Кып-кыра 
Чычып чаап
Хап-хара 
Харахтаах.
Кып кыра чычып чаап
Чыып чаап ырыалаах

Хоһоон тылларыттан саха оҕото тыла өһө, толкуйдуур дьоҕура уһуктан Петр Николаевич Тобуруокап хоһооннорунан  тылланар,  кини хоһоонноругар айыллыбыт ураты мелодиялаах ырыаларын олоҕун устата аргыс оностор.

Петр Тобуруокап олорбут дьоһун олоҕо, айар үлэтэ кэрэҕэ, ырааска, үрдүккэ сырдык сулус буолан угуйа туруоҕа.

“Туругура, тупса тур,

Тирэҕирэ, чиҥии тур,

Тоҕойдору туораан ис,

Арҕастары ааһан ис,

Саргы дьайаан Сахам тыла,

Сарыал санаа – Сахам тыла!”

Бу күннэргэ республикаҕа саха норуодунай поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сыла киэҥник бэлиэтэнэр. Саха уус-уран литературатын, культуратын историятыгар, саха норуотугар чахчы бэлиэ уонна үөрүүлээх түгэн.

Петр Николаевич 1917 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Opohy нэһилиэгэр Өлөкөөн диэн сиргэ орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан учуутал техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Поэт студенныыр кэмигэр, 1934 сыллаахха бастакы айымньыта «Колхозтаах Балбаара хоһооно» Бүлүү улууһун «Колхоз суола» хаһыатыгар бэчээттэммитэ.

Петр Николаевич 1937 сыллаахха педтехникуму ситиһиилээхтик бүтэрэн, учуутал дипломун илиитигэр тутар уонна олоҕун бүтүннүүтүн бу идэтигэр аныыр. Кини 1941-1942 үөрэх дьылыгар Тойоку оскуолатын директорынан үлэлии сылдьан, эдэр учуутал Евгения Васильевна Ноговицынаны кытары доҕордоһон, ыал буолар. Эдэрдэр дьылҕаларын холбообут күннэрэ дойдубут олоҕор уустук кэм этэ. 1942 сыллаахха Петр Николаевич Үөһээ Бүлүү военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Тобуруокап Сталинград фронугар сэриилэспитэ, наводчик-пулеметчик этэ. Илиитигэр ыараханнык бааһыран, Саратовтааҕы байыаннай госпитальга эмтэммитэ. Сэттэ ый сытан баран, 1943 с. демобилизацияламмыта.

Сэрии кэнниттэн учуутал Тобуруокап оҕо суруйааччытын быһыытынан саха литературатыгар киирбитэ. 1947 сыллаахха Өктөөп 30 сылыгар аналлаах республикатааҕы айар конкурска кыттыыта айар үлэтигэр улахан оруолламмыта. Кини «Буукубалар мунньахтара» поэмата уонна «Лыах» кэпсээнэ бастакы бириэмийэнэн бэлиэтэммитэ. Дьэ, ити кэмтэн Петр Тобуруокап суруйааччы быһыытынан норуотугар биллиитэ саҕаламмыта. Бастакы ситиһииттэн кынаттанан, поэт айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. 1957 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн киирбитэ. Поэт, уопсайа отут биэс кинигэлээх, айымньылара нууччалыы, английскай, польскай, чехтии тылынан бэчээттэммиттэрэ.

1991 сыллаахха сэтинньи 18 күнүгэр Петр Тобуруокапка Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Председателэ Михаил Николаев ыйааҕынан «Саха народнай поэта» аат иҥэриллибитэ. Суруйааччы Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх, «Үлэ Кыһыл Знамята», «Бочуот Знага» орденнарынан, элбэх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Петр Тобуруокап тус олоҕун уонна айар үлэтин кэрдиис кэмнэрэ Ийэ дойдутун, төрөөбүт норуотун историятын, дьылҕатын кытары быстыспат биир ситимнээхтэр. Кини нарын тыллаах лирик-поэт эрэ буолбатах, кини, бастатан туран, төрөөбүт дойдутун олоҕун, норуотун өйүн-санаатын хомоҕой хоһоонугар тиспит бэриниилээх гражданин, төлөннөөх патриот, бэйэтин кэмин суруйааччыта. Ол курдук кини гражданскай лирикатыгар биир улахан миэстэни сэрии, үлэ, эйэ, доҕордоһуу, космос тематыгар анаммыт айымньылар ылаллар.

Петр Николаевич сахалыы оҕо литературатын классигын быһыытынан биллэр, кини үгүс айымньылара үөрэх программатыгар киирэн оскуолаҕа үөрэтиллэллэр, үүнэр көлүөнэни билиигэ-сайдыыга сирдииллэр. Суруйааччы оҕолорго анаан суруйбут «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» (1970) уонна «Күннүүн оонньуур кү6рэгэйдэр» (1986) хомуурунньуктара ыччат дьон тапталлаах кинигэлэрэ буолбуттара.

Сэмэй майгылаах, айылҕаттан бэриллибит талба талааннаахПетр Николаевич Тобуруокап айбыта-туппута биһиэхэ, кэлэр көлүөнэҕэ, өрүү даҕаны сырдык сулус буолан кэрэҕэ угуйа туруоҕа, норуотуҥ сүрэҕэр сөҕүрүйбэт төлөн буолан сылдьыаҕа!

Саха сирин биир хомоҕой, сытыы тыллаах поэта, төрөөбүт тыл кэрэтин, мындыр өйүн саҥа кэмҥэ тиэрдээччитэ, саха мындыр өйдөөхтөрүттэн биирдэстэригэр Петр Тобуруокапка анаммыт тэрээһиннэр Саха сирин бары улуустарыгар киэҥ далааһыннаахтык ыытылла тураллар.
Ол курдук биһи нэһилиэкпитигэр ый устата улуу киһибитигэр аналлаах араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.

от admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *