Яковлев Прокопий Андреевич
Кураан буолан сир хатан хаалар, онон от үүммэт. Сүөһүнү иитэргэ улахан кыһалҕа тирээбитэ. Талаҕы, хатыҥы быһан сиэтэллэр. Дьон хоргуйан кыайан турбат буолтара.
Нэһилиэк сэбиэтэ Баһылайап Байбал бэйэтинэн сылдьан мууска xaһыҥ сиэбит бурдугун сыстаран, дууһа быһыытынан күҥҥэ бэрт кыра сыыкыны биэрэн тыын укпута. Саас дьон үксэ хоргуйан сүөһүлэрин сиэн бүтэрбиттэрэ. Дьон хоргуйан өлүтэлээн барбыта. Байбал колхоз председателигэр Кирилл Саввиновка соруйбута: «Инникитин хоргуйан өлүү таҕыстаҕына, байыаннай сокуонунан эппиэттиэҥ. Дьону сыыкы бурдугунан хааччый!» – диэн. Саас байыаннай фонд бурдугун көҥүллэтэн дьоҥҥо түҥэтэн быыһаабыта.
Васильев Максим Павлович
Кумааҕы суох буолан кинигэ, хаһыат суругун быыһыгар суруйар этибит. Чэрэниилэ суох буолан, cүөһү хааныгар oһox курунньугун булкуйан суруйа сылдьыбыттаахпыт. «Саҥа олох» колхозтан Бэттиэмэттэн, «Сталин» колхозтан Чоҥороттон күн аайы уунан сылдьан үөрэнэр этилэр. Бэттиэмэттэн Саввинов Иннокентий, Семенов Василий ким да иннигэр наґаа эрдэ оскуола остуораһын уһугуннартыы кэлэллэрин сөҕөр этибит. Элбэх оҕо Тимирдьиинтэн сылдьаллара: Михайлов Михаил, Петрова Варвара, Алексеев Петр уо.д.а. Сэрии бүтэһик сылларыгар быһыылааҕа, Харбаалаҕа интернат арыйбыттара. Онно Иванов Степан, Попов Николай, Ханды Никифор, Дмитриев Дмитрий уо.д.а. оҕолор олорбуттара.
Сэрии, аччык, сут сыллара этилэр. Оскуолаҕа Николаев Романнаах биир хоско олорон остуорастаабыттара. Бу барахсаттар хам аччык сылдьан оһоҕу үчүгэйдик оттоллор быһыылаах эбит, тоҥмуппун, титирээбиппин өйдөөбөппүн. Уһун переменаҕа итии аһылык диэн ааттаан хааһы сиэтэр этилэр. Бу уһулуччулаах дьаһал эбит. Өлүү-сүтүү, хоргуйуу кэмигэр бэл биґиги курдук кытыы сир кыра оскуолатыгар тиийэ итии аһылык тэриллибитэ.
Саас буолла да маассабай ыһыыга түүннэри оҕус сиэтэр этибит.
Сайын күн аайы хортуоппуйга уу кутан, сыыс отун ыраастаан бокуойа суох буоларбыт.
От үлэтэ саҕаланна да, от мунньан, онтон кэбиһиигэ оҕус сиэтэн, ыкса күһүн буолуор диэри үлэлиирбит. Оскуолабыт от кэбиһиитэ бүппүтүн кэннэ хойутаан аһыллааччы.
Ол саҕана кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ бука бары кыайыы туһугар диэн тугу да, кими да харыстаабакка түүннэри-күннэри күргүөмнээх үлэ буолара.
Кыһын байыаннай дьыалаҕа үөрэтэллэрэ. Оҕо барыта мас саалаах, эргиттэххэ чачыгыраан тыаһыыр пулеметтаах, полевой суумкалаах буоларбыт. Хаарга окопа хастараллара, хаар аннынан сыыллараллара, атаакаҕа киллэрэллэрэ. Улахан дьоҥҥо эмиэ оннук үөрэх баара.
Прокопьева Варвара Кирилловна
Мин оскуолаҕа сэрии иннинэ киирбитим. Үөрэппит учууталларым: Николаева Анастасия Николаевна, Николаев Олимпий Николаевич, Прокопьев Прокопий Степанович, Васильева Мария Петровна, Соргоев Кирилл Николаевич, Федотов Петр Герасимович этилэр.
Бииргэ үөрэммит оҕолорбун сорохторун умнубуппун.
Алексеев Григорий Саввич, Васильева Екатерина Трофимовна, Тимофеева Варвара Игнатьевна (Кыраһа), Михайлова Варвара Федоровна, Егорова Екатерина Евсеевна, Иванова Мария Трофимовна, Иванов Василий Евгеньевич (Тиэрэ Бууска). Тэтэрээти, харандааһы, кинигэни оскуола биэрээччи. Атыыламмат этэ. Хас да оҕоҕо биир кинигэ. Ону уларса сылдьан ааҕаҕын. Бастаан куорсунунан суруйарбыт, онтон бөрүөнэн. Чэрэниилэтин сибэчискэй харандааһы кыһан, ууга суурайан оҥосторбут. Сэрии буолбутугар олох ыараабыта. Маҕаһыынтан аһы-таҥаһы ылбаккын. Таҥас эргэрэн, алдьанан бүппүтэ. Кураан буолан ас суох буолта. Уруок кэннэ чугас сиргэ муҥхаҕа киирэрбит, сороҕор ыраах да сиргэ биирдэ эмит үөрэммэккэ муҥхаҕа барарбыт. Үөрэнэр тэрил эстибитэ.
Ол-бу хаһыакка, эргэ кумааҕыларга суруйарбыт. Үлэ баһаам этэ. Саас бүтэй
сабыыта, хоруу ыраастааһына. Сири бастаан оҕуһунан мас суханан (быһаҕа тимир) алдьаталлара.
Кэнники тимир булуук, 2 тимир көлөһөлөөх. Бурдук ыһыытыгар боруонньалааһыҥҥаа сылдьарым, сөбүлүүр үлэм этэ. Сайын бастаан от мунньуутугар, онтон кэлин охсууга, кэбиһиигэ сылдьарым. Онон сэрии кэмигэр оскуола кыргыттара кытта от охсорбут.
Кыайыы туһа диэн тугу да харыстаммакка үлэлиирбит. Аһа, таҥаһа суох буолан оҕо үксэ үөрэҕин бырахпыта. Мин чуут 1944 с. диэри үөрэммитим. Ити кэмҥэ Боотулууга үөрэнэрим. Сэриигэ элбэх киһи өлбүтэ. Кырдьаҕастар ыалдьан өлөллөрө. Биһиги аҕабыт сэрииттэн 1944 с. саас кэлбитэ. Аҕабыт төһө да чөллөөх кэлбитин иһин, сэрии кэминээҕи дьыллар биґигини эмиэ хаарыйбыттара.
1942 с. 3 саастаах быраатым Уйбаан аҕыйах хонук иһигэр ыалдьан өлбүтэ. 1943 с. саас эһэм бииргэ төрөөбүт быраата ыалдьан өлбүтэ. 1944 с. эһэм Хаппытыан уһуннук ыалдьан, колхоз бастыҥ үлэһитэ өлбүтэ. 1945 с. эбэм Маабыра Сытыыга илии ыалдьарыгар ыалдьан өлбүтэ. Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Сэмэн Москваҕа өлбүтэ, Кыайыы аҕай иннигэр. Ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Лааһар сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ. Онон биһиги дьиэ кэргэн сэрии кэмигэр 6 чугас киһибитин сүтэрбиппит. Онон сэриигэ өлбүттээхтэр да наһаа ымсыырбат ыаллара этибит.
Хаарыйтарбатах ыал диэн суоҕа. Улахан араанньылаахтар сэрииттэн кэлээт өлөллөрө. Сэрии бүтэрин эргин оскуолаҕа саҥа киирбиттэртэн биир эмэ оҕо үөрэммитэ буолуо. Биһиги саҕанааҕы оҕолор бары хара үлэһит буолтара.
Билигин аҕыйахпыт ордон сылдьар.
Прокопьева Елена Федоровна
Сэриигэ ыҥырыы 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар саҕаламмыта. Ол сайын орто убайым сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Мин ийэбинээн иккиэйэҕин хаалбыппыт.
Маспын мастаан, сүөһүлэрбин көрөн ийэбин иитэ сатыырым.
Тайыла уонна Томпоох Тайыла күөлгэ куйуурдууллара, онно илии-атах буолан балыктаан дьиэбэр төннөрүм. Сайынын оттуурбут, кыһынын колхозка сүөһү көрүүтүгэр сылдьарбыт. Бурдук үүннэриигэ эрэй бөҕөнү көрөөччүбүт. Ол курдук, мас суханан тартарарбыт. Тостон хаалан сордуура. Сэттэ сууккаҕа бурдук ыстараллара, утуктаан бөҕө буоларбыт. Аны аччыктааһын үрдүгэр нолуок бөҕөтө буолара. 16–17 киилэ эт, 5 киилэ арыы, аны онно харчы булуна сатыырбыт. Тар оҥостон, балык сиэн тыыммытын ордорбут дьоммут. Атын колхозтарга киһи бөҕө хоргуйан өлөллөр үһү, биһиги председателбит Петров Петр үчүгэй толкуйдаах киһи буолан биһигиттэн киһи өлбөтөҕө. Дьэ ол оннугар тиритэ-хорута үлэлээһин. Оройуонтан боломуочунайдар кэлэн ыксаталлара. «Сэрии кэмигэр утуйа сытыаххыт дуо!» – диэннэр олордо да түспэттэрэ. Байыаннай дьыала буолан утарылаһар сатаммата.
Дьахтар үс киһи ирээтин үлэлиэхтээҕэ. Мин от охсуутугар 3 дэкээдэни туппутум. Онно Сталин медалынан наҕараадаламмытым.
Петрова Варвара Даниловна
Сэрии буоларыгар 13 саастааҕым, онон колхоз араас үлэтигэр элбэх көлөһүнүм тохтубута. Бурдук үүннэриитин көрүүтэ-харайыыта, түүнүн хаһыҥтан куоттара сатыырбыт үрдүнэн үлүйэрэ. Кэлин улаатан баран, сылы быһа кыһыҥҥы тымныыттан чаҕыйбакка эрэ, дьону солбуйан Яковлева Даарыйалыын Тураах сыһыытыттан Тимирдьиҥҥэ атынан от тиэйэрбит. Курааҥҥа уот турбутугар үлэбит быыһыгар 10-ча күн, түүнүн утуйбакка нуктаан ыла-ыла, эр дьону кытта тэҥҥэ эмиэ Даарыйалыын уоту умуруорууга сылдьыбыппыт.
Васильев Василий Сергеевич
Аҕам Васильев Сергей Васильевич 3–4 кыра оҕолорун (Сүөдэри, Маарыйаны, Балбаараны, миигин) сайын устата батыһыннара сылдьан от мустарара.
Куоттаран хаалыахпыт диэн, аҕабыт ардахха да өрөтөөччүтэ суох. Ардах бириэмэтигэр уу отун тардан, кураанах хонууга таһааран тарҕатарбыт, хадьымалы кытыылаан ыґан-тарҕатан биэрэн сирбит иэнин көҕүрэтэн улаханнык куоттарбат этибит.
Атырдьах ыйыттан силис сыарҕалаах икки көлүүр оҕуһун биэрэн, аҕыйах киһини эбэн, биһиги хаһаайыстыбаны кээһии хамаандатыгар кубулуталлара.
Кыра эрдэхпинэ, oҕyһy кыайан мииммэт оҕону көтөҕөн оҕус үрдүгэр олордон оҕус сиэттэрэллэр этэ. Арыый улааппытым кэннэ, аҕам от үрдүгэр туруоран, оту түстэтэрэ, бэйэтэ кыдамалыыр этэ. Ардах түһээри ыгылыттаҕына, аҕам, тарбыйах үтүлүгүн быатын бэгэччэгэр иилинэн олорон, бэрт тиэтэлинэн саҥа чэйдээн эрдэхпитинэ туруортуур буолара. От түһүн кыайа-хото оҥорор буолааппын кытта, аны хотуур туттаран от охсуутугар ыытар буолтара. От үлэтин дьүлүскэнигэр ылларбыт оҕонньоттор биһиги оскуолаҕа киирэрбитигэр таҥаспытын сууйтаран, абырахтанан, суунан-тараанан бараргытыгар диэн ааттаан биир эрэ күнү көҥүллүүллэрэ. Оскуолаҕа бардахпытына бэйэлэрэ оҕус сиэтэн отторун кээһэллэр этэ. Ол кыһалҕаттан оннук үлүмнэһэллэр.
Прокопьев Петр Васильевич
1932 с. Маҥаас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. 1939–1940 с. оскуолаҕа киирэн 4 кылааһы Маҥааска бүтэрбитим. Колхозка урукку оҕо уончатын кыайа илигинэ үлэлиир, колхозка кыра эрдэҕиттэн үлэлэһэн, кэлин тутуу үлэһитэ буолан, Маҥааска тутуу бөҕөнү тутуспутум. Ол курдук, учаастактар аайы хотон, уопсай дьиэлэр тутуллубуттар. Харбаалаҕа балыыһа, маҕаһыын, оскуола, уопсай дьиэлэр тутуллубуттар. Сылгыһытынан Павлов Николай Константиновиһы, Дмитриев Максим Анатольевиһы, Томскай Тимофей Васильевиһы, Васильев Василий Васильевиһы уо.д.а. кытта уһуннук үлэлээбитим. 1969 с. Якутскайга суоппардар куурустарыгар 6 ый үөрэнэн суоппар буолтум. Кэлэн Маҥааска суоппардаабытым бортобуойга, бензовозка, водовозкаҕа, уазикка, пенсияҕа тахсыар диэри уһуннук үлэлээбитим. Урут массыына үлэлээбэтэх буолан таһаҕас бөҕө таһыллыбыта, маҕаһыын табаара бөҕө. Отделение уотурбата, араас таһаҕас, бензин, солярка таһыллар этэ. Хас да сыл водовозка үлэлээбитим. Сылы быһа 5–6 хотоҥҥо өссө Боотулуу ферматыгар кытта баһааччыбыт. Суоппар үлэтэ диэн улахан ыарахан үлэ. Кыһыннары-сайыннары биир күн өрөбүлэ суох буолааччы. Пенсияҕа тахсан баран уонча сыл оскуолаҕа охранниктаабытым.
Ити үлэм иһин бэрт элбэх Бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан, Сталин юбилейнай медалынан наҕараадаламмытым. «Боотулуу» совхозка «Чемпион суоппар» аатын ылбытым. Хаста да соҕуруу путевканан сынньанан кэлтим.
19.03.2006 с
Львова Екатерина Павловна
«Сталин» колхозка Чоҥороҕо үлэлээбиппит. Ийэм түүннэри-күнүстэри үлэлээн, сыыстаран тыҥа ыарыытыттан эрдэ суох буолбута. Аҕабытын трудовой фроҥҥа күүстэринэн тутан барбыттара. Ийэбит өлөрүгэр аҕабыт суох этэ.
Онон биһигини эдьиийдэрбит ииппиттэрэ. Сэрии кэмигэр мин 13 саастаах этим. Сэриигэ дьону атааралларыгар быраһаайдаһан ытыылларын өҥөйөн көрө-көрө: «Тоҕо ытыылларый?» – дии саныырбыт. Тугу да билбэт оҕолор буоллахпыт. Оччолорго телевизор, радио диэн суоҕа.
Үлэ арааһынайа буолара: бурдук үүннэриитэ, бурдук дьаһайыыта, оҕуруот aһын көрүүтэ, сүөһү үлэтэ.
Аҕабыт булчут этэ. Ыҥырыллан барбыт үлэтиттэн төннөн кэлэн биһигини иитэлээбитэ. Колхоз оҕолоро буолан кырабытыттан үлэлээн барбыппыт.
Чоҥоро оскуолатыгар үөрэммиппит. Оскуола Харбаалаҕа көспүтүн иһин, Чоҥороттон 8 биэрэстэлээх сири хааман кэлэн үөрэнэрбит. Үөрэхтэнэн да диэхтээн, колхоз улэһиттэрэ буолбуппут. Сүөһү үлэтигэр үлэлии сылдьан ойоҕостотон хаалан балыыһа киһитэ буолбутум. Чоҥороҕо ол саҕана ыал бөҕө буолара. Маннык оҕолор бааллара: Николаев Савва Павлович, Борисов Иван Никифорович. Николаева Анна Нестеровна уо.д.а. Ас суоҕар өлүү бөҕөтө баара, аара суолга ыал кэрийээччилэр өлүтэлииллэрэ. Киһи хараастар дьыллара этилэр. Сэриигэ эр дьону илпиттэрэ, онон үлэ барыта дьахталларга, оҕолорго.
Ас-таҥас кырыымчык, илдьиркэй таҥастаах сылдьарбыт. Бары тэҥ буолан эйиэнэ үчүгэй, миэнэ мааны дэһии суоҕа.
Эдьиийдэрим куйуурдууллара. Балыктарын тымтайга толору сүгэн таһаараллара.
Тыбыс-тымныыга муҥхалаан кэлээри аччыктаан, тоҥон быстара сыһааччыбыт. Балыкпытын аттаах дьоҥҥо уурдарарбыт. Собо бөҕө буолара, онон аһаан киһи буолбуппут, бурдук хаһыҥҥа былдьанан хаалара.
Львова Мария Никифоровна
Сэрии саҕаланыытыгар 13-тээх оҕо этим. Ол инниттэн 39 сыллаахтан аҥаардас ийэ оҕото буоламмын колхозка араас үлэни үлэлии сылдьар кэмим этэ. Кыһыныгар оскуолаҕа үөрэнэр этибит. Чоҥороттон сатыы сылдьыбыппыт:
Егорова Екатерина, Львов Петр, Саввинов Дмитрий, Тимофеев Сүөдэр, Петр, Борисова Маня, Борисов Уйбаан. Сарсыарда эрдэ туран сүүрүүнэн кэлэрбит, киэһэ хараҥаҕа төннөрбүт, ыһыкпыт лэппиэскэ. Онтон сэрии саҕаланаатын оскуолаттан уурайбытым. Маҥнай сэрии саҕаламмытын митинг тэрийэн эппиттэрэ, дьоннор онно чахчы соһуйан, куттанан истибиттэрэ. Бастакы ыҥырыыга, кэлин өйдүүрбүнэн, Бэллигирээнэп Лaaһap, Киргиэлэйэп Баһылай, Барыыһап Бүөтүр, Барыыґһап Махсыым уо.д.а. ыҥырыллыбыттар эбит.
Мин ол кыһын хотон харабылынан үлэлээбитим. Хотон харабыла түүн тымтыктаах сылдьан мэлдьи кэрийэ сылдьыахтаах, сааҕы утары күрдьүөхтээх, ынах иигин сотуохтаах, төрөөрү гыммыт ынах оннун сууйуохтаах, оҕотун көрүөхтээх-харыйыахтаах. Xaһaн баҕарар кэлэн бэрэбиэркэлээн барааччылар, онон утуйбаккын. Саас постояннай доярка буолбутум, онтон ыла сүөһү үлэтигэр сылдьыбытым, ол быыһыгар колхоз араас үлэтиттэн маппатаҕым.
Үлэһит илии тиийбэт, үлэ хара баһаам этэ. От, бурдук үлэтэ, ноһуому бааһынаҕа таһыы, хаар типтэриитэ, хоруу хаһыыта, от-мас тиэйиитэ, дьаам таһыыта. Сайынын бaһaap буоллаҕына онно илдьэллэрэ. 1942 сыллаахха Бүлүүгэ Мастаах сиригэр улахан бaһaap буолбутун, онно от кээһэ сылдьыбыт 5 киһи, 1 оҕус ыксаан, уоттан куотан, уулаах бадарааҥҥа түһэн уокка сиэммэтэхтэрин, ол гынан баран тумнастан өлбүттэрин дьонноро булбуттар диэни олус дьулайа истибиппит.
Биһиги колхозка председателинэн Саввинов Семен үлэлээбитэ. Кини чахчы үтүө сүрэхтээх, дьаһаллаах салайааччы этэ. Кини үтүөтүнэн биһиги колхозка хоргуйан өлбөтөхтөрө. Колхоһун дьонугар, көрө сылдьан, 1.5-лыы, 2-лии киилэ бурдук оҕото түҥэтэрэ. Муҥхалатан баран кыра бычаахтары ыалга үллэрэрэ. 300-туу грамм эриллибит үүтү хас биирдии ыалга тиксэр курдук дьаһайара. Ол үрдүнэн сороҕор аспытынан быста сыһарбыт, оччоҕо куйуурдаан өрүһүнэрбит. Билигин оччотооҕу кэми саныахха ыарахан. Сэрии кэннэ ол үлүгэрдээх күүстээх үлэҕэ сылдьан бэс ыйыгар ыччаттар мустан оһуокайдыыр этибит. Хантан истиһэрбит буолла, сороҕор Далыртан, Боотулууттан тиийэ кэлэллэрэ.
Саамай оонньуохтаах-көрүлүөхтээх оҕо сааспыт сэрии кэмигэр ааспыта.
Кюрядисова Варвара Павловна
Эбэм аата – Кюрядисова Варвара Павловна. 1934 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Маҥаас нэһилиэгэр «Сталин» колхоз Чоҥоротугар төрөөбүтэ. Мэник-тэник оҕо сааһыгар сэрии буолбутун истибит. Сэриигэ бараары мустан турар дьону көрөн дьиктиргээбит. Дьахталлар ытаһаллар эбит.
Хас да сыл ааспыт. Эбэм от мунньар эбит. Кыраабылы тутарга, оту харбыырга аҕата Кюрядисов Павел Андреевич үөрэппит. Чинэки диэн сиргэ оскуола баар эбит. Онно 2-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына сэрии бүппүтүн истибит.
Ийэтэ, Кюрядисова Евдокия Дмитриевна, өлөн салгыы үөрэммэтэх.
Сэрии кэнниттэн Токоемова Анна диэни кытта кунаннары айааһыыллара үһү. Кэлин бөһүөлэк көһүүтүгэр, тыаттан бэрэбинэ таһыытыгар үлэлээбит. Ол саҕана молохо диэн сыарҕанан таһаллара таҥнастан сордуура үһү.
Дьэ онтон үйэ сайдан испит. Эбэм фермаҕа ыанньыксытынан, үүт эрийээччинэн, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. Ол сылдьан иккитэ сельсовет депутата буола сылдьыбыт. Кэлин ыал буолан ферматтан уурайбыт. Эбэм олоҕун эриэккэстэрин кэпсээтэҕинэ бүппэт.
Попов Василий Николаевич
Мин 1938 сыллаахха Маҥаас нэһилиэгэр, оччотооҕу «Саҥа олох» колхозка Харбалаах диэн күөлгэ төрөөбүт. Кыра эрдэхпинэ Бэттиэмэҕэ көһөн кэлэн олорбуппут.
1946 сыллаахха күһүн Харбаалаҕа кэлэн I кылааска үөрэммитим. Оччолорго оскуола билиҥҥи деткомбинат өттүгэр этэ.
1949 сыллаахха итиннэ III кылааһы бүтэрбитим уонна I Боотулуга үөрэммитим. Онно IV кылааһы бүтэрэн баран, V кылаастан VII кылааһы бүтэриэхпэр диэри манна (Маҥааска) үөрэммитим. VII үөрэнэ сылдьан бу оскуола историятыгар биһиги бастакы комсомолецтар этибит. Бастаан ааҕарга-суруйарга үөрэппит учууталларбынан Борисовтар – Захар уонна Степан Николаевичтар, Акимов Петр Акимович, Николаев Н.Н. этилэр.
Идэбинэн инженер-судомеханикпын, 12 сыл хоту Халыма – Индигир пароходствотыгар үлэлээбитим, онтон 1969 сылтан Боотулууга кэлэн тыа хаһаайыстыбатыгар 10 сыл үлэлээбитим. Бастаан дизельнэй электростанцияҕа, онтон отделение инженер-механигынан, совхоз саҥа тэриллибитигэр директоры хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитим.
1979 сылтан билиҥҥэ диэри Боотулуутааҕы совхозробкооп солбуйааччы председателинэн үлэлиибин.
Васильев Егор Трофимович
Мин оскуолаҕа 1945 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Оскуолабыт Өндөрөй уҥуоҕун аттыгар кыра дьиэҕэ этэ, маҥнай үөрэнэ тиийдэхпинэ сүрдээх улахан дьиэ курдук көстүбүтэ. Оскуола биир хоһугар Николаев Романнаах остуорастаан олороллоро. Оскуолабыт 4 кылаастаах, 2 учууталлаах этэ. Учууталларбыт уончалыы оҕолоох иккилии кылааһы үөрэтэллэрэ. Маҥнайгы учууталым Елизавета Даниловна, кини биһигини сүрдээҕин кыһанан үөрэтэрэ. Биһиэхэ дьиэбитигэр чаастатык сылдьар буолара, уруокка бэлэмнэнэрбитин хонтуруоллуура уонна көмөлөһөрө.
Иккис кылааска Борисов Захар Николаевич, үһүс кылааска Николай Николаевич үөрэппиттэрэ. Төрдүс кылаастан ыла Боотулуу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. 1966 с. Москватааҕы 1 медицинскэй институту бүтэрэн, Алексеевскай (урукку Таатта) Баайаҕа нэһилиэгэр бырааһынан ананан кэлбитим. Ити участковай балыыһаҕа 5 сыл үлэлээн баран, оройуоннааҕы туб. Диспансерга главнай бырааһынан анаммытым, онтон ыла туб. диспансерга иккис сылбын главнай бырааһынан үлэлии сылдьабын. Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмытым, 1979 сыллаахха Кишинев куоракка буолбут Бүтүн Союзтааҕы фтизиатрдар съезтэригэр делегатынан быыбарданан кыттыыны ылбытым. Сүрүн үлэм таһынан общественнай үлэҕэ эмиэ кыттабын, ол курдук, оройуоннааҕы балыыһа маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэҕэ кэккэ сылларга секретарынан үлэлиибин.
Төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгим, маҥнай үөрэммит оскуолам бары үөрэнээччилэригэр, пионердарыгар, комсомолецтарыгар уонна учууталларыгар туйгун доруобуйаны, үөрэххитигэр-үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Егор Трофимович ВАСИЛЬЕВ,
быраас. 3.12.1981 с.
Ийэлээх аҕам кырата бэрт, сатаан хааман сылдьыа суоҕа диэн эрдэ оскуолаҕа биэрбэтэхтэрэ. Онон тоҕус саастаахпар оскуолаҕа киирбитим. Ол саҕана Маҥаас оскуолата сэттэ кылаастаах этэ. Арыылаах диэн сиртэн биэс биэрэстэни хааман үөрэммитим. Михайлов Спиридон Иннокентьевич диэн сэрииттэн эргиллибэтэх таайым оҕолорун Ульянаны, Уйбааны кытта аргыстаһан сылдьар этибит. Оскуолаҕа үөрэнэрбэр буспут куобах буута ыһыктаах буоларым, онтум тоҥон хаалбатын диэн, хоонньубар укта сылдьарым. Атаҕым ыалдьара бэрт буоллаҕына аймахтарбар Харбаалаҕа, Васильев Сергей Васильевичтаахха, сороҕор атын аймахтарбар хонор этим.
Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына корь ыарыы турбута, онно Иванов Степан (Чыс) балта Мария диэн бииргэ үөрэммит кыыспыт олохтон туораабыта.
Биһиги үөрэнэр кэммитигэр тэтэрээт, кинигэ оскуолаттан биэрэр этилэр. Кинигэлэрбит эргэ да буоллаллар, бурдугунан тиэстэ оҥорон килиэйдээн илдьэ сылдьарбыт. Иккилии-үстүү буолан кыттыһан туһанарбыт. Суруйар чэрэниилэбит иһитэ хаппаҕа суох буолан тохтон эрэйдиирэ. Айаммыт да уһуна уонна кумааҕынан бүөлүүрбүт оборон ылан, куруук чэрэниилэтэ суох буолааччыбын. Ону хата Максимов Данил Спиридонович (кэлин прокурор буолбута) чэрэниилэтинэн туһанарбын көҥүллээччи.
Нуучча учуутала баарын өйдүүбүн, Роженцов Лев Владимирович диэн быһыылааҕа. Ол учуутал барахсан үөрэтэрэ үчүгэй этэ диэн өйдөөн хаалбыппын. Бииргэ үөрэммит оҕолорум Петров Захар Евгеньевич, Токоемова Мария Кононовна, Максимова Христина, Васильев Иван Алексеевич (билигин Горнай улууһугар олорор), Петрова Мария, Герасимов Николай Егорович, Максимов Данил Спиридонович этилэр.
Корь ыарыы кэнниттэн ойоҕостотон санаторийга үс сыл эмтэммитим, онон Маҥаас оскуолатыгар уон үс сааспар диэри үөрэммитим. Уон алта сааспыттан фермаҕа ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитим. Ийэм эрдэ олохтон туораан, балтыларбын, бырааппын атахтарыгар туруораары салгыы үөрэммэтэҕим.
Бырааппын Спиридону, балтыларым Мария, Александра үрдүк үөрэхтэнэллэригэр көмөлөспүтүм.
Оҕолорум Маҥаас оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Улахан кыргыттарым Айталина, Светлана Маҥаас оскуолата аҕыс кылаастаах буолан Далыр, Боотулуу орто оскуолатыгар салгыы үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Үһүс кыыһым Мотрена Үөһээ Бүлүү иккис нүөмэрдээх физмат оскуолатын ахсыс кылаастан үөрэнэн бүтэрбитэ. Кыра кыыһым Александра Маҥаас орто оскуолатын бүтэрбитэ.
Онон быраатым, балтыларым, оҕолорум, сиэннэрим араас кэмҥэ Маҥаас оскуолатыттан кынаттанан бары үөрэхтээх дьон буолбуттара. Мин Дьокуускай куоракка сиэннэрбин, хос сиэннэрбин көрөн олорбутум сүүрбэ сыл буолла.
Маҥаас оскуолатыгар араас кэмнэргэ эргиччи дьоҕурдаах, үлэлэригэр бэриниилээх, дьоһуннаах учууталлар үлэлээн ааспыттара. Үөрэммит оскуолабытын өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Билигин үлэлиир коллективка айымньылаах үлэни баҕарабын! Үөрэтэр ыччаккыт ситиһиилэринэн үөрдэ-көтүтэ турдуннар, эһиэхэ махталлаах буоллуннар!
Ирина Саввична ВАСИЛЬЕВА,
үлэ бэтэрээнэ.
Дьокуускай к., 2016 с.