МАҤААС НЭҺИЛИЭГЭР ҮӨРЭХ САЙДЫЫТА 1928 СЫЛЛААХХА
Маҥаас нэһилиэгэр үөрэх сайдыыта 1928 сыллаахха арыллан үлэлээбит ликбез пуунуттан саҕаланар эбит. Аҕа саастаах дьон кэпсииринэн, 1928 сыллаахха Чоҥороҕо Егоров Иван Константинович (Дьабадьы уола), Васильев Алексей Петрович (Күүстээх Мордьоноохоп) икки сыл улахан дьону үөрэппиттэр.
Ол эрэн оскуола аһыллыыта нэһилиэк дьоно аҕа уустарынан, алаастарынан тарҕанан олордохторуна «Саҥа олох» колхоз киинигэр Бэттиэмэҕэ «Түүлээх» аҕатын ууһун сиригэр, 1930–1931 үөрэх сылыгар буолбут. Бу сыл биллиилээх Иванов-Ханды баай сиэнэ Ханды Иннокентий Никитич 42 оҕону икки сменанан (оскуола Тюляхская начальная школа – диэн ааттаммыт) үлэлээбит.
1931–1932 сс. кинини кытта Веревкина Клавдия Ивановна диэн Бүлүүттэн төрүттээх учууталынса үлэлэспит. Бу сыл оскуолаҕа 30 оҕо үөрэммит.
1932–1933 сс. Ханды И.Н., Никифорова Варвара Алексеевналыын салгыы үлэлиир. Ханды И.Н. оннугар Электриков Ефим Егорович диэн (Арбаҥда киһитэ) үлэлиир. Ол сылдьан уһун өрөбүлгэ дьиэтигэр ойоҕостотон өлөр. Онон кини оннугар Николаев Олимпий Николаевич кэлэн үлэлээбит. Түүлээх оскуолатыгар үөрэммит дьон ааттара-суоллара, кинилэр туох дьылҕалаахтара ааспыт уонунан сыллар хаардарынан сабыллыбыт. Ол эрэн аҕыйах киһи туһунан дьон маннык кэпсиир:
1. Саввинов Василий Игнатьевич – Иркутскайдааҕы художественнай институту бүтэрээри сылдьан, Финскэй сэриигэ 1940 с. өлбүт.
2. Тоноев Марк Алексеевич – прокурор буолан Өлөөнүнэн, Анаабырынан, Кэбээйинэн сылдьан үлэлээбит.
3. Данилов Николай Никифорович (Данилова Мавра Никифоровна быраата) Аллайыахаҕа учууталлыы сылдьан ууга түһэн өлбүт.
4. Саввинов Николай Игнатьевич. Бүлүү училищетын бүтэрээри сылдьан ыалдьан өлбүт.
Бу кылгас испииһэги да көрдөххө, бу оскуолаҕа үөрэммит үтүөкэн дьон үүнэн иһэн олох долгунугар оҕустаран: сэрии, тиийиммэт-түгэммэт олох охсуутугар түбэһэн кылгас үйэлэммиттэр эбит.
Дьиэ кыараҕаһын иһин иккис сылыгар саҥа маһынан 1 көрүдүөрү, 2 кылааһы эбии тардаллар. Оскуола тутуутугар уус, үлэни кыайар-хотор дьоннор үлэлээбиттэрэ.
1. Егоров Николай Ефремович-Саллар, Чоҥороттон.
2. Тимофеев Семен Тимофеевич — Оруһуок, Арыылаахтан.
3. Попов Николай Иванович-Чөкөллө, Орто күөлтэн.
4. Иванов Николай Иванович-Күүлэйэп, Мотуруостан.
5. Дмитриев Лев Дмитриевич-Күтэр уола, Арыылаахтан.
6. Тимофеев Тимофей Тимофеевич-Такыалай, Орто күөлтэн.
7. Васильев Трофим Васильевич, Арыылаахтан уо.д.а.
Оһохторун кирпииччэтин Боруллуоттан Иннокентий Ханды кураанах турар дьиэтиттэн ылбыттара, маны таһынан ыаллартан түһүк быһыытынан 50-нуу кирпииччэни тастарбыттара. Онон оскуола тутуутугар, атын боростуой үлэлэригэр нэһилиэк олохтоохторо элбэх көлөһүннэрин тохпуттара.
1934 сыллаахха Бүлүү көбүөрүнэтин салалтата «Түүлээх» начальнай оскуолатын Чоҥороҕо көһөрөргө уураах таһаарар. Бу сыл оскуола дьиэтин Чоҥороҕо «Сталин» колхоз сиригэр көһөрөллөр. Ордубут дьиэҕэ үөрэх дьыла түмүктэнэр. Ол курдук, саас оскуоланы көһөрүү саҕаланар.
Көһөрүү кэмигэр үгүс тутуу бэрэбинэтэ сүтэр, алдьанар даҕаны. Бу көһөрүүнүү көһүлээбит киһинэн Маҥаас нэһилиэгин ыччата, бастакы үөрэхтээҕэ, коммунист Захар Николаевич Борисов буоларын (саһарбыт архивнай докуменнар кэрэһилииллэр) алта уон биэс сылтан тахсан баран биллибит. Оскуола тутуута сайын устата ыытыллан баран, үөрэх дьылыгар толору ситэриллэн бүтэр. Бу тутууну тэрийсибит, көҕүлээбит киһиэхэ Захар Борисовка махтал, баһыыба тылын этэн туран, анал дастабырыанньа туттарыллар.
1934–1935 үөрэх сылыгар Чоҥороҕо Маҥаас начальнай оскуолата аһыллан үлэлээбитинэн барар. Оскуола сэбиэдиссэйинэн 7 кылаас үөрэхтээх Нам нэһилиэгин ыччата Михаил Семенович Романов, иккис учууталынан Көтөрдөөх ыччата Кудашев Герасим Игнатьевич үлэлииллэр. Начальнай оскуолаҕа барыта 80-ча оҕо түөрт кылааска үөрэммиттэр. Бу үөрэх дьылыгар Чинэкиттэн, Оноҕосчуттан, Тимирдьиттэн, Харбаалаттан, Бэттиэмэттэн, Мотуруостан, Көтөрдөөхтөн үөрэммиттэр.
Учууталларынан араас сылларга үлэлии сылдьыбыттара:
1. Анисимов Василий Захарович
2. Дягилев Павел Андреевич
3. Поскачин Софрон Иннокентьевич
4. Тимофеев Иван Николаевич
5. Данилов Василий Егорович
6. Николаева Анастасия Николаевна
7. Борисов Степан Николаевич
8. Боескоров Гаврил Данилович
9. Николаев Олимпий Николаевич
10. Федотов Петр Герасимович
11. Соргоев Кирилл Николаевич
12. Борисов Захар Николаевич
Бу дьон билигин суохтар. Кинилэр нэһилиэк дьонугар үөрэх-билии сырдык аартыгын арыйсыбыттарыгар барҕа махтал буолуохтун.
1937–1938 үөрэх сылыгар урукку сэбиэдиссэй Алексеев Егор Гаврильевич оннугар Сургуулук киһитэ Боескоров Гаврил Данилович үлэлии кэлэр.
1939–1940 сыллаахха оскуоланы Харбаалаҕа – нэһилиэк киинигэр көһөрөллөр. Онно үс киһи Боескоров Гаврил Данилович, Прокопьев Прокопий Степанович, Васильева Мария Петровна үлэлииллэр.
Сэрии кэнниттэн, Борисов Захар Николаевич Сургуулукка үлэлии барбытын кэннэ, Акимов Петр Акимович (Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Маҥаас нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, өр сылларга советскай-партийнай үлэҕэ үлэлээбит, культура, сибээс уонна сэрии ветерана) үлэлээбит.
Ол саҕана 1948–1953 сыллардаахха Акимов Петр Акимович оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлиир кэмигэр 4 кылаастаах оскуолаҕа икки учуутал үлэлиирэ. Онон иккис учууталынан Николаев Николай Николаевич үлэлээбитэ.
1939 сыллаахха Чоҥоро оскуолатын Харбаалаҕа Маҥаас нэһилиэгин киинигэр көлөнөн тиэйэн киллэрбиттэрэ уонна 20 тыһыынча солкуобай үбүнэн саҥа маһынан эбии тардан бөһүөлэк хотугулуу-арҕаа өттүгэр туруорбуттара. Үлэни былааннаан тэрийбиттэрэ: сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Васильев Павел Данилович уонна оскуола сэбиэдиссэйэ Акимов Петр Акимович. Тутуу ыстаамсыгынан Донской Василий Андреевич этэ. Оччотооҕу ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрээри, бу дьиэҕэ 4 хоһу уонна 1 көрүдүөрү эбэн туппуттара. Оскуола дэриэбинэҕэ саамай көстүүлээх, бөдөҥ түннүктэрдээх, оҕону-улаханы сырдыкка угуйар дьоһуннаах дьиэ буолбута. Улахан бырааһынньыктарга, концертарга дьон-сэргэ түмсэн оонньуур-көрүлүүр этэ, нэһилиэк мунньахтара, быыбардара ыытыллаллара.
Сэрии кэнниттэн оскуола салгыы улаатар, 1950–1951 үөрэх сылыгар 7 кылаастаах оскуола аатын ылар, 1953 сыллаахха Софронов Николай Семенович сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Ону тэҥэ Сургуулуктан Борисов Захар Николаевич дойдутугар учууталынан үлэлии кэлбитэ.
1954 сыллаахха оскуола директорынан Титов Николай Михайлович (Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ ветерана), Далыртан кэлэн үлэлээбит.
Учууталынан үлэлииллэр:
Софронов Николай Семенович
Смирнова Людмила Ивановна
Миронов Александр Александрович
Еремисова Розалия Васильевна
Петрова Тамара Ивановна
Миронов Анисим Васильевич
Миронова Ульяна Васильевна
Львов Василий Степанович
Васильева Анна Васильевна
Роженцов Лев Владимирович
Князева Татьяна Владимировна
Алдьархайдаах сэрии кэнниттэн олох сыыйа көнөн, оҕо аймах ахсаана эбиллэн, нэһилиэк улаатан саҥа улахан оскуола наада буолта. Олох ирдэбилинэн олохтоох тутуу биригээдэтин тэрийэн, 60-с сылларга Эһэрдээх күөл бэтэрээ эҥээриттэн Уус күөлүнэн, Доҕор сайылыгар тиийэ, Баҕа Сиэбит диэки кэрдэн, барытын көлөнөн таспыттара. Оччотооҕуга Мэйиги, Далыры, Күүлэти холбоон, «Сталин» колхоз диэн ааттаан, улахан тутуулары көмөлөөн туталлара. Бу дьиэни балтараа сыл тутан, 1960 сыл үлэҕэ киллэрбиттэрэ.
Тутууга кыттыбыттара:
Михайлов Иосиф Игнатьевич
Иванов Степан Иванович
Герасимов Егор Андреевич
Яковлев Прокопий Степанович
Алексеев Павел Алексеевич
Яковлев Михаил Яковлевич
Семенов Василий Васильевич
Семенов Афанасий Андреевич
Львов Алексей Александрович
Григорьев Алексей Егорович
Попов Николай Иванович
Прокопьев Федор Прокопьевич
Львов Антон Ионович II
Кэлин 1980 сылларга спортивнай саала үлэҕэ киирбитэ. Эргэ дьиэлэри көтүрэн аҕалан мастерской корпуһа тутуллан, 1990 сылга толору үлэлээбитэ.
1995 сыл начальнай кылаастарга аналлаах корпус тутуута саҕаланан, иккис сылыгар үлэлээн барбыта.
2014 сыл, мастерской уонна буфет саҥа оборудованиенан хааччыллан, саҥа корпус үлэҕэ киирбитэ.
ТҮҮЛЭЭХ НАЧАЛЬНАЙ ОСКУОЛАТЫГАР 1931–1932 сс. ҮӨРЭММИТТЭР
1-кы кылааска
1. Дмитриев Захар Дмитриевич – Дмитриев Н.З. аҔата
2. Николаев Андрей Дмитриевич – Дадаскинов С.В. убайа
3. Николаева Анастасия Николаевна – Петров Семен кэргэнэ
4. Николаева Мария Николаевна – Кулука кыыһа
5. Семенова Мария Спиридоновна – Чаҕылыыс кыыһа, Тылгыны
6. Семенова Елена Спиридоновна – Борисов М.Н. кэргэнэ
7. Прокопьева Марфа Егоровна – Василий, Петр Николаевтар ийэлэрэ
8. Васильева Марфа – Өкөө кыыґа, Нюра ийэтэ
9. Федорова Марина Титовна – Иван Елисеевич ийэтэ
10. Федотов Афанас Петрович – Федотов Кеша убайа
11. Федотов Тарас Тимофеевич – Федотов Т.Т убайын уола
12. Иванова Ирина Степановна – Солобуой Ыстапаан кыыһа
13. Тимофеев Николай Игнатьевич – Тэлгэһэ уола
14. Тимофеев Егор Тимофеевич – Такыалай уола
15. Тимофеев Николай Тимофеевич – Такыалай уола
16. Афанасьев Егор Николаевич – Эппиэс ииппит уола
17. Афанасьев Афанасий Николаевич – Чайда уола
18. Семенов Степан Спиридонович – Семенов В.В. ииппит уола
19. Семенов Дмитрий Николаевич – Семенов Е.Н. бииргэ төрөөбүт убайа
20. Иванова Анастасия Титовна – Сонтороох Тиитэп кыыһа
21. Львов Иннокентий Никифорович-Быыкаанныыр
22. Григорьев Николай Степанович – Лаҥха Ыстапаан уола
23. Тимофеев Андрей Михайлович – Комплект бииргэ төрөөбүт убайа
24. Герасимова Евдокия Семеновна – Мааса Уоһугун балта
25. Егорова Мария Николаевна – Саллар Ньукулай кыыһа
26. Алексеев Анисим Степанович – Борооску уола
27. Иванова Александра Иннокентьевна – Күүлэйэп кыыһа
28. Семенов Афанасий Андреевич – Ойуур Өндөрөй уола
29. Петров Петр Петрович
30. Петров Семен Данилович – Томпоох уола
31. Иванов Иван Степанович
32. Саввинов Николай Игнатьевич – Саввинов Д.И. убайа
33. Дмитриева Екатерина Афанасьевна – Майор Дмитриев В.Н. ийэтэ
34. Степанов Сергей Егорович – Сүлбэ уола
35. Михайлов Николай Федорович – Михайлов Н.П. таайа
36. Михайлов Егор Иннокентьевич
37. Дмитриева Прасковья Дмитриевна – Буккун Данила кыыһа
38. Петров Семен Иннокентьевич – Бөлөчөөк уола
39. Соломонова Александра Алексеевна – Тооной кыыһа
40. Тоноева Мария Алексеевна балта
41. Герасимова Елена Андреевна – Эт Өндөрөй кыыһа
42. Семенова Варвара Васильевна – Лэппириэн ойоҕо
43. Васильева Марфа Егоровна – Таба кыыһа
44. Федотов Егор Степанович – Соҥкур Дьөгүөр
45. Герасимова Мария Даниловна – Томпоох кыыһа
2-с кылааска
1. Саввинов Василий Игнатьевич – Саввинов Д.И. убайа
2. Тоноев Марк Алексеевич – Тооной уола
3. Саввинов Николай Кириллович
4. Федотов Анисим Егорович
5. Григорьева Анна Васильевна – Орой кыыһа
6. Васильева Мария Петровна
7. Прокопьев Кирилл Гаврильевич – Муода уола
ОСКУОЛА САЙДЫЫТЫН КЭРДИИС КЭМНЭРЭ
1934 с. – оскуола Чонороҕо Сталин аатынан колхоз киинигэр көһөрүллүбүтэ.
1939 с. – оскуола Харбаалаҕа көһөрүллүбүтэ.
1950 с. – сэттэ кылаастаах оскуола аһыллыбыта.
1960 с. – оскуола саҥа дьиэтэ тутуллубута.
1965 с. – аҕыс кылаастаах оскуола аһыллыбыта.
1980 с. – өрүс бэтэрээ өттөгэр суох улахан, стандарка эппиэттиир спортивнай саала үлэҕэ киирбитэ.
1990 с. – орто оскуола аһыллыбыта.
1995 с. – начальнай оскуола саҥа корпуһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
30.04.1955г. Коллектив 7 класса.Алексеев Алексей,Васильева Александра,Борисов Степан,Егорова Елена,Николаева Варвара, Семенов Николай, Прокопьев Петр, Петрова Мотрена, кылаас салайааччыта Миронов Александр Александрович
20.04.1955 Дарю на память уважаемой подруге Елене. Храни и помни меня. С приветом Таня, эдьиийдэрэ учуутал Николаева Анастасия Николаевна
27.01.1954г слева направо Саввинов Николай, Прокопьев Петр, Семенов Никифор, Корякин Иван, Прокопьев Петр II
02.05.1955 с.
13.07.1957 с. Тимофеев Михаил Никитич, Иванов Николай Трофимович, Корякин Иван.
коллектив 8 класса 18.01.1956 г.
Саха сирин суруйааччылара Далан, Николай Габышев, Багдарыын Сулбэ оскуола5а ыалдьыттыыллар 1975 с.