкыйтан С.Афанасьев, Маҥаастан В.Саввин, Н. Попов кыайыы үөрүүтүн биллилэр. Гиирэҕэ П.Деллохов, М.Поскачин, Г.Корякин, Н.Попов (бары Маҥаастар) бастаатылар. Көҥүл тустууга В.Мандаров, П.Егоров (иккиэн Далыр), С.Данилов, А.Васильев (иккиэн Тылгыны), Е.Попов, М.Васильев (иккиэн Маҥаас), И. Потапов (Мэйик), Е.Степанов (Кырыкый) бастаатылар.

 Егор Васильев. 1991 сыл.

Маҥаас-Тылгыны ыччаттарын доҕордоһуулара: 25 сыл

ДОҔОРДОҺУУ КЫАЙДА!

Түҥ өрүс эрийэ-буруйа сүүрдэр киэҥ нэлэмэн кытылларын уҥуоргу-маҥааргы өттүгэр ыаллаһан олорор Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин эдэр ыччаттарын доҕордоһууларын үйэ чиэппэрдээх юбилейын күннэригэр «Күүлэт» совхоз киинигэр Тылгыныга кэлэн ыҥырыктаах ыалдьыт быһыытынан эдэр ыччаттар до5ордоһууларын дьоро киэһэлэригэр киэҥ-куоҥ культура киинигэр кырдык да эдэр ыччаттар туһулгэлэригэр кэлэн турабыт.

Бу үтүө үгэһи олоххо киллэриигэ сыламтата суох кыттыбыт Тылгыны орто оскуолатыгар өр сылларга директордаабыт Николай Иванович Гаврильев, Маҥаас нэһилиэгин чулуу ыччата, оччолорго бу үтүө үгэһи олоххо киллэриигэ аан бастаан тыл көтөхпүт, билигин Yөhээ Бүлүү улууһун биир бастыҥ үлэлээх бааһынайа Прокопий Иванович Максимов, бу икки нэһилиэк до5ордоһууларын уhун үйэлээбит, сыллата ахсын сүүрбүт-көппүт, тэрийсибит, культура үлэтин ветерана, биһиги активнай общественнай корреспондеммыт Иван Елисеевич Иванов, Тылгыны культуратын киинин музыкана Павел Павлович Борисов, айыл5аттан бэриллибит талааннаах художник Николай Николаевич Дуров уо. д. а. киэҥ сцена5а тахсан олороллор. Бу юбилейлаах до5ордоһууну тэрийбит а5а дьоннорбут Гаврильев Н.И., Максимов П.И. ахтыылары онордулар.

Тылгыны нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга, спорду киэҥник пропагандалааччы Гаврил Гаврильевич Петров, Маҥаас нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга, фольклору пропагандалааччы, республика5а киэҥник биллэр оһуохайдьыт Егор Егорович Егоров юбилейга аналлаах э5эрдэ тыллары хардарыта этэллэр. Үгэскэ кубулуйбут до5ордуу көрсүһүүнү тэрийсибит бастакы тэрийээччилэри, спорт, культура ветераннарын икки улуус дьаһалталарын аатыттан Бочуотунай грамоталары, э5эрдэ суруктары, өйдөбүнньүк сыаналаах бэлэхтэри туттараллар. Маҥаас Тылгыны нэһилиэктэрин до5ордоһууларын үйэ чиэппэрин устата тэрийсибит культура үлэтин ветерана И. Е. Иванов махтал-баһыыба тылларынан харда этиини онорор.

Бу үөрүүнү-көтүүнү үллэстэ Бүлүү улууһуттан дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Александр Герасимович Васильев, Үөһээ Бүлүү улууһуттан ыччат уонна спорт управлениетын эппиэттээх үлэһитэ Зоя Васильевна Тарабукина Маҥаас — Тылгыны ыччаттарын до5ордоһуулара инникитин да күүскэ сайда, чэчирии турарыгар уонна атын да нэһилиэктэргэ үтүө холобур буоларыгар бар5а махталларын эттилэр.

Маҥаас нэһилиэгин ыччаттарын күүһүнэн киэҥ программалаах юбилейнай концерт туруорулунна. Сахалыы хапсаҕайдаһан тустууга барыта 59 спортсмен кытынна. Хапсаҕайга икки бөлө5үнэн тустуу тэриллэр. Ол курдук бастакы бөлөххө Маҥаас Тылгыны ыччаттара тусталлар. 55 кг Семен Данилов (Тылгыны ыччата) аан бастаан чемпионнуур. 60 кг Макар Васильев (Маҥаас), 70 кг Аркадий Васильев (Тылгыны), 80 кг Василий Иванов (Маҥаас), 80 кг үөһэ Николай Григорьев (Маҥаас) эрэллээхтик бастыыллар.

40 сааһыттан үөһэ спорт ветераннарыгар 60 кг Данил Петров, 70 кг Владимир Дмитриев бастыыллар, 70 кг үөһэ ыйааһыҥҥа Степан Кириллов Маҥаас тустуугун Николай Попову сүүрбэ сыл устата эгил-тэгил эрийсэн кэлэн баран, юбилейдаах сылга кыайа тутан бастыан бастаата.

Итинэн хапсаҕайга Маҥаастар бастаан та5ыстылар.

48 кг көнүл тустууга, самбоҕа, классическай тустууга маастарга кандидат Иван Николаев (Маҥаас) утарылаһааччыларын барыларын кыайан иккис ббөлөххө чемпионнаата.

Онтон салгыы 52 кг Семен Данилов (Тылгыны), 57 кг Владимир Филиппов (Тылгыны), 62 кг Егор Попов (Маҥаас), 68 кг Владимир Дмитриев (Маҥаас) бастаатылар.

74 кг Василий Иванов (Маҥаас), 82 кг Саха Республикатын маастара Николай Григорьев эрэллээхтик пъедестал үөһээ кэрдииһигэр үктэннилэр.

 Итинэн көҥүл тустууга сэттэ ыйааһынтан биэһигэр Маҥаастар кыайыы очкотун ылаллар. Хапсаҕайга абсолютнай чемпионакка барыта 13 тустуук кыттар. Абсолютнай тустууга ким чемпионнаабыт икки саастаах тый фондатын ылыахтаа5ын туһунан «Күүлэт» совхоз дирекцията анал бирикээһи таһаарбыт. Ол хаһаайына бу хабыр хапсыһыыга биллиэхтээ5э. Биһиги киэн туттар тустууктарбыт Леонид Николаев да, Николай Григорьев да тиксибэккэ, эрдэ туораан хааллылар. Арай түмүк көрсүһүүгэ Василий Иванов (Маҥаас) уонна Степан Иннокентьев (Бүлүү) абсолютнай чемпион аатын ылар иһин хабыр хапсыһыылара көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ылыан ылла. Хомойуох иһин, биһиги тустуукпут хотторон абсолютнай чемпион үрдүк аатын Степан Иннокентьев ылыан ылла уонна тый фондатын ылла.

Түөрт уон сааһыттан үөһээ саастаахтарга бэрт аҕыйах тустуук суруттарбыта. Түмүк көрсүһүүгэ Владимир Дмитриев уонна Александр Григорьев күөн көрсөллөр. Бастаан утаа Дмитриев Григорьевы кыайа тутар, сорох түгэннэргэ көтөҕен да ылар. Ол гынан баран, Александр Григорьев хапса5айга опыта бэрт буолан, бу мүччүргэннээх түгэнтэн быыһана охсон В. Дмитриеви тиэрэ садьыйан охторон түһэрэр. Онон ветераннарга абсолютнай чемпион аатын ылар.

Мас тардыһыытыгар үс ыйааһынтан иккитигэр Тылгынылар холкутук ылаллар. Манна күүстээх мас тардыһааччы Василий Ядреев бары утарылаһааччыларын кыайа-хото тутаттаан кыайталыыр.

Национальнай атах оонньуутугар Тылгыны спортсмена Гаврил Кириллин бары утарылаһааччыларын кыайа тутан бастаата. Ол курдук троеборье сууматынан 64 м 24 см ылан бастыан бастаата.

Саахымакка олохтоохтор үс дуоскаҕа барытыгар кыайдылар. Дуобакка икки нэһилиэк дуобатчыттара үс дуоскаҕа балтараалыы очкону үллэстэн тэҥнэһэн та5ыстылар.

Остуол тенниһигэр 1 ракетка5а Владимир Федотов, 2 ракетка5а Василий Саввин, 3 ракетка5а Матрена Поскачина (үһүөн Маҥаастар) кыайыахтарын кыайдылар.

Дьэ ити курдук икки күннээх спортивнай күрэхтэһиилэргэ Маҥаас нэһилиэгин спортсменнара хапса5айга, көҥүл тустууга остуол тенниһигэр кыайдылар. Тылгынылар национальнай атах оонньууларыгар, мас тардыһыытыгар, саахымакка кыайдылар, дуобакка тэҥнэстилэр. Итинэн икки нэһилиэк юбилейдаах 25 сылларыгар эрбии биитин курдук эриһэн көрсүһүүнү эйэ дэмнээхтик тэҥнэһиинэн түмүктээтилэр. Дьэ бу буолар доҕордоһуу кыайыыта диэн!

Бу манна сылдьан олохтоохтортон да, ыалдьыттартан да иһиттэххэ бу 25 сыл устатыгар хайаларын да өртүттэн иирсээн-охсуһуу, балыйсыы тахсыбатах.

Нөнүө күнүгэр Бүлүүлэр киэн туттар “Тукулаан” рок-поп группата концертаата. Манна биһиги билэр ырыаһыттарбыт Иван, Елена Туласыновтар сылдьыһаллар.

25 сыл устата хаан-уруу тардыһыыта барбыта ырааппыт. 30- тан тахса ыал күөрэйэн, билигин кинилэр ыччаттара күрэхтэһэ сылдьаллар.

Биһиги операторбыт А.Саввиновтыын, түүн 3 ч. диэри тардыллан кэлиибитигэр, олох билбэт түһэрбит ыаллара 200 вт. 3 лаампаны уматан тураллара, мунуохтара диэн. Тылгынылар дьэ оннук үтүө-мааны дьонноох сэлиэнньэ эбит.

Эһиги 2 нэһилиэк до5ордоһуута өссе чинии, тэнийэ турдун.

Гордей Семенов. 1992 сыл.

MAҤAACKA – ДО5ОРДОҺУУ ТҮҺҮЛГЭТЭ

Сааскы салгын сайа охсон, Саха сирин үрдүнэн күн уота чэмэлийэ сырдаан тупсан ахан турар. Бүгүн биһиги нэһилиэкпитигэр үөрүү-көтүү, өрөгөй күнэ үүннэ. Ыаллыы Тылгыныбыт олохтоохторо сүүрбэ алтыс төгүлүн доҕордуу көрсүһүүлэрэ ыытылынна.

***Икки нэһилиэк ыччаттара күрэхтэһиини волейбол оонньуутунан саҕалаатылар. Икки команданы тас өттүнэн Кырыкый, Далыр волейболистара личник быһыытынан кытыннылар. Волейболга Маҥаас дьахталларын командата ыалдьыттарын барыларын хотон бастаата. Онтон эр дьоннорго Тылгыны командата эрэллээхтик кыайа тутта.

***Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 50 сыллаах юбилейа субу чугаһаан кэллэ. Бу өрөгөйдөөх күнү Тылгыныга-уон, Маҥааска – түөрт сэрии ветераннара көрсөр дьолго тигистилэр. Бүтүн Маҥаас нэһилиэгиттэн сэрии кырыктаах кыргыһыытыгар баран төбөлөрүн толук уурбут буойуттарбыт

памятниктарыгар гирлянда, венок уурдулар, кылгас ахтыыны оҥордулар.

***Киэһэ культура киинин киэҥ саалатыгар олохтоохтор лыык курдук мустан ыалдьыттарын уруйдаан көрсөллөр. Сцена5а А5а Дойду Улуу сэриитигэр кыа-хааннарын тохпут сэрии, үлэ ветераннара мэтээллэрэ, орденнара кэтит түөстэригэр кылыгырыы оонньоон олороллор. Маҥаас нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Е.Е.Егоров, Бүлүү улуһуун Тылгыны нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Гаврил Гаврильевич Петров нэһилиэктэрин сайдыытын кылгастык билиһиннэрдилэр.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх киэһэҕэ Тылгыныттан сэрии ветераннара Иванов Николай Васильевич (уруккута советскай-партийнай үлэһит), Кононов Иван Герасимович (эргиэн тэрилтэтигэр өр сылларга үлэлээбит), Мякчигиров Федор Саввич (Албан аат III степеннээх орденын кавалера, Сталинградскай кыргыһыы активнай кыттыылааҕа, үлэ ветерана), Маҥаастан Прокопьев Николай Федорович (советскай-хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ үлэлээбит, Албан аат III степеннээх орденын кавалера, Ленинградскай фронт кыттыылаа5а), Григорьев Тит Данилович (японскай милитаризмы үлтүрүтүү активнай кыттыылаа5а, өр сылларга илиитин араарбакка үлэлээбит үлэ ветерана) кытыннылар. Уоттаах сэрии толоонун кырыктаах кыргыһыыларыгар кыттыбыт Иванов Н.В. уонна Прокопьев Н.Ф. кылгас ахтыылары оҥордулар. Нэһилиэктэр дьаһалталарын баһылыктара Егоров Е.Е., Петров Г.Г. сэрии ветераннарыгар өйдөбүнньүк бэлиэлэри биэрдилэр уонна толору дьолу-соргуну, уһун үйэни ба5ардылар.

* **Тылгыны нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын киэҥ программалаах концердын олохтоохтор астына көрдүлэр. Кындыа кылыс кыталык кыргыттар үҥкүүлэрэ, Антонина Николаева, Павел Борисов сценкалара, инсценировкалара, ырыаһыт Альберт Борисов, Павел Борисов, Аркадий Васильев ырыалара, хас да сыл йоганан утумнаахтык дарыктаммыт, культура үлэһитэ Антонина Николаева үлтүркэй тааска үҥкүүлүүрүн ааһан, аны кыһыл чоххо үктэнэр идэлэммитэ көрөөччүлэри сөхтөрдө. Концерт ис хоһооно киэҥ, астык.

***Хапса5айдаьан тустуу сытыы киирсиилээхтик барда. 16 саастарыгар диэри оскуола үөрэнээччилэрэ үс ыйааһыҥҥа туһуннулар. 40 кг ыйааһыннаахтарга Гоша Прокопьев, 45 кг диэри Коля Токоемов, 45 кг үөһэ Ваня Тутасов бастаатылар.

***Абсолютнай чемпионакка барыта 8 тустуук кытынна. Түмүк киирсиигэ Тылгыны бөҕөһө Иван Петров Маҥаас чулуутун Егор Попову кытта эрийсиилээхтик тустан көрөөччүлэри улаханнык астыннардылар. Иван Петров наар кытыынан утарылаһааччытын илиитин-ата5ын кэтээн көрөн баран эмискэ саба туһэн барчалаан киирэр идэлээх эбит. Ону Егор Попов тута билэн, сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьан, хата, бэйэтэ Иван Петровы эмискэ атаакалаан көбүөр кытыытыгар хам тутан быраҕан сүүрбэ алтыс көрсүһүү абсолютнай чемпиона буолан үөрдэ. Көрөөччүлэр уруйдарын иһиттэ.

* *Көрдөөх стартар. Икки доҕордуу нэһилиэктэр ыччаттара түмүктүүр чаастарыгар аны алталыы киһилээх команданан «Көрдөөх старка» күрэс былдьастылар. Манна биллэн турар саха төрүт оонньууларыгар солондо5о, мас тардыһыытыгар, хары баттаһыыга, хаамыска5а, хабылыкка, тутум маһы эргийиигэ уонна канат тардыһыытыгар улахан интэриэһи үөскэтэн оонньоотулар. Бу сэттэ көрүҥтэн алтатыгар олохтоох хамаанда кыайда, онон кайыы Маҥаастарга буолла. Көрдөөх-нардаах до5ордоһуу үтүө чааһа тумуктэннэ. Дьон-сэргэ үөрүүтэ-көтүүтэ киэһэ хойукка диэри тэрилиннэ.

До5ордоһуу сал5анан барар, эһиил көрсүөххэ диэри — диэн олохтоох ыччаттар ыаллыы ыччаттарын атаара-ал5ыы хааллылар.

Иван Иванов.1993 сыл.

ДО5ОРДОҺУУ САЛ5АНАН БАРЫА

Маҥаас — Тылгыны нэhилиэктэрин ыччаттарын до5ордуу көрсүһүүлэрэ Тылгыны нэһилиэгэр ыытыллара былааннанна. Бүлүү улуһуун Тылгыны нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Гаврил Гаврильевич Петрову кытта көрсүһэн кэпсэтиигэ маннык уларытыылары киллэрдибит.

Спортивнай курэхтэһиилэргэ урут а5ыс көрүҥҥэ икки күн тура тэбинэн туран күрэхтэһэрбит. Онон ыччаттарбыт олус илистэллэрэ. Онон улахан билсиһии кыайан тахсыбат этэ. Дьэ ол иһин 27-с көрсүһүүгэ хапса5айдаһан тустуу, национальнай атах оонньуулара, мас тардыһыыта, хары баттаһыы уонна «Көрдөөх стартар» тэриллэллэрэ былааннанна. «Хары баттаһыы» — бу саха норуотун былыргы оонньуута ыйааһыннарынан тэриллиэ. Оттон «Көрдөөх стартарга» — саха национальнай оонньууларытар курэхтэһиилэр көрөөччүлэр интэриэстэрин үрдэтиэ диэн ба5а санаалаахпыт.

Маны таһынан ыалдыттарбытын кэлбит күннэригэр тэрилтэлэринэн, сырытыннаран үлэ опытыгар хардарыта сүбэлэһиини тэрийиэхпит. Ол курдук оскуола, детсад, культура, нэһилиэк даһалтата о.д.а. тэрилтэлэр улэһиттэрэ көрсүөхтэрэ.

Икки нэһилиэктэр 20 сылга көрсүһүүлэрин устата до5ордоһууну көрдөрөр анал эмблема да, ырыа да суо5ар улахан ал5ас таһаарыллыбытын учуоттаан эмблема оноһуутугар, ырыа айыыга анал конкурстар тэриллиэхтэрэ — диэн нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Гаврил Гаврильевич быһаарда. Онон Тылгыны — Маҥаас ыччаттарын до5ордоһуулара аныгы рынок ыарахан тыыныттан ча5ыйбакка сал5анан барар.

Иван Иванов, селькор, культура, спорт ветерана.1994 сыл.

ТЫЛГЫНЫЛАР КЫАЙДЫЛАР

Маҥаас уонна Тылгыны спортсменнарын үгэс буолбут спортка табаарыстыы көрсүһүүлэрэ Тылгыныга ыытылынна.

Аан бастаан хапса5айдаьан тустууга үөрэнээчилэр 35 кг туһуннулар. Бу ыйааыҥҥа 10 тустуук кытынна. Манна Тылгыны эдэркээн тустууга Женя Дягилев бастаата. 45 кг ыйааһыннаахтарга алта тустуук кытынна. Манна Маҥаастан тиийбит тустуук Гоша Прокопьев Тылгыны тустууктарын барыларын кыайан чемпион буолла. 55 кг ыйааһыҥҥа — биэс тустуук. Бу ыйааһыҥҥа Спира Васильев (Маҥаас) утарылаһааччыларын барытын кыайан бастаата. 55 кг үөhэ ыйааһыҥҥа Ваня Егоров (Маҥаас) чемпион аатын ылыан ылла. Үөрэнээччилэр ортолоругар Тылгыны орто оскуолатын үөрэнээччитэ Сеня Степанов абсолютнай чемпион аатын ылла.

Улахан доҥҥо хапсаҕайдаһан тустууга олохтоохтор утарылаһааччыларын үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөтүлэр. 55 кг ыйааһыцца Семен Данилов бастаата. 60 кг ыйааһыҥҥа Владимир Иннокентьев (Тылгыны) Егор Герасимовы кыайа тутан бур5атан кэбистэ. 70 кг ыйааһыҥҥа Егор Попов (Маҥаас) бастыан бастаата. 80 кг ыйааһыҥҥа Василий Еремеев, 80 кг үөһэ ыйааһыҥҥа Степан Кириллов улахан көлөһүннэрин тохпокко эрэ бастаатылар.

Улахан дьоҥҥо хапса5айдаһан тустууга абсолютнай чемпион аатын былдьаһыыга Аркадий Васильев ча5ылхайдык киирсэн биһиги тустуукпутун Е. Попову тиэрэ садьыйан түһэрэн 27-с көрсүһүү абсолютнай чемпиона буолла.

Мас тардыһыытытар 60 кг Николай Иванов (Тылгыны) бастаата, иккис миэстэгэ үөрэнээччи Ваня Егоров (Маҥаас) тигистэ. 75 кг диэри ыйааһыҥҥа Егор Попов бастаата, иккискэ Аркадий Васильев, үһүскэ Павел Деллохов тигистилэр. 75 кг үөhэ ыйааһыҥҥа Виктор Петров кими да тутуһуннарбата. Онон эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэ5э Семен Максимов, үһүкэ Гаврил Корякин (Маҥаас) тигистилэр.

Мас тардыһыытыгар абсолютнай чемпионунан Виктор Петров (Тылгыны) буолла.

Хары баттаһыытын үс ыйааһыҥҥа киллэрэн күрэхтэһиини тэрийдибит. Сонун күрэхтэһии буолан дьон кыттыыта үгүс.

60 кг ыйааһыҥҥа Артур Томскай (Маҥаас), 75 кг ыйааһыҥҥа Степан Кириллов (Тылгыны) чемпионнаатылар.

Көрдөөх старка биэстэн үс көрүҥҥэ Маҥаас хамаандата эрэллээхтик бастаата.

Сахалыы атах оонньууларыгар олохтоох спортсменнар кими да киһилээбэтилэр, үс көрүҥҥэ барытыгар ылан чемпионнаатылар.

Онон спортивнай күрэхтэһиилэргэ Тылгыны спортсменнара ыалдьыттарын кыайа-хото туттулар.

Иван Иванов.1994 сыл.

28-с сылын КӨРҮСТҮЛЭР

Соторутаа5ыта Маҥааска үгэс буолбут күрэхтэһии ыытыллан үөрүү-көтүү буолла. Ол курдук Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин ыччаттарын 28-с табаарыстыы көрсүһүүлэрэ буолан ааста.

Тылгыныттан 50-ча киһи вахтовай автобуһунан кэлээт оскуола5а, культура дьиэтигэр, детсадка, балыыһа5а, ма5аһыыҥҥа сырыттылар, билсистилэр

Киэһэтин киэҥ программалаах концерт, көрсүһүү биэчэрэ киэһэ хойукка диэри буолла. Бу киэһэ дуобакка, саахымакка ыалдьыттар олохтоохтору киһилээбэтилэр.

Нөҥүө күнүгэр илии-атах оонньуута ыытылынна. Оҕолор хапса5айга күрэхтэһиилэригэр 40 кг — Валера Дмитриев, 45 кг – Гоша Прокопьев (иккиэн Маҥаас). 50 кг — Сеня Степанов, 55 кг Сеня Данилов (иккиэн Тылгыны) бастаатылар. Хапса5айга о5олорго абсолютнай чемпион аатын Маҥаастан Ваня Егоров ылла.

Эр дьон хапса5айдаһыыларыгар 60 кг — Борис Львов, 70 кг үөрэнээччи Ваня Егоров (иккиэн Маҥаас), 80 кг — Степан Кириллин (Тылгыны) кыайыы үөрүүтүн биллилэр. Хапсаҕайга абсолютнай чемпионакка уонча киһи кыттыбытыттан олохтоох Сергей Неустроев бастаан та5ыста.

Мас тардыһыытыгар Сергей Неустроев эмиэ абсолютнай чемпион аатын ылан сөхтөрдө. Дьахталлар мас тардыһыылара улахан сэҥээриини ылла. Улахан ыһыылаах-хаһыылаах киирсии түмүгэр 60 кг Мария Семенова (Маҥаас), үрдүкү ыйааһыҥҥа Раиса Васильева (Тылгыны) кыайыыны ситистилэр. Эр дьонно олохтоохтор баhыйдылар. 70 кг Егор Герасимов, үөһэ ыйааһыҥҥа Гаврил Корякин бастаатылар.

Хары баттаһыытыгар 70 кг. олохтоох Артур Томскай, 80 кг ыалдыыт Виктор Петров кими да өрө көрдөрбөтүлэр.

Табаарыстыы көрсүһүү көрдөөх стартарынан түмүктэннэ. Уопсай түмүккэ Маҥаас нэһилиэгин спортсменнара кыайдылар.

Лия Федотова, Манаас орто оскулатын 7-с кылааын урэнээччитэ.1995 сыл.

ДО5ОРДОҺУУНАН КИЭН ТУТТАБЫН

1968 с. ахсынны 18 күнүгэр Маҥааска Түҥ өрүс уҥуоргутуттан — Тылгыныттан эдэр ычаттар 24 буолан ыллыы-туойа, спортка күрэхтэһэ кэлбиттэрэ. Салайааччыларынан оскуола директора Н.И.Гаврильев, спортка Г.В.Матвеев этилэр. Көрсүһүү олус долгутуулаахтык ааспыта.

Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан киэһэ 6 чааска диэри спортивнай күрэхтэһии тохтоло суох хатыһыылаахтык барбыта. Ыалдьыттарбыт уһун кэмнэ айаннаан, сылайбыт-элэйбит быһыылара суо5а. Киэһэ 8 чааска ыалдыттары кытта истиҥ быһыыга-майгыга көрсүспүппүт. Тылгыны ыччаттарын салайан кэлбит Н.И.Гаврильев, сытыы-хотуу тыллаах, 30-лаах киһи, олохтоохтору истиҥник эҕэрдэлээбитэ. Олохтоох сельсовет председателэ Е.Н.Семенов доҕордоһуу салҕанарыгар баҕарбыта, комсомольскай тэрилтэ секретара Л.Н.Саввинова истиҥ иэйиилээх тыллары эппитэ.

Оччолорго биһиги нэһилиэкпитигэр республика5а атах оонньуутугар миэстэлэспит Н.Н.Иванов, В.Е.Трофимов, тустууктар И.Илларионов, Н.Максимов, П.Саввинов уо.д.а. бааллара. Остуол оонньууларыгар — дуобакка, саахымакка ыалдьыттар хоппуттара, атах оонньуутугар, мас тардыһыытыгар, тустууга олохтоохтор кыайбыттара. Онтон ханаат тардыһыытыгар Тылгынылар бастаабыттара. Онон бастакы курэхтэһии тэҥнэһиинэн түмүктэммитэ. Бу доҕордоһууну төрүттээбит дьоннорунан Тылгыныттан К.Е.Потапов, Г.В.Матвеев, Н.И. Гаврильев, Маҥаастан бырааттыы П.И., Н.И.Максимовтар буолаллар.

Итинтэн сэдиптээн 1969 с. сааһыгар биһиги Тылгыныга иккис көрсүһүүгэ барбыппыт. Уһун үйэлээх доҕордоһуу дьэ итинник са5аламмыта. Оччолорго бачча уһун сылларга салҕаныа диэн санаа да суоҕа. Ол эрээри чиҥ до5ордоһуу сал5аныан сөбүн ыччаттар бэйэлэрэ бигэргэппиттэрэ. Сыллата көтүппэккэ олохтоохтук тэрийиэххэ диэн быһаччы туруорсубуттара уонна өйөөбүттэрэ.

Ол үтүө көрсүһүүлэри иилээн-са5алаан, тэрийсэн, 30 сыл культура уонна спорт кыһатыгар уһаарыллан, үүнэн-сайдан, ытыктаһан, до5ордоһон кэлбиппинэн мин олус үөрэбин уонна киэн туттабын.

Үс көлүөнэ ыччаты до5ордоһуннаран үйэлээх тапталы, ытыктаһыыны тэрийсибиппинэн дьоллоохпун. Тылгыны — Маҥаас олохтоохторугар махталым улахан.

И. Иванов,

ССРС культуратын туйгуна, РФ спордун ветерана, РФ Журналистарын союьун чилиэнэ, ССРС Географическай обществотын дьиннээх чилиэнэ, краевед

ДО5ОРДУУ НЭҺИЛИЭКТЭР

Бу аҕыйах сыллааҕыта 1815 сыллааҕы Үөһээ Бүлүү улууһун картатын көрбүтүм. Ол картаҕа Маҥаас, Кырыкый сирдэрэ суох этэ. Оччолорго Бүлүү Тылгыныта уонна Маҥаас сириттэн «Сана олох» колхоз сирэ, «Түүлээх аҕатын yyha» — «Наакаан сорҕоото» диэн ааттанан Бүлүү улууһугар киллэриллэ сылдьыбыт кэмэ этэ. Ол иһин да Тылгыны оччотооҕу баайдара Быгыдый, Хандыы Түүлээх сиринэн тайаан олорбуттар, эргиммиттэр эбит. Баай Хандыы Боруллуоҕа тоҕус хостоох дьиэтигэр кыстыыра, сайын Сулгундаҕа олоро сылдьыбыттаах эбит. Кэлин олох араас долгуннара араастаан холботолоон- араартаан  «Маҥаас» нэһилиэгин аатын сүкпүппүт. Ол да буоллар Тылгыныны кытта сибээспит быстыбатах. Ордук 1968 сылтан саҕалаан икки оройуон, икки нэһилиэгэ табаарыстыы спортка, култуураҕа күрэхтэһиитэ саҕаланыаҕыттан. Ол хайдах саҕаланна этэй. Бу түөрт уон сыл устата икки нэһилиэк тулхадыйбат доҕордоһуутун төрүттээбиттэртэн биирдэстэрэ-педагогическай үлэ ветерана билигин бочуоттаах сынньаланна олорор Н.И. Гаврильев маннык кэпсиир; «Икки ыаллыы сытар Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин ыччатын культурнай-спортивнай доҕордоһуу көрсүһүүлэрэ 40 сыла туола о5уста.

Бу икки нэһилиэк былыр-былыргыттан ыкса сибээстээх эбиттэр.

Икки нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сибээстэрин оччолортон саҕалаан быспатахтар. Өссө кэҥэтэн сайыннаран иһэллэр. Бу доҕордуу сыһыан эдэр ыччаты өй-санаа өттүнэн иитиигэ, ону ааһан нэһилиэктэр социальнай сайдыыларыгар олус улахан суолталаах. Бу 40 сыл устата нэһилиэктэр эдэр ыччаттарыттан 10-тан тахса сана ыал баар буолла, кинилэр 50-тан тахса оҕолоннулар.

Ити кэм устата араас күннэр-дьыллар аастылар да, икки нэһилиэк ыччаттара олус эйэлээхтик-иллээхтик, түмсүүлээхтик үрдүк таһымҥа доҕордоһон кэллилэр.

Сэттэ уонус сылларга, ыччаты тыа сиригэр олорон үлэлии тахсарга комсомол обкомун ынырыыта тахсыбыта. Ону өйөөн мин Сунтаарга үлэлии сылдьан «Эдэр коммунист» хаһыакка «төрөөбүт нэһилиэкпитигэр түмсүөҕүҥ» диэн ыҥырыы сурук таһаарбытым.

Ону өйдөөн үөрэхтэрин уонна армияҕа сулууспаларын бүтэрбит 9 ыччат олоро-үлэлии кэлбиппит.

Оччолорго Тылгыныбыт 400 нэһилиэнньэлээҕэ Бүлүү оройуонун уһук, мөлтөх сайдыылаах нэһилиэгэ этэ. Биһиги ыччаттар төрөөбүт нэһилиэкпит кэлэр кэскилин туһугар үлэ-хамнас үөһүгэр туох баар кыахпытын ууран үлэлээн барбыппыт. Тустаах үлэбит таһынан нэһилиэк социальнай-культурнай олоҕор тосту хамсааһыны таһаарбыппыт.

Ол курдук 1968 сыл сааһыгар совхоз киинигэр Үгүлээккэ буолбут спортивнай күрэхтэһиилэргэ бастаабыппыт, уус-уран самодеятельноска үчүгэйдик кыттыбыппыт. Ити сыл күһүнүгэр Маҥаас нэһилиэгэр бастакынан табаарыстыы көрсүһэ барбыппыт.

Ыччаттары түмүүгэ спортка Гаврил Матвеев, оттон мин концертка салайбыппыт. Бастакы барыыбытыгар: хапсаҕайга, атах оонньуутугар, уһуну, үрдүгү ойууга, саахымакка, дуобакка, теннискэ уонна канат тардыһыытыгар күрэхтэспиппит, киэҥ программалаах концертаах этибит. Бу барар баҕабытын нэһилиэк салалтата, Совет председателэ Дмитрий Семенович Алексеев, управляющай Николай Ильич Федоров, партийнай тэрилтэ секретара Егор Петрович Степанов — үөрүүнэн ылынан өйөөбүттэрэ.

Тылгыныттан нэһилиэк баар суох биир ДТ тракторынан күнүс 12 чааска хоҥнубуппут да, сылгы далыгар тиийэн вентилятора алдьаммыта, ол иһин Аким Васильевич Борисов «Газ-51» массыынатынан барбыппыт. Суолу билээччи комсомольскай тэрилтэ секретара Конон Егорович Потапов ол иннигэр атынан сылдьыбыта, «Суол ааттаах»- диэн буолбута да, арыы иһигэр күөллэргэ наһаа тибиилээҕэ. Массыынабытын үтэн, хаары күрдьэн, суолу тэпсэн Чоҥорону түүн 12 чааска булбуппут. Онно баар фермаҕа чэйдээн, Харбаалаттан трактор ыҥыртарбыппыт, ол иннигэр водовоз массыына кэлэн иһэн алдьаммыт. Иннокентий Филиппов ДТ тракторынан кэлэн арыаллаан соһон түүн 2 чаас саҕана тиийбиппит. Онно ыччат бөҕө кэтэһэн сылдьара. Кинилэр ортолоругар кулууп сэбиэдиссэйэ Мария Саввична Васильева, бырааттыы Прокопий, Николай Максимовтар, комсомольскай тэрилтэ секретара Людмила Саввинова бааллара. Ол түүн сынньанан баран, нөҥүө күнүгэр спортка куоталаһыы буолбута, киэһэ концерт көрдөрбүппүт уонна түүн 1 чааска диэри оонньоон баран, Маҥаастар трактордара Дьулангна диэри арыаллаан аҕалбыттара. Бастакы көрсүһүүгэ ыччаттар икки өттүттэн олус үөрэн, иэйэн бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсан итиитик арахсыбыппыт.

1969 сыл сааһыгар Маҥаас ыччата ыалдьыттыы кэлбитэ. Ити курдук икки-үс сыл устата сыл аайы хардарыта ыалдьыттаһыы буолбута.

Онтон кэлиҥҥи сылларга үтүө үгэскэ кубулуйда. Маҥнайгы көрсүһүүгэ биһиги нэһилиэктэн атах оонньуутугар кыахтаахтар Василий Мосов, Маҥаастан Василий Трофимов киһи өйүгэр хаалар гына эрийсибиттэрэ. Тустууга Гаврил Матвеев, Геннадий Кононов, Семен Мунхасытов, Юрий Дмитриев (оболорого оройуон чемпиона) кыахтаахтык кыттыбыттара. Бу табаарыстыы көрсүһүү ыыра ыраатан, ыаллыы нэһилиэктэр ыччаттарын биирдиилээн спортсменнар болҕомтолорун тардан, икки ыаллыы улуус энэрдээҕи нэһилиэктэрин түһүлгэтигэр кубулуйда. Ол 40 сыллаах юбилейын быйыл атаарабыт. Ити кэм нэһилиэктэр социальнай-экономическай сайдыыларыгар улахан көмөнү оҥорбута саарбахтаммат. Маннык үтүө үгэһи саҕалааччылар буолбуппутунан киэн туттабын уонна өссө сайда турарыгар эрэллээхпит».

Иккис өттүттэн эмиэ бу Тылгыны-Маҥаас табаарыстыы күрэхтэһиитин саҕаласпыт, күрэхтэһиитигэр кыттыбыт, билигин улуус киинигэр олорор Максимов П.И. 35 сыллааҕы юбилейга «Төрүттээх-уустаах доҕордоһуу»-диэн ахтыытын бэйэтиттэн көҥүллэтэн суруйарбын ааҕыҥ: «Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин культурнай-спортивнай сибээстэһиилэрэ хайдах саҕаламмытай? Оччолорго мин Ленинградтааҕы А.И.Герцен аатынан пединститутка үөрэнэ сылдьан дойдубар Маҥааска кэлэн учууталлаан эрэр кэмим этэ. Онон кимнээх хаһан, хайдах саҕалаабыттарын, ханнык күрэхтэһиилэр буолбуттарын, кимнээх кыайбыттарын-кыайбатахтарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Ити 40 сыллааҕыта ахсынныыга этэ. Ол бэйэтэ даҕаны киһи өйүгэр хатанан хаалар уратылаах кэм. Колхозтары, совхозтары уларытан тэрийии бара турара. Көлөһүн күнүнэн сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмит дохуот аахсан, онон үссэнэн, босхону эрэ үрдүнэн үлэлээн-хамсаан олорбут колхуостаахтар муҥнаахтар дьон курдук уу харчынан хамнастанар рабочай кылаас кэккэтигэр киирбиттэриттэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара лаппа сэргэхсийбит кэмнэрэ этэ. Ону күөртээн биэрэрдии оройуон салалтата сотору-сотору фестиваллары, культура эстафетатын тэрийтэлиирэ, нэһилиэктэр икки ардыларыгар хардарыта ыалдьыттаһыы, гастроллааһын, спортивнай күрэхтэһиилэр тиһигин быспакка ыытыллаллара.

Болдьообут курдук, ол саҕана Маҥааска дьону түмэр дьоҕурдаах, ыччат көҕүн сатаан күөдьүтэр талааннаах эдэр салайааччылар түмсэн үлэлээбиттэр эбит. Нэһилиэк сэбиэтин председатэлэ Егор Николаевич Семенов (өрдөөҕүтэ бэрт буолан кинилэри дьон умна быһыытыйда, ол иһин ааттарын толору суруйабын) Отделение управляющайа Васильев Василий Васильевич, оскуола директора, партийнай тэрилтэ секретара Ан Василий Иванович, комсомольскай тэрилтэ секретара Саввинова Людмила Никитична, үөрэх чааһын заведующайа Республика атах оонньуутун рекордсмена Иванов Никифор Никифорович, кулууп сэбиэдиссэйэ Васильева Мария Саввична үлэлииллэрэ. Нэһилиэк ыччата кинилэри тула түмсэрэ. Олус көхтөөх түмсүүлээх буолаллара.

Ыаллыы нэһилиэктэрбитигэр Боотулууга, Сургуулукка, Далырга, Мэйиккэ, Кырыкыйга концертах, спортивнай күрэхтэһиилэри ыытарбыт. Уус-уран самодеятельноһы ааттаах баянист учуутал Татьяна Спиридоновна Сидорова иилээн-саҕалаан бэртээхэй концертары туруортуура. Илларион Петрович Илларионов, Егор Максимович Иванов курдук төрөл унуохтаах саха бухатыырдара күннээн туста сылдьар кэмнэрэ этэ. Атах оонньуутугар бирииһи барытын республикаҕа тиийэ миэстэлэһэр Василий Егорович Трофимов, Захар Евгеньевич Петров хомуйаллара.

Теннискэ, тустууга, атах оонньууларыгар Николай Иванович Максимов хоторо. Онон остуол оонньууларыттан уратыларга анаардастыы хаамарбыт, хотторбут кыһыыларыгар сорохтор:»Маҥаастарга күүс баар, өй наадата суох»-диэн күлүү гына хаалаллара. Ол сылдьан миэхэ Тылгынылардыын сибээстэһэр идея киирэн кэллэ. Ол түбэһиэхчэ санаа буолбатах этэ. Тылгыны-мин биһикпин ыйаабыт сирим этэ. Аҕабыт өлбүтүгэр ийэбит Өрүүнэ Ньукулаайабына бытырыыс курдук кырачааннарын кыбыммытынан, дойдутугар дьонугар Маҥааска көһөн кэлбитэ. Ол биһиги эрэ Тылгыныттан сыдьааннаах буолбатахпыт. Түҥ былыргаттан бу икки ыаллыы нэһилиэк хардарыта сылдьыһан, ким туохтааҕынан көмөлөсүһэн, истиҥник доҕордоһон олорбуттар, хаһааҥныта эрэ өссө биир нэһилиэк үһү.

XIX үйэ иккис аҥаарыгар олорон ааспыт Хандыы баай Маҥааска — Боруллуо алааска кыстыга, Тылгыныга Сулгунда алааска сайылыга баара, онон Маҥаастар да, Тылгынылар да бэйэлэрин киһилэринэн ааҕаллара. Кэлин оройуоннары араартааһыҥҥа Түҥ өрүһүнэн кыраныыссалаан икки нэһилиэги тэрийбиттэр, ол түмүгэр биирдэрэ Бүлүү, атына Үөһээ Бүлүү улууһугар холбоммуттар. Ол даҕаны бу икки нэһилиэк доҕордоһуутун, хардарыта сылдьыһыытын тохтоппотоҕо.

Тылгыны уолаттара Маҥаастан кыыс сүгүннэрэн бараллара, хардары киксибит курдук киирэн Маҥаас уолаттара кийиит кыыһы Тылгыныттан таһаараллара. Дириҥник хасыһан үөрэтэр буоллар, икки нэһилиэк олохтоохторо үгүстэрэ аймахтыы буолуо этилэр.

Маҥаастар атын ыаллыы нэһилиэктэрин кытта итинник дириҥник олохсуйбут сибээстэһиилэрэ суох, онон бу ураты көстүүнү биир эмэ энтузиаст, үөрэтэн, чинчийэн киэҥ билиигэ таһааран, холобур быһыытынан пропогандалыан сөп этэ.

Ити 1968 сыл сааһыгар мин бырааппынаан Колялыын икки нэһилиэк үйэлээх доҕордоһуутун саҥа үрдүк таһымҥа таһаарар идеябытын ыһык оностон Тимофеев Иван Никитич бырааппыт суопардаах водовоз массыынаннан Тылгынылаабыппыт. Ол саҕана «Күүлэт» совхоз киинэ буолан Тылгыны киһи билбэт гына сайдан эрэр кэмэ этэ. Ыччат олохсуйан үлэһит күүс түмүллүбүтэ, техника бөҕө кэлэн үлэ-хамнас күүһүрбүтэ, производственнай объектар, олорор дьиэлэр, килиэ-халаа хонтуоралар тутуулара дэлэйдик, ыытыллара харахха быраҕыллара. Уруккута онон-манан самнархай дьиэлэрдээх

Тиэрбэс, киэҥ уулуссалардаах аныгылыы сандаархай бөдөҥ бөһүөлэк буола кубулуйбутун сөҕө көрбүппүт.

Нэһилиэкпит салалтата өйөөн, тэрийэн кэпсэтиитэ ыытыҥ диэн массыына биэрбиттэрэ. Убайбытыгар Аким Борисовка тиийбиппит, кини аҕабыт эдьиийин уолун уола, сэрии тулаайаҕа биһигини кырабытыттан билсэр буолан дириҥник ытыктаһарбыт. Коля Иркутскайдааҕы медицинскэй институтка үөрэнэ сылдьан ыалдьан операцияланан академическай ылан дойдутугар сынньана сылдьарын, оскуолаҕа үлэлиирин Акимҥа кэпсээн соһуппута. Аким, Гаврил Матвеев көмөлөрүнэн Тылгыны ыччатын, салалтатын түмэн кэпсэтии буолбута, бары да олус сэҥээрэ, биһирии истибиттэрэ. Түмүгэр кыахтаах, массыыналаах дьон Тылгынылар кыһын суол аһылыннаҕына ыалдьыттыы, куоталаһа, концертыы кэлиэх буолан эрэннэрбиттэрэ. Ол саас иккиһин тахсан ханнык көрүҥҥэ куоталаһарбытын быһаарсан куоталаһыы усулуобуйатын түһэрсибиппит. Ыччаттарын инициативаларын Тылгыны салайааччылара Николай Ильич Федоров, Егор Петрович Степанов о.д.а. өйөөн, туох кыалларынан тэрийиэх буолбуттара.

Ол бастакы тэрээһин, бэлэмнэнии, көрсүһүү умнуллубат тыыннаах хартыына буолан мин төбөбөр сылдьар. Бу көрсүһүүнү Маҥаас нэһилиэнньэтэ кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ өрө күүрэн бэлэмнэммиттэрэ. Тылгынылар кэлэр сурахтарын истэн, Маҥаастар кулуупка лыык курдук мустубуттара. Болдьообут кэмнэрэ улам ааһан барда арай дьоммут суохтар да суохтар. Тибии, хаар бөҕө, онон суолга тардылыннахтара диэн күүт да күүт. Түүн үөһэ чугаһаата, ол үрдүнэн ким да тарҕаһар санаата суох. Ол олордохпутуна Чоҥороттон звонок тирилээн кэллэ, дьоммут өрүс, киэҥ күөллэр бүтэйэ оспут суолларын күрдьэн, массыыналарын үтэн, күннүгүлээн айаннаан Чонороҕо сыккырыыр тыыннара кэлэн олороллор эбит. Оччолорго Чоҥоро учаастак буолан түлүпүөннээх, араадьыйалаах, дьоһуннаах бөһүөлэк этэ. Сонно тута Филиппов Иннокентий Николаевич тракторынан утары ыстаннарда. Ол курдук аймалаһан оонньуубут түүн ортото саҕаланна.

Ити курдук араас моһоллору туораталаан 1968 с. ахсынньы 18 күнүгэр буолбут бастакы көрсүһүү Тылгыны-Маҥаас историятыгар бигэтик киирбитэ, сайдан, үүнэн, кэҥээн тэнийэн иһэр, үйэлээх доҕордоһууга суолу тэлбитэ. Ол түүнү эргитэн ахтыспыт курдук ыччаттар көрү көҕүлүттэн туппуттара, сүрэхтэрэ таптал бастакы кыымын сахпыттара. Тылгыны талааннаах ыччатын концерда олус сонун буолбута, таарыччы аҕыннахха уус-уран самодеятельностарын Маҥаастан төрүттээх ыччаттар: Николай Иванович Гаврильев-учуутал, Павел Павлович Борисов салайан илдьэ кэлбиттэр этэ. Тустууга, атах оонньуутугар, теннискэ, саахымат, дуобат оонньууларыгар күрэхтэһиигэ үксүгэр Маҥаастар кыайыылаах тахсыбыттара. Нөҥүө сылыгар саас «Беларусь» трактор прицебыгар туруору симиллэн аны Маҥаас ыччата Тылгынылаабыта. Ити курдук биир да сылы алҕаска көтүппэккэ бу икки хаан уруулуу нэһилиэктэр 40 сыл усталаах-туоратыгар ыкса доҕордоһон, хардарыта ыалдьыттаһан кэллилэр, унаар буруону субуйар сана ыаллар бөҕө үөскээтилэр. Бэйэни салайыныыга киирбит эппиэттээх кэмнэ ити доҕордоһуу суолтата өссө үрдээн иһиэҕэ диэн эрэл санаалаахпын.

Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт доҕордоһуу төлөнүн күөдьүтүспүппүттэн сокуоннайдык киэн туттабын, үүнэр сөһүөх ыччат ити знамяны күөрэччи тутан, доҕордоһууну чиҥэтэн-кэнэтэн иһиэҕэр бигэтик эрэнэбит.

Оччотообу уолаттар, кыргыттар сааһыра быһыытыйбыт, олох будулҕаныгар сөрөнөн үрүө-тараа ыһыллыбыппыт. Ол эрээри өйбүт-санаабыт, дууһабыт-дойдубутугар, кини дыылҕата-биһиги дьылҕабыт. Бэйэ бодотун тардынар эппиэттээх кэмнэр кэлэн иһэллэр, түмсүүлээх, биир санаалаах буоллахха сайдыы аартыгар түргэнник тахсыахха сөп. Били ырыаҕа этиллэринии: «Ким доҕордоох- ол дьоллоох» илэ көстөн барда.

Ону өтө көрбүт, хаан уруулуу нэһилиэктэр үйэлээх доҕордоһууларын төрүттэспит, сыраларын-сылбаларын, тэрийэр дьоҕурдарын биэрэн, өйдөрүн-санааларын холбоон түбүгүрбүт доҕотторбун ойдөөн-санаан ылабын. Уонна хас биирдиилэригэр махтал истиҥ тылларын этиэхпин бабарабын. Тылгыны өттүттэн Т.В.Матвеев, А.В. Борисов, К.Е. Борисов, К.Е. Потапов, Н.И. Гаврильев Маҥаастан төрүттээх бырааттыы Василий, Павел Борисовтар. Маҥаастан оччотооҕу ыччат, салалта үксэ көх-нэм буолан тэрийсэн сөҕүрүйбэт төлөнү күөртээбиттэрэ. Ол эстафетаны иилэ хабан ылан Маҥааска күтүөт буолан кэлиэҕиттэн отучча сыл устата Иван Елисеевич Иванов иилээн-саҕалаан тэрийэн, дьоһуннаахтык ылсан үлэлээбитигэр кини үтүө аатыгар сүгүрүйэбин. Кини уҕараабат дьулуурунан, туруорсуутунан, тэрээһининэн бу икки оройуон нэһилиэктэрин доҕордоһуулара историяҕа киирдэ.

Биһиги тэрийэн саҕалаабыт дьыалабытын кэннэки биир да сыл көтүппэккэ тэрийэн илдьэ кэлбиттэригэр, кэнчээри ыччаттар махтанан, кэриэстээн кини аатын куруук ааттыы, сүгүрүйэ сырыттыннар.

Ол курдук республика араас муннуктарыттан ветераннар мустаммыт эргиллибэт эдэр сааспытын өйдөөн-санаан ааһыахпыт, ыччаттарбытыгар кэс тылбытын, үтүө сүбэбитин этиэхпит. Өлбөөдүйбэт, уостар диэни билбэккэ өрүү сирэлийэ күөдьүйүөхтүн биһиги сахпыт төлөммүт Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэрин үйэлээх, төрүттээх-уустаах доҕордоһуулара.

Николай Иванович ГАВРИЛЬЕВ,

Прокопий Иванович МАКСИМОВ.

ЭДЭР СААҺЫМ УМНУЛЛУБАТ КЭРЧИКТЭРЭ

Бастатан бэйэбин билиһиннэрэр буоллахха:

Мин ийэбинэн Тылгыныттан таттарыылаах… Наахаралартан кэлбит Болдьугурас кини уола Ноҥнос Уйбаан тоҕус оҕолоох киһиттэн орто уола Чэкэлээн Миитэрийиттэн силис тардан Дьарааһын диэн уолуттан ийэм, Өрүүнэ төрөөн, Маҥааска Киччэччи Өндөрөйүн(Кинээс, сэбиэт председателя) ииппит уолугар Петров Евгений Андреевичка кэргэн тахсан үс оҕону төрөппүтүттэн саамай кыра мурун бүөтэ уола мин Петров Захар Евгеньевич буолабын.

Ийэм дьонноро кыраларыгар өлөннөр аймахтарыгар тастыҥ убайын аахха Хоохот Бүөтүрүгэр эдьиийэ Маарыйа эмиэ аймахтарыгар Хандыыларга дьиэҕэ-уокка көмөлөһөн оҕолорун көрсөн улаатыахтарыгар дылы иитиллибиттэр…

Онон манна оскуолаба үөрэнэ сылдьан Тылгынылар уруурҕаан аймахтарбар эдьиийбэр Матвеева Анастасия Петровнаҕа (атыыһыт Настааҕа) сылдьаары, билсиһэ табаарыс бииргэ үөрэнэр уолбунаан Васильев Савва Даниловичтыын быа хайыһарынан сааскы каникулга түбэһиннэрэн оччолорго этэрбэстээх уолаттар тэбинэн кэбиспиппит. Ол уһун ыраах сындылҕаннаах айаны ыһыга суох айаннаан тиийэн эдьиийбэр атыыһыт Настааҕа хонон-өрөөн Тылгыны дэриэбинэтин кытта билсэн баран Толооҥҥо Васильев Типээннээххэ, эмээхсинэ Настаака Быйакы, Солобуой Степаннаах балтылара кэргэн тахсан ыал буолан олороругар быа хайыһарбытынан баран хонон дуоһуйа сэһэргэһэн сынньанан хоммуппут. Сарсыныгар остуоруйаҕа киирбит улуу эбэлэрин көрөн сөҕөн махтайан кэлбиппит… Хонон баран сарсыарда үчүгэйдик аһаан ийэбэр эдьиийим ырбаахы танаһа биэртин ылан үөрэн-көтөн төннүбүппүт өбүгэлэрим төрөөн ууһаан тэнийэн олохсуйан олорбут алаастарын дьонун-сэргэтин куруутун чугастык сылаастык саныыбын уруургуу киэн тутта көрөбүн. (1957с.)

1969 сыллааха Бүлүүтээҕи пед.училищаны икки идэлээх физрук уонна начальнай кылаас учууталын идэлэрин ылан Үөһээ Бүлүү Роно-тун направлениятынан дойдубар физругунан ананан үлэлии кэлбитим. Онно истибиппит Тылгыны-Маҥаас табаарыстыы көрсүһүүтүн 1968 с. кыһын кэлэн саҕалаан тэрийэн бартарын… (Тылгынылар).

Оччолорго эдэр саҥа учууталлыы кэргэнинээн үлэлии кэлбит дьон нэһилиэк олоҕор активнайдык кыттан барбыппыт. Үлэ үөһүгэр түспүппүт.

1969 сыл күһүнүгэр концертаах күрэхтэһэрдии табаарыстыы көрсүһүүгэ «Беларусь» трактордаах прицеп үөһэ олорон айаннаабыппыт. Арҕаа арыы таһыгар тракторбытын быанан соһон көмөлөөн улахан бытааннык хаары тэлэн наһаа уһуннук айаннаан тиийбиппит. Тиийэрбитигэр көрсөөччүлэр сорохторо тарҕаспыт этилэр. Биһигини кэтэһэ сылдьан сыарҕалаах «Беларусь» иһэрин көрөн саһаан тиэйиилээх трактор иһэр быһылаах диэбиттэр этэ. Бэрт түргэнник хомуллан олохтоохтор кэлбит дьону түһэртиэхтээх сирдэринэн илдьитэлээн биэртэлээбиттэрэ. Мин таайбар Васильев Митээлээххэ түспүтүм. Билсэн-көрсөн баран куруук кинилэргэ түһэр буолбутум.

Сарсыныгар икки нэһилиэк күрэхтэһиитэ 10 ч. саҕаланан барта тустууга уонна атах оонньуутугар кыттыбытым… Икки хас сыл бырааппынаан Борисов Виталийдыын тустан маҥнайгытыгар тэҥнэспиппит иккис көрсүһүүгэ кыайтарбыт курдук өйдүүбүн. Атах оонньуутугар Трофимов Василийдыын кыттан аҥардастыы кыайбыппыт. Остуол оонньуутугар эмиэ уопсай ахсаанынан ити көрсүһүүгэ Маҥаастар бастакы миэстэни ылбыппыт. Киэһэтигэр улахан концерт көрдөрбүппүт уонна иккигэ-үскэ дылы танцы барта. Ыччаттар оччоҕо бэрээдэктэрэ түмсүүлээхтэрэ ордук киһини сөхтөрөрө.

Мин школаҕа алта сыл физругунан (1969-75с.) үлэлиирим тухары Маҥаас-Тылгыны күрэхтэһиитигэр спортивнай тэрийээччи быһыытынан сылдьыбытым. Күрэхтэһиилэр үрдүк таһымҥа ыытыллаллара.

Ити бириэмэҕэ Тылгыныга, I Күүлэккэ, Үгүлээткэ концертыы баран кэлбиппит. Үгүлээткэ кэргэним Ирина Никитична дьонноро Маҥаастары барыбытын ыҥыран олус маанылаан көрсүбүттэрэ. Школа директора Герасимов Еремей Тимофеевич Үгүлээттэн концерт туһунан санааларын суруйбут этэ. Онно Илья Сергеевич, Захар Евгеньевич концерды олус киэргэтэллэр диэн суруйбуттаах. Оччолорго эдэрбит да бэрт буолуоҕа…

Олохтоох Сельсоветка секретарынан 1975-76-84-89сс. уонна председателинэн үлэлээбит да кэмнэрбэр табаарыстыы көрсүһүүнү тэрийсииттэн туора туран хаалбатаҕым.

Күрэхтэһии табаарыстыы көрсүһүү программата кэнэтиллэн сайыннаран иһиллибитэ ордук кыттааччы контингенын кэҥэтэн оҕотуттан кырдьаҕаһар диэри активнайдык кытталларын ситиһии буолбута.

Икки уруулуу нэһилиэк хардарыта доҕордуу күрэхтэһэн кэлбитэ 40 сыл буолла.

Күрэхтэһиини көтүппэккэ тэрийбит кулууп үлэһиттэрэ, ыччат лидердэрэ, салалта улахан быстыспат өҥөлөөхтөр. Ити күрэхтэһиилэр тэриллибиттэрэ 40 сыл устата үгүстэр ыал да буоллахтара. Ыччаттарбыт да эйэ дэмнээхтик хардарыта доҕордостохторо, истинник санастахтара.

Икки уруулуу нэһилиэк доҕордоһуута үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин!

Маҥаас

Захар Евгеньевич ПЕТРОВ,

педагогическай үлэ ветерана,

нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

АХТЫЫ

Маҥааска 60-с сыллар иккис анардарыгар комсомолецтар саамай түмсүүлээх төһүү күүс этилэр. Нэһилиэк общественнай, хаһаайыстыбаннай олоҕор ыччаттары, олохтоохтору түмүүгэ, араас өрүттээх маассабай тэрээһиннэри ыытыыга инники күөҥҥэ сылдьаллара, таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ, көхтөөхтүк түмсүүлээхтик сынньалаҥнары тэрийэллэрэ. Ити кэмҥэ нэһилиэккэ оскуолаҕа, балыыһаҕа бары да актыыбынай позициялаах эдэрдэр күргүөмүнэн үлэлээбиттэрэ.

Оччолорго Комсомол тэриллибитэ 50 сыллаах юбилейын көрсө элбэх тэрээһин үлэлэр ыытыллыбыттара. 1968 с. күһүнҥүтүттэн үлэ былааннаахтык, тэтимнээхтик ыытыллыбыта. Комсомольскай субботниктар суббота, өрөбүл ахсын ыытыллыбыттара, фермаларга күһүҥҥү, кыһыҥҥы ыйдарга, элбэх көмө оҥоһуллубута, тематическай биэчэрдэр, концертар ыытыллыбыттара.

Комсомольскай тэрилтэ историятын суруйууну бэйэбэр ылыммытым, тэрилтэ документацията сааһыланан түмүллүбүтэ. Ити киэн хабааннаах, урут суруллан чөкөтүйэ да илик үлэни суруйарга элбэх бириэмэ, кырдьаҕастары кытта тус көрсөн кэпсэтии түмүгэр, комсомольскай тэрилтэ 10-ча чилиэннээх Харбаалаҕа 1938 сыллаахха тэриллибитин, тэрилтэ аан маҥнайгы секретарынан ийэм, Саввинова Мария Павловна, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан талыллан үлэлээбитин билбитим. Ол кэминээҕи комсомолецтартан Харбаалаба 1 эрэ киһи — Иванова Александра Иннокентьевна, кэлин сельсовет секретарынан уһуннук, үтүө суобастаахтык улэлээбит, нэһилиэккэ дьин-чахчы убаастанар, ытыктанар дьоннортон биирдэстэрэ, баара. Ол бастакы комсомолецтартан 1968 сылларга диэри тыыннаах хаалбыттара кини этэ. Кини ахтыылара тирэх буолан 1938 сыллаахха тэриллибит бастакы комсомольскай ячейка чилиэннэрэ кимнээхтэрэ, олор сүрүн биографиялара суруллубуттара.

Маҥаас нэһилиэгин бастакы комсомолеһа, Бүлүү Хохочойугар бандыыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн суорума суолламмыт, баара-суоҕа 19 саастаах Никифор Ханды туһунан, кини бииргэ төрөөбүттэрин, дьиэ кэргэнин тустарынан ахтыы хомуллан суруллубута.

Комсомольскай тэрилтэ кэлиҥҥи секретардарын, кинилэр кылгас биографияларын суруйан түмпүтүм. Ити үлэбин юбилей иннинэ бүтэрбитим. 1966 сылтан комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллан үлэлии сылдьарым. Историческай факультетка үөрэнэ сылдьар уонна төрүт төрөөбүт дойдум буолан дьонун-сэргэтин балачча билэрим.

Юбилей кэнниттэн Бүлүү оройуонун Тылгыны нэһилиэгин ыччаттара Маҥаастары кытта билсэ-көрсө, күрэхтэһэ кэлэр баҕалаахтарын туһунан сонуну бырааттыы Прокопий, Николай Максимовтар тиэрдибиттэрэ. Бу икки нэһилиэктэр былыргатттан ыкса сибээстээхтэрэ ордук булчуттар билсэллэрэ. Маҥаастан, Тылгыныга урукку сылларга кийиит, күтүөт буолан барбыт балачча элбэх этэ. Кинилэр оҕолоро улаатан, үлэһит буолан аймах-уруу дьоннорун көрсөргө баҕатыйан, ыччаттары түмэн кэлэр сурахтарын истээт, үөрүүнэн көрсүһэргэ баҕалаахпытын биллэрбиппит. Биллэн турар, бу көрсүһүүнү ыччат дьон олус күүппүппүт. Кытыы сиргэ олорор буолан атын сиртэн кэлии-барыы кэмчи этэ.

Ыалдьыттарбыт Түн өрүс мууһа таһаҕастаах тракторы уйар буолбутун, муус халыҥаабытын кэннэ ахсынньы бүтэһигин эргин кэлбиттэрэ.

Ыалдьыттарбытын хайдах көрсөрбүтүн, көрсүһүү торжественнай чааһын сценарийын, концерт программатын, спортивнай күрэхтэһиилэри ханна ыытары, кэлбит дьону ыалларынан тарҕатыы былаанын бука барытын нэһилиэк комсомольскай комитета былааннаан тэрийбитэ. Концерт кэннэ кулуупка үнкүү тэрийиитэ, эдэр ыччат сынньалаҥ кэмигэр ыытыахтаах маассабай оонньуулара былааннанан тустаах эппиэттээх дьон комитеттан, ыччаттартан сыһыарыллыбыттара. Бэл диэтэр ыалларынан кэрийэ сылдьан ким төһө киһини хоннорор кыахтааҕа ыйыталаһан, сөбүлэҥнэрин ылбыппыт. Сүрүн үлэбит быыһыгар кыра-кыралаан спортсменнары түмүү, эрчиллии, бэлэмнэнии саҕаламмыта. Боотулууга үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьар бастыҥ спортсмен оҕолорбутун, олохтоох спортсменнары, сынньалаҥы тэрийэр ohyoxaйдьыттары кытта биирдиилээн көрсөн кэпсэтиини ыыппыппыт.

Күүтүүлээх күммүт, ахсынньы 18 күнэ буолбута. Тылгыныларбыт бүтэй суолу, халыҥ хаары тэлэн бэрт эрэйдээхтик айаннаан түүн оройо ааһыыта кулуупка кэлэн тохтообуттара.

19 чыыһылаҕа спортивнай күрэхтэр 10 саҕаланан баран киэһэ 7-8 чаас ыккардыгар түмүктэммиттэрэ. Команданан кыайыыны Маҥаастар ситиспиттэрэ.

Нөҥүө сыл икки нэһилиэк ыччаттарын көрсүһүүтэ Тылгыныга саас ыытыллыбыта. Маҥаастар концертаах барбыпшыт, биһигини кытта Үөһээ Бүлүү райкомолун II-ус секретара Федоров А.М. барсан көрөн-истэн кэлбитэ. Онон бу икки нэһилиэк көрсүһүүтүн райкомол өйөөн, сэҥээрэн күрэхтэһии сыл ахсын ыытыллар улахан киэҥ, икки ыаллыы улуус доҕордоһууларын түһүлгэтигэр кубулуйбута.

Бастакы көрсүһүүлэргэ кыттыбыт спортсменнарбыт оҕолоро улаатан, эмиэ бу күрэххэ кыттан көлүөнэлэр утумнара быстыбакка салҕанан барбыта.

Бу туһүлгэни аан маҥнай иилээбит-саҕалаабыт, төрүттэспит, ис дууһаларыттан өрүкүйэн туран кыттыспыт, ымпыгар-чымпыгар тиийэ былааннаабыт, олоххо киллэрбит дьоннорбутунан комсомолецтар, ыччаттар: Васильева Мария Саввична, Федорова Варвара Тимофеевна, Егорова Христина, Саввинова Людмила Никитична, Илларионов Илларион Петрович буолаллар. Маны сэргэ кулуупка ыытыллыбыт мероприятиеларга күүс көмө буолбут Маҥаас олохтоохторугар уопсай дьыала туһугар кыһамнньылара, патриоттуу өйдөрө-санаалара барыта түмүллэн үчүгэй түмүктэрдээх түһүлгэ олохтонуутугар олук уурбута.

Ити сыл спортивнай күрэхтэргэ олохтоохтортон дуобат, саахымат күрэҕэр Саввинов Дмитрий Игнатьевич, Максимов Прокопий Иванович, учуутал Афанасьев Василий Алексеевич. Тустууга уонна мас тардыһыытыгар Илларионов Илларион Петрович, Иванов Егор Максимович, Григорьев Николай Николаевич, Томскай Тимофей Васильевич, Алексеев Алексей Спиридонович, Филиппов Иннокентий Николаевич о.д.а.;

атах оонньуутугар – Петров Захар Евгеньевич, Максимов Николай Иванович, Трофимов Василий Егорович;

теннискэ-Максимов Николай Иванович, Николаева Федора (фельдшер), Гаврильева Елизавета, Филиппов Кеша оонньообуттарын курдук өйдүүбүн.

1969 сыллаахха Тылгыныга күрэххэ эдэр оҕолортон командабыт өссө тупсарыллыбыта. Ол курдук команда састааба саҥа күүстээх эдэр тустууктар, мас тардыһааччылар эбиллибиттэрэ. Маҥаастар, Тылгынылартан эмиэ чорбойон кыайыыны ситиспиттэрэ.

Кэскиллээх тэрээһин төрүттэммитэ 40 сылын туолуутун бэлиэтээри сылдьан, Маҥаас-Тылгыны “Добордоһуу түһүлгэтэ” диэн үтүө тэрээһин өссө да салҕанан ыытылларыгар баҕарыам этэ.

Людмила Никитична САВВИНОВА,

үлэ ветерана, Дүллүкү орто оскуолатын учуутала.

ТҮӨРТ УОН СЫЛ ДОҔОРДУУ КҮРЭХ

Быйыл ахсынньы ый 26-27 күннэригэр Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэрин культура үлэтигэр уонна спорка табаарыстыы күрэхтэспиттэрэ 40 сыллаах юбилейа үрдүк өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар буолла.

Бу күрэхтэһии хайдах саҕаламмытын урукку юбилейдарга суруйан тураллар, уонна кыттыбыт дьоннор ахтыыларыгар суруйаллара чуолкай буолуо. Н.Н.Иванов-куобах маастара, республика рекордсмена оччо астымматах курдук саҥарарын истибитим, балыыһаҕа алоэ уколун ылара оҥостон-туттан бэлэмнэнэн баран күрэхтэһэр сөбүн этэрэ. Хайа нэһилиэк хоппутун чуолкай истибэтэҕим.

Иккис күрэх 1969 с. Тылгыныга сааһыары ыытыллыбыта, онно Маҥаастар кыайан хотон өрөгөйдөөн кэлбиттэрэ. Мин суолбар хойутаан куоттаран Далыыртан кэлбитим. Куоттарбатаҕым буоллар, атах оонньуутугар кыттарым чуолкай этэ. Ити иннэ оройуоҥҥа миэстэлэспит кэмим этэ. Арaaha сэттэ уон сыллаахтан кыттыбыт буолуохтаахпын. Атах оонньуутугар уонна орто ыйааһыҥҥа тустарым. Оччолорго Тылгыныттан Гаврил Матвеев ат курдук аатырара, туой кини тустан, мас тардыһан кыайбыт-хоппут сураҕа иһиллэрэ.

Иванов Егор Максимович тустан охтубут, ону мас тардан ситиспит сураҕа эмиэ баара. Гаврил 1970 сылтан билэбин эйэҕэс-сайаҕас, туйгун спортсмен, кыайыылаах үлэһит киһи этэ.

Мин 1974 с. үөрэхпин бүтэрэн, физкультура учуутала буолуохпуттан Тылгыны-Маҥаас күрэхтэрин үксүн тэристим, 23 сыл күрэхтэһиитигэр кытынным онон ким хайдах кыттыбытын, көмөлөспүтүн син «өйдөөмөлүүбүн”.

Күрэхтэһии аата күрэхтэһии араас баар буолар. Оннуктан биир түбэлтэ-атах оонньуубут: Тылгыныттан Д. Сидоров, А. Васильев, Маҥаастан В. Трофимов, мин, М. Поскачин. Икки нэһилиэк иккилии кыттааччытын үстүү көрүҥҥэ түмүгэ тэҥ буолан таҕыста. Ити 1988 сыллаахха этэ, уопсай команднайга 20-һис сылбытыгар тэҥнэспиппит. Ким эрэ 1 см. итэҕэс ойбута буоллар хамаандата хотторор этэ. Ити кэнниттэн атах оонньооботох буолуохтаахпын, тоҕо эрэ грамота суох. Иккис түбэлтэ тустууга: 30 сыллаах юбилейга ветераннарга тустабыт, хамаандабытыгар Николай Поповтуун, 3ахар Васильевтыын үспүт. Хардарыта охторсуу буолла, Николай Попов Степан Кирилловы охторбут. Мин Попову охтордохпуна Кириллов бастыыр, Попов миигин охтордоҕуна эрэ тустууга хамаанданан ылабыт (ону даҕаны түргэнник). Киксэн киһибэр оҕуттум. Тустууга ыллыбыт, хамаанданнан кыл-мүччү тэннэстибит. Спортка итинник эмиэ буолар.

Тустууга үөһээ ыйааһынна: Егор Иванов-Дьаҥхалаах, Илларион Илларионов, Егор Иванов-Модьугу, Алексей Григорьев, Николай Прокопьев, Николай Попов, Семен Григорьев, Сергей Неустроев, биир бэйэм үс ыйааһыҥҥа тустубутум. Орто ыйааһыҥҥа: Константин Мандаров, Василий Васильев, Захар Васильев, Михаил Васильев, Егор Попов, Егор Львов, Степан Львов, Данил Петров, Константин Александров, Аркадий Степанов, Егор Герасимов, Николай Григорьев-Убай Ньукулай, Алексей Васильев, Владимир Дмитриев, Николай Иванов, Василий Иванов, Макар Васильев, Станислав Дяриков.

Орто-кыра ыйааһынна: Владимир Львов, Владимир Васильев, Илья Прокопьев, Гаврил Егоров, Петр Саввинов, Валерий Дмитриев, Гаврил Прокопьев, Данил Петров, Иван Николаев, Владимир Тимофеев, Аркадий Егоров, Владимир, Тимофей Федотовтар, Стас,

Руф, Федор Дяриковтар, Артур Томскай, Владимир Еттянов, Ньургун Тобохов, Семен Герасимов, Николай Семенов-Курай. Ити уксэ ветераннары суруйдум, эдэрдэр элбэхтэр, элбэхтик тустуохтара турдаҕа.

Мас тардыытыгар: Егор Иванов, Алексей Алексеев, Алексей Григорьев, Николай Попов, Гаврил Корякин, Сергей Неустроев, Артур Томскай, Александр Поскачин, Степан Львов, Василий Герасимов, Петр Васильев, Спиридон Васильев, Егор Герасимов, Данил Григорьев, Василий Саввин, Сергей Григорьев, Николай Григорьев-Убай, уо.д.а. элбэх кыайыылаах очкону хамаандаларыгар биэрбиттэрэ.

Теннискэ: биир бэйэм атах оонньуута хаалбытын эрэ кэннэ, 1983 с. Федотов Владимир үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн кыттар буолбутум. Анисим Федотов, Мария, Клавдия Васильевалар, Матрена, Александра Поскачиналар, Оксана Аргунова, Евдокия Егорова-«Иннокентьева» эрдэҕинэ Тылгыныттан кыттара, хотоору ыксатара. Сороҕор хотуулаах очукуону теннис быһаарар кэмнэрдээх буолара.

Дуобакка: Владимир Львов, Давид Михайлов, Семен Герасимов, Василий Львов, Михаил Поскачин, Светлана Долгунова, Галина Степанова, Варвара Львова, Сусанна Егорова, Саргы Петрова, Розалия Прокопьева уо.д.а. хотторуу хомолтотун, кыайыы үөрүүтүн билбэхтэспиттэрэ буолуо.

Шахматка: Петр Акимов, Дмитрий Саввинов, Николай Егоров, Дмитрий Петров, Егор Егоров, Евдокия Григорьева, Матрена Бочурова, Алиса Саввинова үгүстүк утарылаһааччыларын кыайаллара.

Урут кыргыттарга, уолаттарга үрдүк уста ойуулара баара;

Евдокия Григорьева, Акулина Яковлева, Тамара Григорьева, Светлана Васильева, Варвара Саввинова, Мария Григорьева, Варвара Егорова, Вера Герасимова, Рая, Шура, Роза Герасимовалар, Василий Трофимов, Алексей Васильев кыттар кыахтаах барыта кыттара.

Ортотугар гира анньыыта баар буола сылдьыбыта: Гаврил Корякин, Сергей Васильев, Сидор Прокопьев, Анатолий Васильев, Исай Григорьев, Михаил Поскачин, Макар Васильев, Петр Васильев, эриэ-дэхси тэҥҥэ тардыһаллара.

Дьахталларга мас тардыһыыта бу кэлин биһирэнэн ыытыллар: Александра Львова, Сусанна Егорова, Марианна Львова, Сардана Мыскатова, Виктория Григорьева, Наталья Иванова, Мария Семенова хамаандабыт чиэһин элбэхтик көмүскээбиттэрэ.

Тылгыны-Маҥаас табаарыстыы көрсүһүүтэ биһиги кыра нэһилиэкпитигэр элбэх үчүгэйи аҕалбыта буолуо, элбэх үтүөкэннээх спортсменнар үүнэн-сайдан тахсыбыттара: Павел Васильев, Дмитрий Борисов, Захар Петров, Василий Васильев, Алексей Васильев, Константин Мандаров, Николай Григорьев, Владимир Дмитриев, Иван Николаев, Данил петров, Михаил Поскачин, Владимир Васильев, Владимир Львов, Михаил, Иннокентий, Захар, Егор, Семен, Петр Васильевтар, Петр Осипов балар үксүлэрэ спорт маастардара уонна кандидаттара, спорду тэрийээччилэр.

Биһиги нэһилиэктэн: Семенов Николай Николаевич, Петров Захар Евгеньевич, Васильев Павел Павлович, Васильев Егор Егорович, Васильев Алексей Кириллович, Григорьев Николай Титович, Дмитриев Владимир Николаевич, Николаев Иван Иннокентьевич, Прокопьев Леонтий Петрович, Осипов Петр Васильевич, Григорьева Екатерина Семеновна физкультура учууталлара идэлээх дьон буоллулар, өссө үс студент үөрэнэ сылдьар. Бу кыра нэһилиэк спордунан утумнаахтык дьарыктаммытын түмүгүн-арылхайдык көрдөрөр.

Манаас нэһилиэгин «спортивнай нэһилиэк» диэн ааҕаллара. Ол курдук 1975 с. субуруччу оройуон ыһыаҕар иккитэ бастаан, биирдэ иккис буолан оройуон «спортивнай эйгэтин» хамсата сылдьыбыппыт, элбэх киһилээх улахан нэһилиэктэр туруорсууларынан «Улахан» уонна «Кыра» нэһилиэктэргэ араартаан оройуон ыһыаҕын ыытар буолбуттара. «Кыра» нэһилиэктэргэ ордук табыллыбыппыт. 1980 с. Олимпийскай сылга кыахтаахтык бастаабыппыт. 1975 сылларга күрэхтэһиигэ кытта сылдьан бэрэстэбиитэллиир сатабыла суох буолааччы, ол иһин кыттыбат киһини Иванов Иван Елисеевиһи бэрэстэбиитэллэтэр этибит. Бастаан мөккүһүүгэ хотторуулаах буоларбыт, үксүн сэрэбиэйгэ, кэлин үөрэнэн хотторбот буолбута.

Ол онтон талаана арыллан бэрэстэбиитэлинэн, тэрийээччитинэн буолбута. Урукку Юбилейдар хамаанда солбуллубат буклеттарыгар сорох дьон ахтыыларыгар алҕас, сыыһа суруйуулар элбэхтэр. Сыллар ааһан истэхтэрин аайы умнуулар, сыыһалар элбээн иһиэхтэрэ, ону билигин кыттыбыт саҕаласпыт дьон элбэхтэр, онон чуолкай кырдьыгынан суруллан хаалыахтаах.

Биһиги убаастыыр Иван Елисеевичпыт спорт ханнык да көрүҥэр физически дьарыктамматах киһи этэ эрээри, сүрэҕинэн-быарынан спортивнай ойдөөх-санаалаах үтүө, сымнаҕас киһи этэ. Ордук спортка сыстыбыт кэмэ СДК-ҕа директорынан үлэлиэҕиттэн. Ити саҕана билиҥҥи түөлбэлэр «агитквартиралар» аатыраллара. Концертар уонна нэһилиэк иһигэр ыытыллар спортивнай күрэхтэһиилэр «агитквартира» начальниктарынан ыытыллаллара, ол онтон сүүмэрдээн совхознай, оройуоннай күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт.

Дүллүкүгэ кииннээх совхоз эрдэхпитинэ общественнай саҕалааһынынан физзал тутуллубута буолар. Бу физзал олус уһуннук тутуллубута эрээри, 1981 с. үлэҕэ киирбитэ. «Боотулуу» совхоз күрэхтэһиитэ үксэ Маҥааска ыытыллара.

Оччолорго совхоз директора Анисимов Иннокентий Васильевич этэ. Ити саҕана Боотулуу хамаандата оройуоҥҥа үксүгэр миэстэлэһэр буолбута. Итинник ыытыллар күрэхтэһиилэргэ куруук Иван Елисеевич сылдьыһар буолара. Сылын өйдөөбөппүн «Урожай» общество конференциятыгар Иван Елисеевич Ивановы, Докторов-Бычырдааны,

Николай Павлович Корякины илдьэ бара сылдьыбыттара. Иван «Почетный член ДСО Урожай» знактаах эргиллэн кэлбитэ. Ити туһунан ахтыллыбат, умнуллубут буолуохтаах. Ордук табыллан Иван Тылгыны-Маҥаас икки ардыгар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ туруорсан, кэпсэтэн, бириэмэтин болдьоһон ыытыһара.

Тылгыныларга «ытыс үрдүгэр» сылдьар киһилэринэн буолбута. Ону туоһулуур «Почетный гражданин Тылгынинского наслега» удостверенияны Василий Егорович Трофимовы кытта туппуттара. 2002 с. Иван Елисеевич ыалдьан олорор кэмигэр, от улэтэ буолан эрдэҕинэ санаатын көтөҕөөрү көрсүбүтүм. Үгэһинэн күлэ-үөрэ көрсүбүтэ, арааһы кэпсэтэн баран арахсарбытыгар: «Матырыйаала барыта баар Тылгыны-Маҥаас туһунан кинигэтэ суруй, ити дьыаланы кимнээҕэр да ордук эн билэҕин» диэбитэ. Ону кэриэһин этии курдук өйдөөммүн, санаатын көтөҕөөрү аккаастаабытым, «тулуктаһа» түһэр ини диэх курдук санаабытым, онтум ханна ханна баарый, өлөр өлүү «дэгиэ тыныраҕа» төлө туппатаҕа. Хата ону кыргыттара культура үлэһиттэрэ Изабелла, Степанида Ивановналар Тылгыны-Маҥаас 35 сыллаах юбилейыгар, Бүлүү улууһа үбүн көрөн (эрдэ Иван кэпсэппит этэ) күн сирин «Доҕордоһуу түһүлгэтэ» буолан, аҕаларын баҕа санаатын толорон таһаартарбыттара.

1996-97-98 с.с. күрэхтэһиилэргэ Ньурба, Бүлүү, Үөһээ-Бүлүү тустууга сборнай хамаандата кыттар буолбута. Тустуу таһыма олус үрдүк буолара, онон икки нэһилиэк оробуочай дьонун миэстэҕэ чугаһаппат этилэр. Арай Данил Петров, Семен Данилов тулуктаһаллара. Оччолорго биһиги да үчүгэй уолаттарбытын Николай Григорьевы, Владимир Дмитриевы, Николай Прокопьевы ыҥыран кытыннарарбыт, онон Бүлүү зонатын тустуута буолара. Ити саҕана «Рынок ыар тына» коммерция төбөтүн көтөхпүт кэмэ этэ, дьон-сэргэ наһаа айманар туруктанан, күрэхтэһии кэнниттэн мунньах буолбута. Иван Елисеевич спорт совет (нэһилиэк киэнэ) председателя этэ, мин 1975 сылтан комсомольскай тэрилтэ спорт секторынан ананыахпыттан итинник дуоһунастааҕым. Мунньахха: Иван Елисеевич «арыый уоскуйуохтарыгар» дылы тохтоторго этии киллэрбитэ. Куоластааһыҥҥа хотторон биэс сылынан 35 сыллаах юбилейы Тылгыныга оҥорор буолбуппут.

Ити юбилей олус бэркэ барбыта. Сорохтор олохтоох балаһыаньаны аахсыбакка, ким эрэ сүрэҕэ суоҕуттан дуу, хайа эрэ тойон куһаҕаныттан дуу Тылгыны- Маҥаас күрэхтэһиитэ тохтотуллубутун курдук саҥараллар. Билигин бэйэни салайыыны: ким төһө кыахтааҕынан, төһө баҕарар күрэхтэһиини ытыан сөп. Баҕа санаа эрэ наада. Тылгыны- Маҥаас үйэ тухары доҕордоһуулара уонна күрэхтэһиилэрэ сыл аайы салҕанан бара туралларыгар баҕарабын. Оччотугар эрэ эдэр ыччат доҕордоһуута илэ- бэйэтэ спортка эбээһинэс гынан ити ситиһиитэ салҕаныа, сайдыа. Аны ким «бурҕалдьыны» сүгэрий? Биһиги көлүөнэ ити «бурҕалдыны» сүгэн-соһон кэллибит 40 сыл устата-достойнайдык. Сааһырыы да барда, ыччат сааспыт ааста, кыттар да кыахпыт тохтоото.

Оскуолалар аайы үстүү- түөртүү физкультура учууталлара, тренердар бааллар. Кинилэри кытта олохтоох дьаһалта прямой эбээһинэһэ буолуохтаах. Ааспыт 40 сыл устата отделение управляющайдара: В.В. Васильев, Е.Н.Отов, Н.П.Васильев, Я.Т.Сергеев, Е.Е.Егоров, С.С.Васильев, Е.Е.Иванов, К.И.Мандаров, Сельсовет исполкомнарын председателлэрэ: Е.Н.Семенов, У.Е.Кылыярова, П.И.Львов, Д.И.Харабаев, З.Е.Петров. Баһылыктар И.И.Иванов, М.Н.Поскачина икки нэһилиэк ыччаттара чөл, физически сайдыылаах буолалларыгар кыһанан кыахтара тиийэринэн көмөлөстүлэр, өйөөтүлэр. Кинилэргэ дьон-сэргэ махтаныан махтанар. Араас ыытыллар күрэхтэһиилэргэ салайаачылар бэйэлэринэн кытта кыттааччылар. Яков Сергеевич-ветераннарга атах оонньообута. Егор Иванов, Спирдон Васильев, Константин Мандаров — тусталлара, Захар Петров-атах оонньуура, ветераннарга тустара, тэрээһинигэр олус сыстаҕаһа, Дмитрий Харабаев— гирэ анньара, Петр Акимов, Егор Егоров- шахматтыыллара. Билиҥҥи баһылыкпыт Матрена Поскачина – теннискэ оройуоҥҥа бастаан сылдьыбыттаах. Дьэ итинник салайааччылардаах буоламмыт спорт «тыыннаах». 1975 сыллаахха К.И.Мандаров биһиэхэ хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьан хапсаҕайдаһан тустууга Республика Манчаарытыгар бастаан иккис төгүлүн маастарын толорбута. (бастакытыгар биэрбэтэхтэрэ) Дальнай Восток күрэхтэһиитигэр иккис буолбута.

Петр Осипов Бүлүү пед.коллеһыгар икки сыл эрчиллэн 21 сааһыгар хапсаҕай маастара буолла. Билигин Ньурба куоратыгар үлэлиир тренеринэн. Дьиэ-уот биэрэн олохсутар баҕалаахтара иһиллэр. Билигин Петр быраата Вася Бүлүүгэ бэркэ туста, эрчиллэ сылдьар, аны сайын Манчаарыга тустара буолуо. Домнуо маастар бааллаах сураа иһиллэр.

Данил Петров эдэригэр дойдутуттан тэйэн үөрэммитэ буоллар, үөлээннээхтэрин Владимир Дмитриев уонна Николай Григорьев курдук маастар буолуо хааллаҕа. Мин билэрбинэн 1980 сылтан бэттэх тустубут маастардарын барыларын охтортообута. Иван Иванович Тимофеев охтон тахсан баран; «ити урут ханна сылдьыбыт киһиний» диэн олус соһуйан турар. Данил Петров, Илларион Федосеев Россияҕа бастаан кэлбитин кэннэ очукуоннан хотон иһэн баара-суоҕа 4 сөкүүндэ хаалтын кэннэ «ыраастык» хотторон турар. Ол бука уопут суоҕуттан буолуо, судьуйалар да аҥаар саннынан түспүккэ, киһилэригэр ыалдьан хотууну биэрбиттэрэ баар. Вячеслав Карпов турунан мөккүспэлээбит сурахтааҕа. Данил тракторист идэлээх буолан наар тустууну батыспатаҕа, үлэтиттэн да босхолооботтор этэ.

Михаил Поскачин орто оскуоланы бүтэриэҕиттэн отделение оробуочайа. Спорт бары көрүҥүн сатыыр, күрэхтэһииллэргэ кыттар. Ордук табыллан тустуу, гиирэ анныыыта, атах оонньуута, мас тардыыта, дуобаччыт. Быһатан эттэххэ ыарахан атлетикатыттан- чэпчэки атлетикатыгар дылы күрэхтэспит дэгиттэр спортсмен. Тэрээһиҥҥэ, хамаанда туруоруутугар бастайааннай хамаанда хаппытаана.

Спиридон Васильев-университетка үөрэнэ сылдьан мас тардара. Самбо тустууга эрчиллэн Магаданскай уобалас иккис призера буолбута. Дойдутугар кэлэн 68-70 киилэҕэ тустара, мас тардара. Оройуоҥҥа иккитэ бастаан турар, сиһин травмалаан отутун ааһан иһэн спордун «бырахпыта».

Тылгыныга курэхтэһэ барыы өртөн тэриниилээх буолара, оһуоба суол боппуруоha. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы өттүгэр суола суох бүтэй буолара, оччо5о массыынаннан соруммаккын даҕаны, массыынабыт да диэн ГАЗ-53 буолара, суоппара Прокопьев Петр Васильевич. Суоллаах да буоллаҕына арҕаа арыыттан трактор от таспыт суола буолара, быһа барарга Модьоҕой хайата мэһэйдиир. Саас аны тибиитэ мэһэйдиир. Онон трактор ордук курдук буолара, бырасыапка, саһаан тиэйэр сыарҕаҕа маат эбэтэр уопсай хотонтон от тэлгээн баран, тулуубунан саптан, тоҥон-хатан тиийэрбит. Биирдэ бырысыаптаах Беларуһу, ДТ-75 саһаан сыарҕалаах арыаллаппыттара. Беларусь эрдэ тиийбит этэ. Дэриэбинэҕэ Васильев Лев тракторы тохтотон, хантан мас тиэйэн иһэрин ыйыппыт.

Дьон кэлтин истэн; «кэллигит, хаайыыгытыттан тахсын» диэн күлэ турара. Ол саһаан сыарҕата бу аҕыйах сыллаахха дылы Тарамыыска турара. Ол айылаах ыраах сиргэ тымныыга тоҥуу-хатыы ханна барыай доҕотторбут итии-истиҥ сыһыаннара сотору ириэрэн эрдэҕэ. Афанасий Федотов, Михаил Семенов, Александр Иванов, Александр Поскачин, Василий Афанасьев элбэхтик таспыт буолуохтаахтар.

Тылгыны-Маҥаас табаарыстыы күрэхтэһиитигэр күтүөттэр;

В.Е.Трофимов, Е.Е.Попов, И.Михайлов, М.Лазарев, А.И.Шпенев, С.Неустроев, В.Саввин, К.Мандаров элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттара, үксүгэр кыайыы үөрүүтүн билбиттэрэ.

Мас тардыһыыта-былыр былыргыттан «тоҥ» иҥиирдээхтэр күрэхтэһэр көрүҥнэрэ. Билигин быраабылата уларыйан, араас албастара элбээн, чахчы үчүгэйдик эрчиллибит, үөрэммит эрэ киһи тардыһар оонньуута буолла. Урут ыйааһынннаах илии, сис күүстээх буолла да тардыһара. Үөһээ ыйааһыҥҥа Егор Иванов, Алексей Григорьев, Илларион Илларионов атын сирдэргэ көһөннөр киһитэ суох буола сылдьыбыппыт. Син киһилээхпит буолуо да, Николаев Иннокентий Егорович Тылгыныттан «экономист» идэлээх бэрт толору эттээх-сииннээх кыттааччы баар буола сылдьыбыта, тустууга да Николай Григорьев кэлиэр диэри аҥаардастыы сылдьыбыта. Орто ыйааһыҥҥа Николай Степанов дэҥ-дуҥ кыттара, тардыстаҕына ылара. Алын ыйааһыҥҥа хас да кыттааччыны туруоран уонна көлүөнэлэр солбуйсаннар; Алексей Алексеев-Сирилэс, Спиридон Васильев, Василий, Егор Герасимовтар, Василий Саввин, Александр Поскачин, Артур Томскай, Степан Львов, Сергей Григорьев уо.д.а. бэркэ эриһэн кытталлара, хамаандаларыгар элбэхтэ кыайыы очукуотун аҕалбыттара.

Александр Иванович Шпенев эдэр сааһыгар нэһилиэккэ, совхозка элбэхтик кыайыы очукуотун аҕалбыта. Оройуоҥҥа биирдлэ бастаан турар.

Мунньахтаан Тылгыны-Маҥаас күрэхтэһиитэ биэстии сыл буола-буола ыытыллар гына быһаарыллыбытын кэннэ, урут күрэхтэһэ үөрэммит ветераннарбыт, тиһикпитин-сибээспитин быспат наадатыгар уонна өйбүт-санаабыт биир буолан аны «Ветеран спортсменнар» биэс көрүҥҥэ күрэхтэһиилэрин ыытар буолбуппут. Ити курэхтэһиини ыытар буолбуппут сэттэ сыл буолла, быйыл ахсыс сылбытын курэхтэһиэхпит.

Ити күрэхтэһиини Тылгынылар 2000 сыллаахха саҕалаабыттара-биһигини үөрэппиттэрэ. Бу күрэхтэһиини бэйэбит улууспутугар 11 нэһилиэккэ ыыттыбыт-үөрэттибит. Быйылгыттан оройуоннай «спорт ветераннарын» биэс көрүҥҥэ күрэхтэһиитэ былааҥҥа көрүлүннэ. Тылгыныларга бу күрэхтэһиини Владимир Андреев иилээн-саҕалаан дьаһайар. Шофер-Поскачин Александр Николаевич.

1995 с. Тылгыны оскуолатын директора Е.Г.Филиппова өйөөһүнүнэн, В.В.Еремеев, А.А. Федоров, И.Г.Филиппов көҕүлээһининэн «Северный Вилюй» күрэхтэһии Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарын хоту сытар нэһилиэктэрин Тылгыныга түмэн ыытыллар буолбута. Бу күрэхтэһиигэ; волейбол, теннис, дуобат дьахталлар уонна эр дьон хамаандалара кытталлар. Бу күрэхтэһии сылын аайы үрдүк таһымнаахтык ыытыллара холобур буолар. Дьэ ити курдук Тылгыны-Маҥаас куруутун сибээспитин быспаппыт.

Бу икки нэһилиэги өрүһүнэн быыһаан границалаабыттара, икки улуус нэһилиэктэрэ буолбуттар. Ол эрэн дьоно-сэргэтэ хаһан да тус-туһунан санаспаттар, олох да билбэтэх киһигин кытары үөрэ-көтө кэпсэтэбин. Түҥ өрүскэ, элбэх элгээннэригэр бииргэ бултуубут, кустуубут-балыктыыбыт. Күһүн-кыһын соһон мунхалыыбыт. «Тылгынылар-сиэбиттэр үһү» диэн буолла да сарсыардатыгар барыы буолар. Тиийдибит дьонуҥ үөрэ көрсөллөр: «хата кэлбиккит,күөх далай бэйэтэ билиэ төһөнү биэрэрин» диэн буолар.

Егор Егорович ВАСИЛЬЕВ,

учуутал.

АХТЫЫ

Мин 1954 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр Маҥааска Христина Игнатьевна, Тит Данилович колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. 1968 сыллаахха Тылгыны-Маҥаас күрэхтэһиитэ саҕаламмыта. Ол күрэхтэһиини олус умсугуйа, ымсыыра көрбүтүм. Ол саҕаттан оскуолаҕа ыытыллар тустуу, легкай атлетика, атах оонньуутун секциялара ыытыллаллара, олорго дьарыктанарбыт. Оччолорго оҕо барыта активнайдык кыттара-дьарыктанара. 1970 сыллаахха оскуолаҕа абсолютнай чемпион буолбутум, ол миэхэ көнүл тустууннан, дуобатынан дьарыктанарбар «суол аспыта» буолуохтаах. 1972-74 сс. армияҕа сулууспалаабытым. 1975-78 сс. Душанбе куоракка физкультурнай техникумна үөрэммитим. Бүтэһик студенныыр сылбар 74 киилэҕэ Таджикскай ССР чемпиона буолбутум. Ити сыл Ташкеҥҥа Орто Азия студеннарын күрэхтэһиитигэр хапсаҕайга абсолютнай чемпион буолбутум. Студенныы сылдьан икки сыл стройотрядка үлэлэспитим, үксүн хлопох хомуйуутугар үлэлиирбит. Араас омук дьонун кытта бииргэ алтыһан иллээхтик-эйэлээхтик сылдьарбыт, атааннаһыы, омугунан араарсыы диэн отой суох этэ. үөрэхпин бүтэрэн төрөөбүт оройуоммар физкультура учууталынан, тренеринэн үлэлээбитим. 1984 сылтан Ис дьыала отделыгар үлэҕэ киирбитим, 23 сыл үлэлээн, майор званиелаах 2007 с. пенсияҕа олоробун. Үөһээ Бүлүүгэ, Уус-Алдаҥҥа, Якутскайга, Аллараа-Халымаҕа, ол иһигэр 4 сыл спецназка Дьокуускайга үлэлээбитим. Спордунан дьарыктаныы киһини араас омуктары кытары алтыһыннарар, элбэх сирдэргэ сырытыннарар. Элбэх доҕордоох-атастаах буолаҕын. Быйыл тустубутум 40 сыл буолла, барыллаан ааҕыыбынан 400-кэ күрэхтэһиигэ кытынным. Хапсаҕайдаһан тустууга кынат үүннэрбит сирим төрөөбүт дойдум — Маҥаас. Тустубутум тухары оскуолабар – 1970 с.; ыһыахха -1975 с.; студеннар ортолоругар-1978 с. Ташкеҥҥа, Душанбеҕа; Үөһээ Бүлүү Буучугураһыгар -1980 с., 1978 с.; оройуоҥҥа — 1981 с., 1991 с.; Бычырдааҥҥа — 1995,1997 с.; Уус-Алдаҥҥа – 1984 с.; Бүлүү зонатыгар — 1986 с.; 1994 с. — Румянцевка; 2006 с. — Аллараа Халымаҕа; 2001 с. — Дьокуускайга. Уопсайа 16-та абсолютнайга чемпионнабытым.

Көнүл тустууга 1979 сылга Якутскайга ыытыллыбыт бүтүн союзтааҕы турнирга үһүс миэстэ, 1980 с. Бастакы спортивнай спартакиадаҕа иккис, 1982 с. Уус-Алдаҥҥа чемпион, 1983 с. Саха сирин чемпиона — 82 киилэҕэ, ону таһынан хаста да призердаабытым.

«Динамо» обществоҕа элбэхтэ призер, чемпион буолуталаабытым. Гира анньыытыгар чемпионнаан, элбэхтэ призердаан турардаахпын.

Саахымакка (УВД) үһүс — Дьокуускайга, Бүлүү зонатыгар, центральнай зонаҕа бастаталаабытым. Республикаба үстэ кыттан бастаабытым.

Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут; улахан уол Володя ЯГУ-ну бүтэрэн ГРЭС-кэ инженердиир кэргэннээх, кыыс оҕолоох. Кыыспыт Аня ЯГУ-ну (БГФ) бүтэрэн Мохсоҕоллооххо Якутцеменҥэ экологунан үлэлиир. Кыра уол Манчаары XI-ыс кылааска үөрэнэр, футболу сөбүлүүр, куорат оскуолатын күрэхтэһиитигэр миэстэлээх. Володялаах, Аня оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саахымакка республикаҕа чемпионнаан сылдьыбыттара. Спордунан дьарыктанан элбэх сиргэ сырыттым, элбэх куораттары көрдүм.

Тылгыны-Маҥаас бастакы күрэхтэһиилэрин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олус умсугуйа көрөрбүт. Концертарын олус сөбүлүүрүм, ырыалара-тойуктара, ohyoxайдара ордук курдук буолара. Спортивнай күрэхтэһиилэр олус чиэһинэйдик доҕордуу быһыыга-майгыга ыытыллара. Хаһан да мөккүөр, кыыһырсыы, суох буолааччылар. Онон мин спордунан дьарыктанарбар элбэх билиини-көрүүнү биэрбитэ, бастакы үчүгэй оскуоланы барбытым да диэххэ сөп. Ордук өйбөр спорт маастара Дмитрий Типанов, Степан Кириллин, үөһээ ыйааһыҥҥа тустар Республика чемпиона Гаврил Матвеев, олус үчүгэй физическэй көрүҥнэрэ өйбөр олорон хаалбыт. Онон бу табаарыстыы күрэхтэһиилэр өссө да салгыы бара туралларыгар баҕарыам этэ. Спорт диэн чөл олох, доҕордоһуy, доруобуйа, чэгиэн өй-санаа.

Николай Титович ГРИГОРЬЕВ-«Күүстээх Куола

хапсаҕайга Саха АССР спордун маастара, көнүл тустууга

СССР спордун маастарыгар кандидат.

Оставкаҕа олорор милиция майора.

ДОҔОРДОҺУУ УОТА УМУЛЛУБАТЫН!

1968 сыллаахха Далыр орто оскуолатын Маҥаастан 7 буолан бүтэрэн, “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан, дойдубутугар үлэлии тахсыбыппыт.

Мин электростанцияҕа дизелиһинэн үлэлии киирбитим, Филиппов Кеша олохтоох радиоҕа радиһынан, Васильева Маруся, Борисов Коля кулуупка сэбиэдиссэй уонна художественнай салайааччы буолбуттара, үс оҕобут атын сиргэ көспүт.

Ол саҕана тыаҕа олох чуҥкук соҕус буолара, үлэттэн атыны оччо билиллибэт этэ. Олохтоох совет председателинэ Семенов Егор Николаевич, отделение управляющайынан Васильев Василий Васильевич, партийнай тэрилтэ секретарынан Ан Василий Иванович, комсомольскай тэрилтэ секретарынан Саввинова Людмила Никитична үлэлииллэрэ. Отделениеҕа тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү, 500-чэ сылгы баара. «Үрдүк ыам», «сүөһүнү төлөһүтүү», «сылгы төрүөҕүн элбэтии.

Социалистическай куоталаһыы-кэпсэтии мунньах сүрүн тыллара. Үлэ күөстүү оргуйар.

Ол сырыттахпытына, ахсынньы саҥатыгар, Тылгынылар кэлэллэр үһү; «күрэхтэһиилээх эҥин доҕордуу көрсүһүүлээх буолар үһү» диэн сурах тарҕанна. Эдэр ыччат өрө көтө түстүбүт, дьэ, сэргэхсийии буолла.

Көрсүһүү былааннаах тэрийээччилэрбит Маҥаастан Прокопий, Николай Максимовтар, Тылгыныттан Н.И.Гаврильев, Конон Потапов, Гаврил Матвеев эбиттэр. Биһиги, эдэрдэр, сүүрүүтүгэр-көтүүтүгэр, араас сорудахха сылдьабыт. Тылгынылар хайдах эрэй бөҕөнөн айаннаан кэлбиттэрин туһунан элбэхтик суруллан турар.

Ол саҕана мээнэ ханна да буолбат, бэрт киэн хабааннаах көрсүһүү тэриллибитэ. Спорт хас да көрүҥэ; Хапсабай, атах оонньуута, чэпчэки атлетика, дуобат, саахымат, остуол тенниһэ, мас тардыһыыта буолбута. Ону таһынан ыалдьыттар концертара, нэһилиэк үлэҕэ ситиһиилэрин хардарыта отчуоттааһыннара, комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин хардарыта отчуоттааһан опыт атастаһыылара тэриллибитэ. Дьэ, уонна икки уруулуу нэһилиэк дьоно, өр көрсүбэтэх ахтылҕаннарын таһааран, сэһэргэһии-кэпсэтии, ыалдьыттаһыы, үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттара. Чахчы даҕаны, өрө көтөҕүллүү, бырааһынньык кэмнэрэ этэ.

Бастакы көрсүһүүгэ Маҥаастар кыайыылааҕынан түмүктэммитэ.Түмүк таһаарыытын кэнниттэн Тылгыны делегациятын салайааччыта Н.И.Гаврильев тыл эттэ. Онно кини: «Биһиги олохтоохтору дуобакка, саахымакка эрэ кыайдыбыт, атыныгар барытыгар хоттордубут, инникитин аны уонча сыл устата биһигини хото турууһугут диэн  көрөбүн» — диэбитин билигин сөҕө саныыбын. Кырдьык даҕаны сүүрбэччэ сыл устата Маҥаастар баһыйан испиппит.

Бу, 40 сыл устата барбыт доҕордуу көрсүһүүлэр эдэр ыччат спортка, чөл олоххо, культураҕа тардыһытыгар улахан суолталаммыттара чуолкай. Кэлиҥҥи сылларга көрсүһүүлэр, урукку курдук киэҥ хабааннаммакка, биирдиилээн спорт көрүҥнэринэн, оҕолор күрэхтэһиилэринэн, ветеран спортсменнар көрсүһүүлэрин, син сыта быстыбакка бара турар. Инникитин өссө сөргүтэн, саҥалыы тыыны киллэрэн биэриэххэ баар этэ.

Спортивнай күрэхтэргэ уонунан сылларга кыттан элбэх көлөһүннэрин тохпут дьоннору ааттаталыахпын бабарабын:

Маҥаастан-Данил Петров, Василий Трофимов, Михаил Поскачин, Семен Герасимов, Владимир Федотов, Николай Попов, Егор Васильев Петр Акимов, бырааттыы Захар, Иннокентий, Алексей, Михаил Васильевтар, Давид Михайлов, Евдокия Григорьева, Мария Васильева, Матрена Поскачина, о.д.а. Тылгыныттан- Павел Борисов, Гаврил Матвеев, Степан Кириллов, Аркадий Васильев, Гаврил Петров о.д.а.

Көрсүһүүлэр культурнай программаларыгар элбэхтик кыттыбыттара; И.Е.Иванов, М.С.Васильева, С.С.Васильева, В.Е.Трофимов, В.Ф.Федотов, С.Е.Герасимов, Е.Е.Егоров,

О.Р.Алексеева, Д.Н.Павлова, о.д.а.

Тылгынытан Павел Борисов биир да концерды көтүппэтэҕэ.

Көрсүһүүлэр тэрээһиннэрэ, ол саҕанааҕы нэһилиэктэр салалталарынан тэҥэ, элбэхтик үлэлээбит дьоннорунан буолаллар:И.Е.Иванов, В.Е.Трофимов, Е.Е.Васильев, Е.Е.Егоров,М.Н.Поскачин, Д.А.Петров, И.Н.Филиппов, Тылгыныттан Гаврил Петров, Гаврил Матвеев, Павел Борисов о.д.а.

Мин бэйэм, спортка талаана суох буоламмын, биирдэ эмитэ кыттыбытым, ол оннугар тэрээһин үлэ5э уонна культурнай программаларга син элбэхтик кыттыбытым.

Тылгыны-Маҥаас ыччата салгыы доҕордоһон, аймахтаһан, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһан бара турдун!

Илья Сергеевич ПРОКОПЬЕВ,

учуутал.

АХТЫЫ

Спорт диэн үйэттэн-үйэҕэ, уонунан сүүс сыллар усталарыгар норуоттан норуокка бэриллэн кэлбит үгэстэртэн биирдэстэрэ буолар. Былыргы цивилизациялар Египет, Рим ыраахтааҕылара, улуу өйдөөхтөрө норуоттар икки ардыларыгар оонньууну, курэхтэһиилэри, көрү-нары тэрийэн, бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сыһыаннары олохтууллара. Онтон сылтаан, политика, үөрэх, атыы-эргиэн о.д.а. хайысхалар сайдаллар.

Биһиги үйэбитигэр; коммунизм мукутаан турдаҕына-спорду туора туппатаҕа. Ол курдук, былыргыттан ыаллыы олорбут, өссө урут «Наакаан» диэн биир нэһилиэк буола сылдьыбыт Түҥ өрүс икки өттүгэр сытар Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэригэр сэргэхсийии баар этэ. Бу икки нэһилиэк 1968 сылтан саҕалаан спорт араас көрүҥэр табаарыстыы күрэхтэһэр буолбута. Тылгыны-Маҥаас күрэхтэһиилэриттэн кынат үүннэрэн элбэх үрдүк разрядтаах спортсменнар, физкультура учууталлара специальностаах дьон үүнэн, үөрэнэн тахсыбыттара. Олортон биирдэстэрэ-атах оонньуутугар хаста да спорт маастарын нуорматын толоро сылдьыбыт, дэгиттэр спортсмен Егор Егорович Васильев буолар. Кини үөрэппит оҕолоро билигин даҕаны үчүгэйдик саныыллар, ытыктыыллар. Тылгыны-Маҥаас икки-ардыларыгар ыытыллыбыт 40 сыл устата элбэхтик кыттыбыт, кытта да сылдьар, инникитин кыттыаҕа да диэн эрэнэ саныыбын.

Спорт диэн киһи эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдар суола. Онон үрдүкү былаастартан уурааҕы-сокуону кэтэспэккэ, билигин бэйэ-бэйэни салайынар үйэтигэр, урукку традицияны сөргүтэн,аҕа саастаах көлүөнэ ыччаппытын көҕүлээн күрэхтэһиилэрбитин салгыы туруоҕуҥ диэн этиилээхпин. Бэйэм күрэхтэһиилэргэ кыттыбатах эрээрибин көрөрбүн-истэрбин сөбүлүүбүн. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, бэрээдэгэр саамай улахан оруолу общественнай үлэ ылар. Оттон общественнай үлэ биллэрин курдук хамнаһа суох буолар. 1992 с. дылы күрэхтэһиилэри совхозтар салалталара, сельсоветтар иилээн-саҕалаан ыыталлара. Ити сыл «Ботулуу» совхоз ыһыллыытыгар Урал вахтовай автобус биһиэхэ тиксибитэ. Ол автобус Тылгыны-Маҥаас күрэхтэһиилэригэр элбэхтик суол хайыппыта. Араас гастролларга, куйуурдааһыҥҥа, соһон мунхалааһыҥҥа элбэх наадабытыгар сылдьыбыта. Сүөһү үлэһиттэрэ Кыһыл-сыырынан, Бүлүү нэһилиэктэринэн гастроллаан, сынньанан кэлэллэрэ. Төһө кыахпыт тиийэринэн культурнай маассабай, спортивнай үлэлэргэ, дьон солбуоһунугар, техника булуутугар көмөлөһөрбүт. Үп-харчы көстүбэтинэн, горючай ыарааһынынан, уопсай техника суох буолан( ыһыллыы кэннэ) урукку Тылгыны-Маҥаас күрэхтэһиитэ тохтуу түспүтүгэр, урукку спортсменнар: «Хотугу Бүлүү»,» Ветеран спортсменнар» күрэхтэһиилэринэн тиһигин быспакка сибээстэһэ тураллар. Биһиги сахабыт сиригэр икки улуус, икки нэһилиэгэ 40 сыл устата табаарыстыы күрэхтэспиттэрин истибэппин. Бу традицияны салгыы турдуннар диэн этиилээхпин уонна эрэллээхпин.

Николай Петрович МИХАЙЛОВ,

урукку КП директора.

ТЫЛГЫНЫЛАРДЫЫН БЫЛЫРГЫТТАН ДОҔОРДУУБУТ

1935 сыл кыраныыссаны Түҥ өрүһүнэн быһаннар I үөдүгэй нэһилиэгэр сылдьыбыт Тылгыныны уонна Түүлээх yyhyн араартааннар, Тылгыны бэйэтэ туспа нэһилиэк буолан Бүлүү оройуонугар, Түүлээх ууһа Мангаас нэһилиэгэр сыһыарыллыбыттара.

Былыр бииргэ буккуһан олорон, биир нэһилиэк буолан, хардарыта көмөлөсүһүү, бииргэ бултааһын, муҥхалааһын уруккаттан баара. Ол сылдьан ыал буолуу да элбэҕэ. Сэрии бастакы сылларыгар, дьон аччыктаан, хоргуйан барбыттарыттан ыксаан, Тылгынылар өрүһүйээри, колхоз дьоннорун бырабылыанньатыттан көҥүллэтэн, Мунхаһыт Саабаны Тылгыныга ыҥыран муҥха оноттороллор. Көмө киһинэн Дмитриев Лев Львовиһы илдьэ барар. Ол кыһыны быһа муҥха баайар, таҥан бүтэрэн, саас хобурга муҥхалаан собо бөҕөнү баһаллар. Лиэбэ Онооптурап-Дьабаас кыыһа Сөдүөрэни билсэн, ыал буолан сүгүннэрэн кэлбитэ.

Сулгундаҕа ыалларга сытаннар Түҥ элгээттэрин, баһа-атаҕа биллибэт Булбалыҥда диэн эбэлэрин Тылгынылардыын кыттыһан Федоров Илья (Бурхаан) диэн коммунист муҥхаһыттарынаан туоналыыллара. Балык бөҕөнү ылаллара. Онно эдьиийбит Христина колхозтан тэриллибит Тылгынылар муҥхаларын бригадатыгар сылдьара үһү.

Аҕабыт Сааба улахан балта Христина Совет председателинэн, бригадирынан үлэлээбит Иванов Константин Матвеевичтыын (Хоохот Көстөкүүнэ) ыал буолан, Тылгыны Толоонугар олорбуттара. Кэргэнэ эрдэ өлбүтэ. Бэйэлэрэ оҕолоро суоҕа. Онон Матвеев Петр Константиновиһы, Иванова Прасковья Константиновнаны ииппитэ. Сэрии кэмигэр тулаайах хаалбыт оҕолору Федотов Федяны, Такирова Феодосияны ииппитэ. «Аҕа дойду сэриитин килбиэннээх үлэтин иһин» медаль кавалера 30 суотай бурдугу быһан, түүтэхтээн кэбиһэр стахановец аатын сүкпүтэ.

Аҕам быраата Васильев Егор Васильевич (Харааччын) сэрии ветерана Тылгыныга үлэһитинэн, бүдүрүйбэт сүһүөхтээх бөҕө тустуугунан, сытыары-сымнаҕас, көнө-көрсүө майгытынан улаханнык убаастанар киһи олорон ааспыта.

1973 сыл үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлэн дойдубар 1992 сыл совхозтары ыһыы буолуор диэри зоотехнигынан, управляющайынан үлэлээбитим.

1974-1977 с.с. Тылгыны-Манаас табаарыстыы көрсүһүүлэригэр иккитэ 70 кг. мас тардыһыытыгар, биирдэ тустан бастаталаабытым. Хас сылын аайы ыытыллар табаарыстыы көрсүһүүлэр спортивнай тэрээһиннэригэр, дьарыктааһыныгар, судействотыгар Васильев Е.Е., Мандаров К.И. сылдьаллара уонна кыттаннар кыайалларын-хотоллорун өйдүүбүн Кыттар спортсменнары, концерка кыттааччылары, күүлэйдии да барааччылары солбуоһуктарын булуу, айанныылларыгар техниканан хааччыйыы отделение салалтатын ытык эбээһинэһэ этэ. Сороҕор саһаан сыарҕатыгар сылаас-сылааспытыгар ыга симсэн, ырыа-тойук аргыстаах кимнээҕэр тонмокко көрдөөхтүк айанныырбыт. Кэлин техника элбээн бортовой массыынанан да барбыттарын иһин Беларусь тракторынан арыаллатыллара. Тибиитэ суох суол үчүгэй кэмигэр туохха барытыгар туһаныллар водовоз массыынаҕа шофер Тимофеев И.Н. 5-6 киһини симэн илдьэрэ-аҕалара.

Ыччат нэһилиэккэ туохха барытыгар төһүү күүс буолар. Ыччакка тирэҕирэн үлэлиир, кинилэр санааларын табар салалта үлэтэ тахсыылаах буоларын олох көрдөрөр. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар спортивнай күрэхтэһиилэргэ, гастроллуу баралларыгар көҥүллээн техниканан хааччыллара. Салалтаҕа үлэлиирим тухары үөрэххэ барааччылары хаһан да хааччахтаспатаҕым. Олоруҥ үөрэххэ киирбэтэхтэрин да иһин уоппускаларын суотугар дуоһуйа күүлэйдээн эргиллэн кэлэн үлэ үөһүгэр үөрүүнэн түһүнэн кэбиһээччилэр. Онон үлэһит илиинэн тутайбат этибит. Ол да иһин, ыччат элбэх буолан, спортка, производственнай көрдөрүүлэргэ ситиһиилэммиппит.

Отделение совхозка, оройуоҥҥа бастаан знамя ылаттыыра. 1975-1976-1977 сс. оройуон сайыҥҥы спартакиадаларыгар субуруччу 3-тэ бастаан спортзал тутуутун ситэрэргэ үп көрүллүүтүн ситиспиппит.

Хас көрсүһүү аайы икки хаан уруулуу нэһилиэктэр доҕордоһуулара өссө күүһүрэн, эдэрдэр тапталлаахтарын булсаннар, ыал буоланнар, ыччат бөҕөнү тэниттилэр.

Бу үйэлээх доҕордоһуу икки нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыыларыгар төһүү күүс буолбута. Тылгынылар биһигиттэн тутуу маһын көҥүллэтэн ылан, производственнай объектарын, ыаллар да дьиэлэрин тутан дьэндэппиттэрэ. Тылгыны, «Күүлэт» совхоз киинэ

буолан, балысханнык сайдыбыта, техниката элбээбитэ. Онон запчаһы Боотулуу совхозпутуттан булбатахпытына табаарыстарбытыттан Тылгынылартан ыларбыт. Оннооҕор Беларусь трактор аҥаарын биэрэн ыытааччылар. Оннук доҕордоспут дьонноругар дэлэгэй амарах дьон этэ.

Абам өлбүтүн кэннэ кыл мунхата, уонча сыл сулууспалаан баран үйэтин моҥоон быраҕыллыбыта. Ол кэннэ уонча сыл Маҥаастар мунханы умна быһыытыйбыттара.

Отделение управляющайынан үлэлии олорон үйэбитигэр дьарыктаммыт муҥхалааһыны тилиннэрэр санааттан, дьону аһатаары, отделение наадатыгар балыгы туттараары 1988 с. Тылгыны муҥхаһыта Конанов Иван Герасимович диэн ытык кырдьаҕаһы кэпсэтэн, 70 м. кынатын усталаах, улахан ийэлээх, алларааннан балыгы ыыппатын диэн байбарыылаах, мунхаҕа туттуллар сэптиин-сэбиргэллиин, уһун үтүмэхтиин онотторон ылбытым, махталым улахан.

Олох ыарахаттарын хардарыта көмөлөсүһэн, өйөһөн-убаһан этэҥҥэ туораан, өссө сылын аайы концертаах, табаарыстыы спортивнай күрэхтэһиилэрдээх көрсүһэн, оонньоон-көрүлээн, ыллаан-туойан кэлбиппит. Тыа сирин эдэр саас романтикатын эдэрдэр салгыы сайыннаран, дойдулара чэлгийэ сайдарыгар дьоһуннаах кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэл кыыма саҕыллар.

Спиридон Саввич ВАСИЛЬЕВ,

үлэ ветерана.

ГРИГОРЬЕВТАР СПОРТИВНАЙ ДЬИЭ КЭРГЭН

Дунялаах, Сеня 1974 сыллаахха ыал буолбуттара. Дуня оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үөрэнээччилэр шахматка, хайыһарга күрэхтэһиилэригэр оройуоҥҥа ыытыллар күрэхтэһиилэргэ бастаан уонна бириистээх миэстэлэргэ тикситэлии сылдьыбыта. Ыал буолан Манааска көһөн кэлиэҕиттэн; нэһилиэк араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр, Тылгыны, совхоз иһинэн ыытыллар шахматка элбэхтик кыттар, нэһилиэк спортивнай хамаандатыгар элбэх кыайыы очукуотун аҕалар. Аҕалара Семен урут эдэригэр элбэхтик тустубута. Евдокия Даниловна, Семен Алексеевич уон икки оҕолоохтор.

Уолаттар бары тусталлар, мас тардыһаллар. Кыра уолаттар Үөһээ Бүлүү, Уус-Алдан, Чурапчы тустуу оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаллар. Кыргыттар волейболга, баскетболга, мас тардыһыытыгар үчүгэй көрдөрүүлээхтик кытталлар. Улахан кыыстара түөлбэ начальнига.

Тылгыны-Маҥаас 35 сыллаах юбилейыгар Григорьевтар дьиэ кэргэнтэн алта киһи кыттан абыс медалламмыттара. Орто уол Данил абсолютнай чемпион буолан; культура, спорт ветерана Иван Елисеевич Иванов дьонноро туруорбут стиральнай массыыналарын хаһаайынынан буолбута. Урут Данил Боотулуу, Сургулуук ыһыахтарынан тустан; тарбыйах, убаһа бириистэри ылаттаабыта. Хомойуох иһин-соторутаабыта Данилбытын хомолтолоохтук сутэрдибит.

Александр, Алеша тустан бастаабыттара. Алеша, Галя мас тардыытыгар чөмпүйүөннээбиттэрэ. Ийэлээх-аҕа шахматка ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Григорьевтары биһиги нэһилиэк «Спортивнай дьиэ кэргэн» быһыытынан билинэр.

АХТЫЫ

Тылгыны-Маҥаас доҕордуу көрсүһүүлэрэ саҕаламмыта номнуо 40 сыл буолбут… Бу комсомол ыччаты күүһэ түмпүт диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Комсомоллар ол кэмҥэ үлэҕэ, үөрэххэ, спортка уонна худ.самодеятельноска активнайдык кыттар буоларбыт, туора турар ыччат диэн суоҕа. Сатаа-сатаама, кыай-кыайыма барытыгар кытта сатыыр буоларбыт. Оннооҕор мин ылласпыта, үнкүүлэспитэ, теннистэспитэ, ыстаммыта буола сатыырым, дьон көҕөр.

Бу көрсүһүү түмүгэр ыал да буолбут дьон элбэх Поповтар, Дмитриевтар, Васильевтар, Герасимовтар уо.д.а.

Мин бу көрсүһүүлэргэ 1972-1983 с. дылы спорт да өттүгэр, концерт да өттүгэр кыттар буоларым.

Мария Иванова, Анастасия Гаврильева уонна Павел Борисов салалталарынан киэҥ программалаах концертар туруоруллаллара.

Биһиги 8 бииргэ төрөөбүт бары бу көрсүһүүлэргэ концертка, спортка активнайдык кыттар этибит. Уолаттар төрдүөн тустан ыйааһыннарыгар миэстэлэһэр этилэр.

Е.Н. ЕГОРОВА-ИННОКЕНТЬЕВА.

АХТЫЫ

Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэрин доҕордуу көрсүһүүтүгэр мин аан маннай 1974 с., орто оскуоланы бүтэрэн баран, кыттыбытым. Онтон ыла хардарыта көрсүһүү сценатын активнай кыттааччыта буолбутум.

1974 с. биһиги кылаас тутуспутунан «Оскуола-производства-үрдүк үөрэх» девиһинэн комсомольскай путевканан бары дойдубутугар үлэлии хаалбыппыт.

МТЗ трактор прицебыгар, тустар мааттары тэлгээн, бары таба саныйах, этэрбэс кэтэн тоҥон-хатан айаннаан тиийдэххэ Маҥаас дьоно-сэргэтэ үөрэн-көтөн кулууп иннигэр айхаллыы көрсөллөрө. Саныахха астык.

Биһиги кыргыттар үксүн концертка эрэ кыттарбыт, уолаттарбыт спорт араас көрүнэр күрэхтэһэллэрэ, концертка кытталлара.

Биһиги икки нэһилиэк ыччаттара көрсүһүүлэрин кэмигэр туох да куһаҕан быһыы, охсуһуу, атааннаһыы, кыра да айдаарсыы тахсыбатаҕынан икки нэһилиэк дьоно-сэргэтэ киэн туттар.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин кэрийэн элбэхтик гастроллаабыппыт, ыллаабыппыт-туойбуппут, ол гынан баран Маҥаас нэһилиэгэр бэйэбит дьиэбитигэр, дьоммутугар кэлбит курдук сананарбыт. «Оо, Тылгынылар, бэйэбит дьоммут кэлбиттэр» — диир саналары киһи

үөрэ истээччи. Ол курдук биир түгэни ис сүрэхтэн махтана саныыбын. Хас сылга эбитэ буолла. Далыр-Дүллүкү-Кырыкый гастроллаан автобуспут оһоҕо алдьанан ынырыктык тоҥон испиппит Маҥааска кэлбиппит түүн 3 ч. ааһыыта, дэриэбинэ утуйа сытар, арай көрбүппүт кулууп уоттаах, оо үөрбүппүтүөн: «Оо, дискотека буола турар эбит» диэччилэр эҥин баар этилэр. Кулуупка киирбиппит уу-чуумпу, хостон үөрбүт, күүппүт аххан көрүҥнээх, оччолорго кулууп директора Егор Егорович Егоров тахсан кэллэ. «Хайа кэллигит дуу, тоҥмуккут, киирэн аһаан ааһыҥ» диэтэ.

Кулууп хоһугар киирбиппит, сылабаарга итии чэй, остуолга печенье, хампыат, саахар оо, үөрбүппүтүөн.

Кулууп үлэһиттэрэ Иван Елисеевич, Егор Егорович сүүрэн-көтөн, көҕүлээн күрэхтэһиилэри элбэх сыл утумнаахтык тиһигин быспакка тэрийбиттэригэр махтана саныыбын.

Бу 40 сыл устата салҕанан барбыт үтүө үгэс өссө да үйэлээх киэҥ далааһыннаах.

Буолан эдэр ыччаттар олохторугар үгүс үөрүүнү, дьолу аҕалыаҕын ис сүрэхпиттэн баҕарабын.

Икки нэһилиэк табаарыстыы көрсүһүүтүгэр уонна да атын гастролларга биһигини эдэр ыччаттары кытта комсомольскай-партийнай салайааччылар эмиэ бэйэлэринэн көҕүлээн активнай кыттыыны ылаллара, ол курдук олохтоох партийнай тэрилтэ секретара К.Е. Потапов, Күүлэт совхоз комсомольскай комитетын босхоломмут секретара Н.М. Софронова, цеховой комсомольскай тэрилтэ секретардара, оччолорго эдэр ыччат сүрдээх активнай буолааччыбыт.

Художественнай самодеятельноска активнайдык Васильев А.И., Тутукаровтар, П.Дмитриева, С.Кириллов кулууп үлэһиттэрэ Мария Иванова, Настя Гаврильева уо.д.а.

Анна Николаевна ИННОКЕНТЬЕВА,

CP Yөрэҕириитин туйгуна, сцена ветерана.

АХТЫЫ

Тылгыны-Маҥаас табаарыстыы көрсүһүүтүгэр 1979 сыллаахтан көтүппэккэ сылдьабын. Ол тухары уус-уран самодеятельноска сыанаҕа ыллыырым, үҥкүүлүүрүм ону таһынан сценкаларга оонньуурум.

Ону туоһулуур ойдөбүнньүк сувенирдар, грамоталар бааллар. Миигин кытары концертарга сыана ветераннара Борисов П.П., Кириллов Степан, Васильева М.С., Иннокентьева А.Н., уо.д.а. кытталлара.

Ону таһынан маннайгы сылларга көнүл тустууга чэпчэки ыйааһынна кытта сылдьыбытым. Ол сабана Васильев К.И.(Тылгыны), Егоров Аркадий (Манаас) уонна да атыттар тусталлара.

Кэлиҥҥи кэмҥэ ветераннар хамаандаларыгар волейболга, дуобакка, настольнай теннискэ оонньуубун.

Бу түөрт уон сыл салҕанан үтүө үгэс өссө да үйэлээх, киэн далааһыннаах буолан, оҕолорбут олохторугар үтүө үөрүүнү, дьолу аҕалыаһын баҕарабын.

Уйбаан ДОРАНОВ,

сыана ветерана.

АХТЫЫ

Мин 1975 сылтан Тылгыны-Маҥаас көрсүһүүлэригэр кыттыбытым. Концертарга баянистааччыбын. Спортка аҕыйахта, көххө кыттааччыбын. Биир сырыыны өйдүүбүн. Биирдэ 80-с сылларга, ахсынньыга, тимир кузовтаах ГАЗ-53 массыынанан айаннаабыппыт. Онтубут аһаҕас. Таһырдьа 50 кыраадыс тымныы. Хаар киһи тобугун үрдүнэн. Массыынабыт хаары саараама хайыппат, буксуйар. Хас күөл аайы күрдьэҕинэн суолу ыраастыы-ыраастыы барабыт. Сарсыарда айаннаан түүн тиийбиппит. Ыччат көҕө сүрдээх буолааччы. Маҥаас дьоно-сэргэтэ сүрдээх ыалдьытымсах, кырдьаҕаһыттан эдэригэр тиийэ, ыалдьыттары сүрдээҕин убаастыыллар. Куоталаһыы, тэрээһини уопсайынан хотуу-хотторуу диэн араарбакка дьон үөрүүтүн-көтүүтүн сүрдээҕин сэргиибин.

Бу кэлиҥҥи сылларга олох, сыана ыараан сыл аайы тэрээһин тохтоото. Бензин сыаната үрдээн, сөргүтүллэр да кыах суох быһыылаах. Онтута хомолтолоох. Баҕар хаһан эрэ олох тубустаҕына сөргүтүллүө диэн эрэнэ сылдьарбытыгар тиийэбит.

Юлия Григорьева

АХТЫЫ

Мин Тылгыны-Маҥаас доҕордоһуу көрсүһүүтүгэр 1972 сылтан сыл аайы сылдьабын.

Аан маҥнай тракторынан барбыппыт. Алексеева Г.Д., Васильева О.Е., Иванова М.Е., Гаврильева А.П. уонна мин буолан үнкүүлээччибит, ыллааччыбыт. Биһиги үксүн концертка кыттабыт, онтон атыттар араас спортивнай күрэхтэргэ кытталлар. Хас көрсүһүүгэ тиийдэхпит аайы Манаас ыччата сүрдээх үчүгэйдик көрсөр этэ. Өссө бу көрсүһүү кэнниттэн Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр гастроллуу барааччыбыт. Маҥаас-Тылгыны нэһилиэктэрин доҕордуу көрсүһүүлэрэ өссө да сайда турдун диэн баҕа санаалаахпыт.

Агафья Егоровна ИВАНОВА,

Елизавета Егоровна ВАСИЛЬЕВА,

сцена ветераннара.

АХТЫЫ

1968 с. мин орто оскуоланы бүтэрэн төрөөбүт нэһилиэкпэр кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэбин саҕалаабытым. Оччотообуга Чоҥороҕо эмиэ кулууп баар этэ. Онно Федотова Варвара Тимофеевна үлэлээбитэ. Учаастактарга Бэттиэмэђэ, Чоҥороҕо, Тимирдьииҥҥэ, Мотуруоска, Быталаахха фермалар бааллара. Нэһилиэк ыччата сороҕо үөрэххэ, армияҕа

буолан дойдубутугар ыччат ахсаан өттүнэн аҕыйах этэ эрээри, үлэҕэ барытыгар төһүү күүс буолара, сынньалаҥы да сатаан тэрийэрэ. Кулуупка биир хоско сельсовет уонна отделение хонтуората, биир хоско библиотека, кыра хоско радиоузел, таһыттан киирэр ааннаах улахан хоско остуорас элбэх оҕолоох аҥардас ийэ Семенова Мария Николаевна олорбута.

Дьэ ити курдук кыараҕас соҕустук үлэлээбит эбиппит эрээри көрүдүөргэ киэҥ буолан кыараҕас дии санаабат этим.

Кулуупка киэһээ аайы киинэ, сороҕор мунньах, концерка бэлэмнэнии буолара, эр дьон мустан биллиард оонньууллара. Онон үлэ-хамнас күөстүү оргуйар дьон-сэргэ, ыччат мустар нэһилиэк эргийэр киинэ этэ.

Комсомольскай тэрилтэ I секретара Гаврильева (Сыбахова) Елизавета Дмитриевна, II секретарь Саввинова Люция Никитична сүрдээх инициативалаах, тэрийэр дьоҕурдаах учууталлар сыал-сорук оҥостон ыччаты кытта таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Совхоз

комсомольскай тэрилтэтин секретара Федоров Анатолий Макарович комсомольскай конференцияҕа отчуотугар биһиги тэрилтэбит культурнай-маассабай үлэни үчүгэйдик тэрийэрин бэлиэтээбитэ.

1968 с. ахсынньыга Тылгыны-Манаас үйэлээх доҕордоһуy Tүҥ маҥнайгынан Тылгынылар саҕалаабыттара. Бу көрсүһүү саҕаланыаҕыттан нэһилиэк салалтатыгар үлэлээбит дьон улахан суолтаны уураллара. үлэһит илии тиийбэтин үрдүнэн, солбуйар дьону булан кыттар дьону босхолууллара, нэһилиэк баар-суох соҕотох техникатын биэрэн тэрийэн ыыталлара. Сельсовет председателэ Семенов Егор Николаевич, управляющайдар Васильев Василий Васильевич, Отов Егор Николаевич этилэр.

Уус-уран самодеятельность көҕүлээччилэринэн буолаллара учууталлар: Сидорова Татьяна Спиридоновна, Петров Захар Евгеньевич баянистар, Гаврильева Елизавета Дмитриевна үҥкүүнү туруорааччы, Саввинова Люция Никитична, Трофимов Василий Егорович, Федотова Варвара Тимофеевна — кулууп үлэһитэ, Васильев Николай Евсеевич баяҥҥа оонньуура, сценкађа кыттара.

-Спортивнай күрэхтэһиини тэрийээччилэр Филиппов Иннокентий Николаевич, Трофимов Василий Егорович этилэр. Илларионов Илларион Петрович, Григорьев Николай Николаевич, Григорьев Алексей Алексеевич, Иванов Егор Максимович тустууга мас тардыһыытыгар, Трофимов Василий Егорович атах оонньуутугар, Акимов Петр Акимович, Семенов Егор Николаевич, Саввинов Дмитрий Игнатьевич саахымакка, дуобакка, Максимов Прокопий Иванович теннискэ кытталлара.

Мин икки сыл үлэлээн баран үөрэххэ барбыппар, кулуупка Иванов Иван Елисеевич киирэн уһун кэмнэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ уонна биһиги саҕалаабыппытын биир да сыл тохтоппокко утумнаахтык тэрийэн дьиҥнээх доҕордоһyy түһүлгэтэ онорбут үтүөлээх. Үлэлиир кэммэр кулууп үлэтигэр көмөлөспүт бары табаарыстарбар, аҕа саастаах дьоммор итии-истиҥ махталбын этэбин.

Барытыгар дьолу-соргуну, ситиһиини баҕарабын.

Мария Саввична ВАСИЛЬЕВА.

КЭНЭҔЭСКИ ЫЧЧАТТАРГА ОЛУК УУРУЛУННА

Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр, 1968 сыллаахха ахсынньы ыйга, Маҥаас нэһилиэгэр биһиги нэһилиэкпит дьоно күрэхтэһэ баран иһэн трактордара алдьаммыт, онтон массыынанан барбыттар үһү диэн сураҕы интернакка сылдьан истибитим. Онтон ыла сыл аайы көрсүһүү өссө тыҥааһыннаахтык салҕанан барбыта. Мин орто оскуоланы бүтэрэн, армияҕа сулууспалаан, Дьокуускайга үөрэнэн-үлэлээн баран, 1982 сыллаахха кэлэн отделениеҕа биригэдьиирдии сылдьан, бириэмэ да суоҕунан, Маҥаас көрсүһүүтүгэр улаханнык сылдьыбатаҕым. Арай биирдэ эмэ концертка кыттааччыбын. Онтон 1987 сыллаахтан ыла сельсовекка секретарынан үлэлиэхпиттэн ыла күн бүгүнүгэр диэри, 21 сыл устата, Маҥаас-Тылгыны доҕордоһуу көрсүһүүтүн тэрийиитигэр, художественнай самодеятельноска төһө кыайарбынан кыттан кэллим, нэһилиэктэр дођордоһуулара өссө сайдарыгар элбэх үлэни ыытарга көмөлөстүм. Мин сельсовекка секретарынан, дьаһалтаҕа специалиһынан, дьаһалта баһылыгын солбуйааччынан улэлээн кэлбит кэммэр элбэх нэһилиэк председателлэрэ, дьаһалта баһылыктара үлэлээн кэллилэр. Ол устата нэһилиэктэр доҕордоһуу сыһыаннара салгыы сайдарыгар элбэх үлэни ыытан кэллилэр. Ол курдук сельсовет председателлэрэ Петров Александр Васильевич, Степанов Петр Егорович, Петров Гаврил Гаврильевич (кэлин дьаһалта баһылыга), дьаһалта баһылыга Иванов Егор Афанасьевич үлэлээбит сылларыгар көрсүһүү тэрээһин үлэтигэр үлэлэһэн кэллим. Нэһилиэк салалтата көрсүһүүлэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллалларын туһугар элбэхтик сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Бэйэлэрэ дьону көҕүлээн спортивнай да оонньууларга, концертарга да кыттан кэлбиттэрэ. Көрсүһүүлэр биир сыл Маҥааска, онтон иккис сыла Тылгыны нэһилиэгэр ыытыллар буолан көрсүһүү күнэ кэтэһиилээх улахан бырааһынньык күнүнэн буолар. Ордук биһиги нэһилиэккэ Маҥаас ыччаттара кэлэллэрэ улахан кэтэһиини таһаарара. Кэлэр күннэригэр билэр дьоно суох дьонно түһэр сири булууттан көрсүһүү саҕаланара. Спортивнай оонньуулар ордук тыҥааһыннаахтык, тэрээһиннээхтик ыытыллаллара. Спортивнай оонньуу тэрээһинигэр үлэлээбит дьонтон, ордук элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ, тэрийсибитэ спорт ветерана Кириллов Степан Христофорович. Кини тыла ыйааһыннаах буолара, саамай убаастыыр киһибит этэ. Судьуйалаһан, бэйэтэ тустан атыттарга холобур буолара.

Бэйэтэ баянист, мелодист буолан художественнай самодеятельность активнай кыттыылааҕа этэ. Бачча уһун кэм устата доҕордуу көрсүспүт нэһилиэктэр республикаҕа суохтар. Доҕордуу көрсүһүү саамай учугэй түмүгүнэн, элбэх ыччат бэйэ-бэйэлэрин билсэн, таптаһан, ыал буолан кэнэҕэски ыччаттарбытыгар олук уурулунна, нэһилиэктэр үйэлэргэ быстыспат сибээстэрэ бөҕөргөөтө. Доҕордуу көрсүһүүнү аан бастаан тэрийбит Маҥаас уонна Тылгыны эдэр ыччаттарыгар маннык үгүс бачыымы олохтообуттарыгар махталбыт муҥура суох.

Иван Иннокентьевич ТИМОФЕЕВ,

“Тылгыны нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллиитин

баһылыгын солбуйааччы,

“Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера

АХТЫЫ

      1968 сыллаахха 1 Күүлэт оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, оччтооҕуга «Оскуола-про-изводство-үрдүк үөрэх” диэн комсомол ыҥырыытынан төрөөбүт нэһилиэкпитигэр үлэ-лии кэлбиппит. Мин «Майкаах» Ферматыгар ыччат сүөһүнү көрүүгэ үлэлээбитим.

    Комсомольскай тэрилтэ секретарынан Аскалон Емельянович Герасимов үлэлиирэ. Нэдиэлэ аайы политзанятиелар, комсомольскай мунньахтар буолаллара. Ол дьыл ахсынныыга табаарыстыы көрсүһүүгэ, ыаллыы Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр Маҥааска барбыппыт. Айаммыт сүрдээх эрэйдээх этэ, тракторынан хаарга батылла-батылла, сорох сирин сатыы бара-бара, тоҥон-хатан тиийбиппит, нэһилиэк олохтоохторо сүрдээх истиҥник үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ. Ити сылтан хардарыта табаарыстыы көрсүһүүлэр сылын аайы саҕаланан барбыттара, сүрүннээн концерт көрдөрүүтэ уонна спортка күрэхтэһии сүрдээх көхтөөх буолаллара. Мин концертка кыттарым.

Үөрэхпин 1976 сыллаахха бүтэрэн кэлбитим, бу көрсүһүүлэр син-биир салҕанан бара тураллара. Онно эмиэ сыл көтө-көтө бара турарбыт. Ол кэмнэргэ кулууп сэбиэдиссэйинэн биһиги үөлээннээхпит Мария Егоровна Иванова, уус-уран салайааччынан Анастасия Петровна Гаврильева үлэлээбиттэрэ. Бу кыргыттар иккиэн

ураты үлэлэригэр бэриниилээх, талааннаах этилэр. Мария Егоровна наһаа үчүгэйдик ыллыыра, Анастасия Петровна үҥкүүгэ үөрэтэрэ, кини үөрэппит оҕолоро билиҥҥэ дылы үнкүүгэ оҕолору уһуйа үөрэтэ сылдьаллар, республикађа, улууска элбэх үрдүк ситиһиилэрдээхтэр.

Мария Егоровна ыччаты түмэ тардар, салайар талааннааҕа, үтүө майгылаах, амарах дууһалаах салайааччы этэ.

Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэрин табаарыстыы көрсүһүүлэрэ бу икки нэһилиэк спортка, культураларын сайдыытыгар улахан оруоллаах.

Варвара Егоровна ИВАНОВА,

                                                                                                                Тылгыны, 2008 сыл.

АХТЫЫ

Герасим МАТВЕЕВ,

сцена ветерана.

Тылгыны-Маҥаас доҕордоһуу көрсүһүүлэрин дьон-сэргэ куруук өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран көрсөллөр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтииллэр. Төһөлөөх киһи эдэр сааһа, хатыламмат түгэннэрэ, араас талааннаах дьон аалсыһан ааспыттара буолуой.

Кинилэр истэригэр нэһилиэккэ, улууска, ону тэҥэ республикађа киэҥник биллэр ырыаны айааччылар, мелодистар ураты миэстэни ылаллар.

Күн-дьыл ааһара түргэнин. Биһиги көлүөнэ дьоно, ол ааспыт кэмнэри олус чугастык, истинник ахтан-санаан ааһабыт, оонньоон-көрүлээн, ыллаан-туойан ааспыт кэрэ-бэлиэ түгэннэрбитин. Биһиэхэ бааллара араас көрүдьүөстээх айаннар, концерт кэмигэр сыанаҕа тахсарга ыксаллаах мүнүүтэлэр, көһүппэтэх өттүгүттэн арааһынай дьээбэлэр-хооболор.

،،Биирдэ, эмиэ буоларын курдук, Маҥааска гастроллуу барыы буолла. Күн аайы бэлэмнэнии сүпсүргэнэ, тэринии бөҕөтө. Бүтэһиккэ “генеральнай” бэлэмнэнии кэнниттэн совхоз парткома Потапов Конон Егорович “айаҥҥа сэрэхтээх буолуу” туһунан инструктаж аахта, кыргыттар чараастык таҥныман, бараргытыгар бэйэбинэн тутан-хабан бэрэбиэркэлиэм диэн күлүү-салыы буолла. Сарсыныгар “Беларусь” тракторга прицеп холбонон тулууптары тэлгэнэн, саптан айаннааһын буолла. Сир ортолоон иһэн, тохтобул кэнниттэн биир киһи: “Бу ким атаҕай?», — диэн айман да айман буолла, арай ким да саҥарбат, бары тулууптарын иһигэр киирэн баран оннуларын булан ким да хамсыан баҕарбат. Истэ сатаан баран Павел Павлович: “Ээ, доҕор, ким да атаҕа буолбатах буоллаҕына личнэй атах буолуо, ылан бырађан кэбис”, — диэтэ. Онуоха, өс киирбэх ыксаабыт киһи саҥата: “Миэнэ, миэнэ”, – диэтэ, кырдьык ылан бырабан кээһиэхтэрэ диэбит курдук. Дьэ күлүү бөҕөтө ньиргийэ түстэ… Концерт бүтэһик нүөмэринэн “Акаары Мааса» сценка буола турар, арай өйдөөн истибиппит акаары Мааса оруолун толорор кыыспыт хара саһыл тыһа саҕынньахпын” диирин оннугар «кутуйах тыһа саҕынньахпын” дии турар эбит. Биһиги ону истээт сыана кэннигэр күлэн тоҕо бардыбыт, онно да Павел Павлович саҥата суох хаалбата: «Элбэх да кутуйах тыһа барбыт, доҕоор», — диэтэ. Дьээбэни истээт өссө тэптэн күллүбүт. Итинтэн да атын көрүдьүөстэри, дьээбэлээх үгэни-хоһоону көҕүлүттэн тутан сылдьарбыт.

 Тылгыны нэһилиэгин эдэр ыччата урут да, билигин да бу “Доҕордуу көрсүһүүнү” үрдүк тэрээһиннээхтик ыыталлар.

Инникитин да дьонун-сэргэтин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит «Доҕордоһуу түһүлгэтэ” салгыы үүнэ-сайда туруохтун.

Варвара Иннокентьевна ИВАНОВА,

Тылгыны нэһилиэгин олохтооҕо.

АХТЫЫ

Мин көрсүһүүлэргэ 1975 сылтан орто оскуоланы бүтэрээт ыанньыксыттыыр кэммиттэн саҕалаан сылдьыбытым. Наһаа кэтэһиилээх, долгутуулаах буолааччы. Фермаҕа үлэлии сылдьан киэһээ аайы бары мустан регистрацияланааччыбыт. Эдэр ыччаттарга барар саҕана кими көҥүллүүр көҥүллээбэт сыымайдааһын бөҕө буолааччы. Партком, рабочком, Сэбиэт холбоһуктаах боппуруос буолааччы. Спортивнай өттүгэр уонна концертка кыттыы туһунан.

Биһиги көлүөнэни Иванова Мария Егоровна уонна Гаврильева Анастасия Петровна, Борисов Павел Павлович буоланнар иилээн-саҕалаан сылдьыбыттара.

Спортка Кириллов Степан биир күүстээх тэрийээччинэн биллэр. Ырыа аргыстаах Иннокентьева Анна уонна да киһи киэн туттар ыччаттара элбэхтэр. Анастасия Петровна элбэх састааптаах сыалай улахан үҥкүүлэри туруорбута, Мария Егоровна күүстээх хору, «Лоокуут уонна Ньургуһун» курдук сценканы туруорбута. Ити туруорууга Валентина уонна Василий Тутукаровтар кылаабынай оруолга оонньообуттара күн бүгүҥҥэ диэри уостан түспэт. Биһиги бастаан сыарҕалаах таркторынан, онтон грузовой массыынанан, онтон кэлин автобуһунан айаннаабыппыт.

Манаас нэһилиэгэр мэлдьи күүтүүлээх ыалдьыт буолан тиийэрбит. Сайаҕас дьоно-

сэргэтэ кэтэһэн туран ыал аайы үллэстэн үөрүү-көтүү бөҕө буолааччы. Дьэ, онтон

саҕаланар бары да кэтэспит түгэммит спортивнай оонньууга тустуу саамай көхтөөх

дьону тардар көрүн, онтон остуол оонньуута, түүҥҥү өттүгэр үҥкүү-битии буолааччы.

Маҥаас нэһилиэгэр Иван Елисеевич, Егор Егорович, Тылгыныттан Конон Егорович, Павел Павлович икки нэһилиэк көрсүһүүтүн сүрүннээччилэринэн билэбит.

Мин концертка бастаан үҥкүүгэ кыттыбытым, көрдөөх да түгэннэр буолааччылар. Ити бастакы сылбар бэйэм да кыра унуохтаах киһини, оскуола оҕотун аҕала сылдьаҕыт диэн баал түһэрэ сыспыттара, улахан дакаастабыл кэннэ баалбытын туруорбуттара. Николаева Тамаралыын дуэттааччыбыт. Сценкаларга кыттааччыбын, дуобат уонна саахымат оонньооччубун.

Оһуохайга тиэтэйэн Паскочина Татьяналыын (хас да сыл шашкаҕа оонньоон бэйэ-бэйэбитин билсиһэн) сүбэлэһэн баран тэҥнэһэн үнкүүлүү барааччыбыт.

Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрэ эдэр ыччаттары иитиигэ биир сүрүн улахан үлэни ыыталлар. Араас көлүөнэ дьонноро билсиһэн ыал буолан олороллор.

Ити курдук эдэр ыччакка элбэх да үлэ ыытыллар эбит. Бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыан, үлэни таптыырга, эппиэтинэскэ, өй-санаа өттүгэр, спортка.

Түгэнинэн туһанан бииргэ улааппыт, үлэлээбит уонна миигин билэр дьоннорбун үбүлүөйүнэн эбэрдэлиибин. Доруобай уонна дьоллоох буолун.

Инникитин да Тылгыны уонна Маҥаас бэйэ-бэйэлэригэр ситэрсэн биэрэн эдэр да, эмэн да дьоннорго инникигэ эрэллээх санааны иитиэхтии турдуннар диэн алгыыбын.

Агафия Федоровна МАКСИМОВА-ДОЛГУНОВА.

ТЫЛГЫНЫ-МАНААС 40 СЫЛА

Икки ыаллыы сытар Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин ыччатын культурнай-спортивнай доҕордуу көрсүһүүлэрэ 40 сыла туолла.

Бу икки нэһилиэк былыр-былыргыттан ыкса сибээстээхтэр. Нэһилиэктэр ыччаттара саас ыһыахтарга, кыһын муҥхаҕа сылдьаннар билсэннэр ыал буолаллар. Мин аҕам ийэбин Тылгыныттан сүгүннэрэн аҕалбыта. Ол курдук Тылгынылар эмиэ илдьэ бараллар эбит. Оттон бу табаарыстыы көрсүһүү 40 сылын устата төһөлөөх эдэр ыччат ыал буолбутун ааҕан сиппэккин.

1968 сыллаахха ахсынныы ыйга Тылгынылар кэлэр буоланнар тэрээһин бөҕө буолбуппут. Ол иннинэ спорт үгүс көрүнэр атын оройуонтан буолуохтааҕар бэйэбит да оройуоммут нэһилиэктэриттэн кэлэ илик буоланнар олус долгутуулаах, үөрүүлээх, кэтэһиилээх этэ.

Күүтүүлээх күммүт тиийэн кэлбитэ да дьоммут суохтар. Ол сађана Чоноро диэн учаастакка телефон баар этэ.

Онтон түүн 12 ч. саҕана звоннаатылар, сатыы кэлбиттэр. Онно Иван Никитич Тимофеев биһикки ГАЗ-63 вездеход бензовоһунан утары баран иһэн алдьанан хааллыбыт. Онон аны мин ДТ-75 тракторынан баран арыаллаан аҕаллым. Дьоммут ГАЗ-51 бортовой массыынанан кэлбиттэр. Дьэ, бу трактор да сылдьыбатах сиригэр

кэлэр баҕаттан туһугар эмиэ хорсун быһыы. Суоппар Борисов Аким Васильевич эбит, билигин биллэххэ. Оччолорго отуттаах уол.

Инньэ гынан түүн 2 чаастан дьоммутун көрсөн хонук сирдэрин булларан үөрэн-көтөн сарсыныттан күрэхтэһэн, киэһэ ыалдьыттарбыт туох да дьоһуннаах концерды көрдөрдүлэр. Дьэ, төһө да ааспытын иһин сүрдээх концерт этэ. Мин ол сыл оскуоланы бүтэрбит сылым этэ. Онон улахан дьон концердын бастакы да көрүүм буолуо. Дьон талаанын сөҕө көрбүппүн өйдүүбүн. Ордук Гаврильев Николай  Ивановићы уонна Борисов Павел Павловиһы, Потапов Конан Егорович этэн-тыынан, ыллаан-туойан сүрдээх дьон этилэр.

Күрэхтэһиигэ Тылгынылартан оройуоҥҥа, республикаҕа биллэр спортсменнар Степанов Николай Прокопьевич, Матвеев Гаврил Васильевич, Мунхасытов Сэмэн өйбөр хаалбыттар. Бөдөҥнөрө-садаҥнара сүрдээх дьон этилэр. Онтон сыл аайы кэтэһиилээх көрсүһүүгэ кубулуйбута. Сылын аайы икки нэһилиэктэн спортсменнар үүнэн-сайдан барбыттара. Тустууга Тылгыныттан Мосов Коля, Кириллов Степа, Сэмэн Мунхасынов, Гаврил Матвеев, Герасим Васильев, Иван Матвеев, Герасим Кононов о.д.а.

Маҥаастан Илларион Илларионов, Данил Петров, Егор Васильев, Иннокентий Филиппов, Павел Васильев, Иннокентий, Алексей Васильевтар, Николай Григорьев, Владимир Дмитриев, Иван Николаев о.д.а.

Атах оонньуутугар Василий Мосов, Василий Трофимов, Иннокентий, Алексей Васильевтар, Егор Васильев, Гаврил Петров, Захар Петров о.д.а. инники сылдьаллара. Уопсайынан спорт өттүгэр үксүн Маҥаастар кыайбыппыт. Оччолорго бу көрсүһүү арaaha, мин өйдүүрбүнэн, республикаҕа бастакы саҕалааһын да буолуо дии саныыбын. Бу икки улууска чуолкай бастакы хамсааһын этэ. Оччотоҕуга “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” девиз баар этэ. Онон тыа сиригэр ыччат саҥа тохтоон эрэр кэмэ этэ. Онон ыччаттар наһаа активнай, түмсүүлээх, иллээх-эйэлээх этибит. Сылтан сыл бу көрсүһүүнү кэтэһэн  аҕай биэрэр этибит.

Ол 40 сыллаах үбүлүөйүн быйыл атаарабыт. Кэнэҕэһин да ыччаттарбыт бу көрсүһүүнү салгыахтара диэн эрэнэн туран маннык үтүө үгэһи саҕалааччыларга кыттыгастаахпынан киэн туттабын.

Маҥаас, Тылгыны нэһилиэктэр бары олохтоохторугар уһун дьоллоох олоҕу, быстыспат сибээһи баҕарабын.

                                                                            Иннокентий Николаевич Филиппов.

1968 сыллаахха Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү оройуоннарын сэргэстэһэ сытар икки нэһилиэгин Маҥаас уонна Тылгыны икки ыккардыларыгар доҕордоһуу түһүлгэ тэриллибитэ домнуо 40 сыл буолла.

Дьыл-күн ааһан истэҕин аайы сорох түгэннэр умнулла быһыытыйан, сүтэн-өһөн, уларыйан барар үгэстээхтэр эбит. Ол эрэн сүүс киһи өйүгэр хатанан хаалбыт чахчылар хаһан эрэ тахсан кэлэн сааһыланан орун-оннун булан киһи барахсан  олорон ааспыт кэрчик кэмнэрин дьиҥнээҕэ ыччакка кэпсээн буолан кэрэһэлэниэ, аҕа көлүөнэ олорон ааспыт олохторун суола арыллан кэнчээри ыччат үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһар баҕата салҕанан бара туруо диэн эрэнэбин.

Бу көрсүһүүлэр тустарынан Иванов Иван Елисеевич сүүрэн-көтөн кутукунайан таһаартарбыт кинигэлэригэр уонна буклеттарыгар кыра алҕастар, чуолкайа суох түгэннэр баалларыттан хомойо санаатым. Онно бэйэм да буруйдаах курдук сананабын. Миигин кытта бииргэ тэрийсэн уонна элбэхтик үлэлэрин кэннэ түүнү быһа бэлэмнэнэн плакат бөҕөнү суруйан, сорохтор эрчиллэн элэстэммит доҕотторбутун, үөлээннээхтэрбитин кыайан ахтыыларга киллэрбэккэ хаалбыппыттан.

1968 сыл күһүнүгэр Манаас 8-с кылаастаах оскуолатыгар пионер баһаатайынан уонна интернат сэбиэдиссэйэ диэн дуоһунастанан тиийбитим. Директорынан Ан Василий Иванович, завуһунан Николаева Федора Дмитриевна этилэр. Онтон партийнай тэрилтэ секретарынан Акимов Петр Акимович — почта начальнига, Сельсовет председателинэн Семенов Егор Николаевич. Нэһилиэк ортотугар агитационнай-маассабай үлэ бу үс киһинэн сүрүннэнэрэ. Онтон управляющайынан Васильев Василий Васильевич ыччаттар уонна комсомолецтар үлэлэрин өрүү транспорынан да, тылынан-өһүнэн, үлэһиттэри солбуйтаран да өрүү өйүүрэ.

Мин ити күһүн дьиҥнээхтик партия чилиэнэ буолбутум. Онно оскуола уонна нэһилиэк бастакы сүһүөх партийнай тэрилтэтэ биир буолбута. Мунньахха миигин бастакы партийнай сорудах быһыытынан нэһилиэк бастакы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин секретарыанан анаабыттара.

Бииргэ үлэлиир дьүөгэбин Саввинова Людмила Никитичнаны кытта комитет диэни активнай комсомолецтартан талынан үлэбитин саҕалаабыппыт. Комитет маннык састааптаађа:

— Гаврильева Елизавета Дмитриевна — 1 секретарь;

-Саввинова Людмила Никитична — 2 секретарь;

-Филиппов Иннокентий Николаевич — спортивнай сектор;

-Васильева Мария Саввична — культурнай сектор;

-Федотова Варвара Тимофеевна — Чоноро кулуубун культурнай-маассабай сектора;

-Егорова Христина Ефремовна Чонороҕо медсестра уонна казначей;

-Львова Мария Васильевна — производственнай сектор.

Комсомольскай тэрилтэҕэ барыта 18 комсомолец учуокка баара. Бырааһынньыктар аайы концертар, сороҕор күрэхтэһиилэр тэриллэн ыытыллаллара. Ордук тустууга, остуол тенниһигэр, онтон дуобакка, саахымакка сөбүлээн өрө күүрэн туран оонньууллара: Афанасьев Василий Алексеевич, Петр Акимович, кэлин армияттан кэлэн Михайлов Давид, Дмитриев Михаил, мин, Константинова Екатерина, Дмитрий Игнатьевич.

Биһиги үлэбитигэр мустар кииммит кулууп буолара. Бу кулуупка радиоузел, отделение правлениета, библиотека библиотекара Алексеева Мария Ивановна, кулууп заведующайа буолан үлэлииллэрэ. Онон сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы аһаҕас уонна өрүүтүн элбэх киһи тоҕуоруhар буолара.

Аны хас улахан мунньахтар, бырааһынньыктар аайы плакат бөҕө суруллара, кулуубу киэргэтиигэ Иван Елисеевића суох кыаллыбата, концертары тэрийиигэ Мария Саввична, Мария Ивановна, музыканан, араас көрүдьүөс инсценировкаларга Васильев Николай Евсеевич, Иван Еличеевич, Петрова Мария Петровна уо.д.а. Хайа уонна ыал ийэлэриттэн Күрээдисибэ Варвара, Алексеева Ольга Романовна о.д.а.

Ахсынньы 18 күнүгэр Тылгыны ыччаттара күрэхтэһэ уонна концертыы кэлэр буолбуттар ону көрсөргө бэлэмнэниҥ диэн Ан Василий Иванович миэхэ эттэ. Сонно мунньах тэрийэн кими ханна түһэрэри, ханнык көрүҥҥэ кимнээх кытталларын билэн аттаран туруорууга Филиппов И.Н., Максимов Н.И., Трофимов В.Е. сорудах бэрилиннэ.

Плакат суруллан, түһэр миэстэлэри булан, ох курдук оностон баран киэһэни быһа кэтэһии буолла…

Дьэ, ити курдук урут Прокопий Иванович уонна Иван Елисеевич ахтыбыттарын курдук Тылгынылар Маҥааска аан бастаан доҕордуу көрсүһүүгэ диэн кэлбиттэрэ. Бу көрсүһүүгэ теннискэ, тустууга, остуол оонньуутугар күрэхтэспиттэрэ. Манна дьиэлээхтэр кыайыылаах хаалбыттара.

1969 сыл сааһыгар муус чарааһаан турдаҕына Маҥаастар Тылгыныга барар уочараттара тиийэн кэлэр. Хаһан да «Беларусь» тракторбыт прицебыгар тиэлиннибит да 30 киһи айаннаатыбыт. Ырыа-тойук бары да эдэр дьон туохтан да толлор суох. Арай Түҥҥэ чугаһаан иһэн тракторбыт умуллан хаалла. Чаас аҥаара муҥнана сатаатылар, аккумулятора олорбут диэн буолла. Уолаттарбыт тугунан эрэ состоруохха дииллэр. Бачча кэлэн баран төннөр сатаммат ыраах да, сатыы Тылгыныга барыахха диэтэххэ эмиэ ыраах. Ким эрэ оонньоон соһуохха сөп диэтэ. Кырдьык да соһуоххайын дэһэ түстүбүт. Чугас субай сүөһүнү аһатар ферма баар эбит. Ким эрэ онно баран быа аҕаллылар. Николай Николаевич отой итэҕэйбэт. Ама баччалаах тракторы киһи хайдах сыҕарытыай диэн айман да айман.

Сорох соһооччулар күүстээх дьоннорбут Иванов Егор Максимович, Николай Николаевич, Алексей Григорьев, Илларион хас да эрчим дьоннор cohop буоллулар, уоннааҕылар ойоҕоһуттан, кэнниттэн уонна сыыртан сүүрдэн кырдьык да эһиннэ. Оо, онно үөрбүппүтүөн. Николай Николаевич: “Дьэ, буолар да эбиппит! Атын дьон кэпсээбиттэрэ буоллар отой кырдьыктаныах суох этим”, – диэн суолу быһа сөхтө-махтайда. Аны өрүспүтүн сатыы туоруур дьон буоллубут, иккилии-биирдии буолан сыкыраһыы, тракторбытын ханан эрэ синньиир сирин билэннэр онон туораттылар.

Ити курдук мүччүргэннээх айаннаах Тылгыныны булан 2 күн устатыгар күрэхтэһэн уонна концертаан, көрдөөхтүк араас оонньуулары оройуттан тутан кыайыы көтөллөнөн кэлбиппит.

Маннык көрсүһүүлэри сыл аайы тэрийэргэ дуогабар түһэрсиллибитэ. Ол саҕана көрсүһүүлэри, күрэхтэһиилэр түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитиинэн дьарыктанар дьон аҕыйаҕынан үйэтитии мөлтөҕө. Биһиги өттүбүтүттэн дьарыктанааччыларынан Николай, Прокопий Максимовтар, Василий Трофимов, Иннокентий Филиппов этилэр.

Нэһилиэк дьоно, ыччаттара, комсомолецтара бары сүрдээхтик өрө көтөҕүллэн туран кытталлара. Ол курдук араас үлэлэргэ активнайдык кыттар атас-доҕор дьоннорбутун ахтыбат буоларым сатаммат. Тимофеев Иван Никитич — кини водовозката өрүү бэлэм этэ. Васильев Василий Кириллович — өрүү активнай кыттааччы, Михаил Львович – тэрээһин боппуруостарга саната-иҥэтэ суох толорбута эрэ баар буолар, Попов Николай баар-суох сүүрэр-көтөр уолчааммыт уонна да атыттар.

Художественнай самодеятельноска музыканнарга Николай Евсеевич Васильев, Коля Борисов солбуллубат музыканнар. Чуор, ыраас куоластаах хору таһаарааччынан Христина Прокопьева, ырыаһыттар Мария Васильева, Мария, Ольга Алексеевалар, Люда Саввинова, Варвара Федотова, Василий Трофимов, Николай Максимов, Варвара Курядисова уо.д.а. Үнкүүнү мин туруорааччыбын: энергичнэй молдавскай, нуучча народнай, казахскай, сахалыы үнкүүлэри туруоран дьон биһирэбилин ылааччыбыт.

Көрдөөх сценкаларга эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары кытталлара. Ордук активнайдарынан Ким Дяриков, Мария Ивановна, Иван Елисеевич, Николай Николаевич, Николай Максимов, Егор Максимович буолаллара.

1969 сыллаахтан Сидорова Татьяна Спиридоновна кэлэн, үөрэхтээх музыканнанан, художественнай самодеятельность өссө күүһүрбүтэ.

Дьэ, ити курдук икки тус-туһунан улуус икки нэһилиэктэрин ыккардыларынааҕы доҕордуу сибээс муостата ууруллубут кэмин санаан-ахтан аастахха итинник. Урут ахтыы биэрбит доҕотторбут ахтан ааспыттарын хатылыыры наадалааҕынан аахпатым. Ол кэмнээҕи комсомолецтар, ыччаттар баҕаларын олоххо киллэриигэ көмө-тирэх буолбут чахчы патриотическай санаалаах аҕа табаарыстарбытыгар, салайааччыларбытыгар Ан Василий Ивановичка, Егор Николаевич Семеновка, управляющай Васильев Василий Васильевичка улахан махталлаах этибит.

Оччотооҕу ыччаттар үтүө баҕа санаалара сыл-хонук саппакка симэлийэн сүтэн хаалбатаҕар, доҕордуу эстафета салҕанан, өссө бөҕөргүү, элбэх саҥа ыаллар, уруулар үөскүү туралларыгар акылаат буолбутугар Иван Елисеевич Иванов өнөтө улахан дии саныыбын.

Инникитин Маҥаас уонна Тылгыны ыччаттара бу улахан суолталаах доҕордоһууну өссө да салгыы туралларыгар баҕарабын. Бу доҕордоһуу түмүгүн туһунан кэлэр көлүөнэ сайдыытын үйэтитии туһунан кинигэ таһааралларыгар баҕарыах этим. Бары дьоллоох-саргылаах буолуҥ!

Дом!

. Елизавета Дмитриева ГАВРИЛЬЕВА,

1968 сыллаабы Манаас комсомольскай тэрилтэтин секретара,

CP үөрэҕириитин туйгуна, үрдүкү категориялаах Далыр

оскуолатын учуутала

                                     СПОРТАН ҮҮНЭН-САЙДАН ТАХСЫБЫТТАРА

МАҤААСТАН ТАХСЫБЫТ СПОРТ МААСТАРДАРА

УОННА КАНДИДАТТАР

Прокопьев Захар Степанович — самбо5а спорт маастара

Алексеев Трофим Данилович — саахымакка маастарга кандидат

Васильев Василий Кириллович — гиирэ спордугар маастарга кандидат

Григорьев Николай Титович — көҥүл тустуута Саха сирин спордун маастара

Дмитриев Владимир Николаевич — көҥүл тустууга Саха сирин спордун маастара

Николаев Иван Николаевич – самбо5а, көҥүл тустууга, хапса5айга маастарга кандидат

Трофимов Василий Егорович — спорт национальной көрүҥнэригэр СР маастарга кандидата

Васильев Павел Павлович — көҥүл тустууга маастарга кандидат

Мандаров Константин Иванович — маастарга кандидат 1975с.

Васильев Владимир Павлович — көҥүл тустууга маастарга кандидат

Саввинов Семен Степанович — көҥүл тустууга Саха сирин спордун маастара

Васильев Егор Егорович — спорт национальнай көрүҥнэригэр СР маастарга кандидата.

Тыа сиригэр спорду сайыннарыыга өр сылларга пропагандалаабытын уонна тэрийсибитин иһин 1990 с. РСФСР спордун ветеранын үрдүк аатын ылбыта Иван Елисеевич Иванов.

Тылгыны-Маҥаас нэһилиэктэрин көрсүһүүлэрин 25 сыллаах юбилейа

от admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *